Киин бибилэтиэкэ сонуннара
Е.А.Борисов аатынан киин библэтиэкэҕэ Кобельянова Лира Петровна ааҕааччыларга анаан дьиэтээҕи бибилэтиэкэтиттэн 22 уус-уран айымньылаах кинигэлэри бэлэх уунна. Бибилэтиэкэ кэлэктиибэ барҕа махталын тиэрдэр.
От ыйын 1 күнүгэр киин бибилэтиэкэҕэ Greenleaf эко-товардарынан дьарыктанар хампаанньа кэлэн бэйэтин бородууксуйатын нэһилиэнньэҕэ кэпсээтэ.
Е.А.Борисов аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ 2025 сылга РФ култууратын министиэристибэтин «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыагар кыттан граны ылары ситиспитэ. Көрүллүбүт үбүнэн үлэһиттэр идэлэрин үрдэтиннилэр, күн бүгүн оборудование, саҥа мебель, пуондаҕа саҥа кинигэлэр кэлэ тураллар. Мантан сайын бибилэтиэкэ дьиэтин аныгылыы тупсаран оҥоруу үлэтэ ыытыллыаҕа. Онон ааҕааччыларбыт, нэһилиэнньэбит олохтоохторо сотору кэминэн тупсаҕай оҥоһуулаах, сылдьарга бары өттүнэн табыгастаах бибилэтиэкэбитигэр кэлиэхтэрэ диэн долгуйа күүтэбит.







