Таҥха Хаан ыйа
Новости
Саха омуга үйэлэр тухары итэҕэлин иитэн, үгэстэрин ситимнээн кэлбитэ. Тохсунньу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Дойду сахалара билигин да инньэ дииллэр. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньуга аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Ити курдук таҥхаланыы диэн үөскээбит.
Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайынныны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сайын сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүнү күүтэллэр. Түүмэхтээх буоллаҕына, өҥ сайын битэ. Тохсунньу ыйы от ыйа батыһар. Ый алтыыта 9 күҥҥэ буолар. Таҥха тохсунньу 7 күнүттэн Саҥа уоту уматыынан саҕаланар уонна 19 күнүгэр диэри салҕанар. Таҥха төрдө — Таҥха Хаан. Бу киниттэн туттаран таҥхаһыттар диэн баар буолбуттар. Орто дойдуга бастакы таҥхаһыт Сээркээн Сэһэн эбит. Салҕыы өбүгэлэрбит туох сэрэбиэйи, таҥханы туһаналларын көрүөхпүт:
Ойбону иһиллээһин
Саамай тарҕаммыт таҥха сэрэбиэйэ ойбоҥҥо буолар эбит. Кэлэр кэми тымтыктаан көрүхтэрин баҕарар дьон эрдэттэн сүрэхтэрин уһулан, чорбоҕо суох ахсаанынан хомуллан баран, ойбон аттыгар суорҕанынан саптан сытан, иһиллииллэр эбит. Сүллүкүүннэр ойбонтон тахсан дьону көхсүгэ оҕустахтарына саҥа таһаарар сыыһа, саҥа аллайбатах киһиэхэ туох дьылҕа күүтэрин этэн биэрэр эбиттэр.
Сэргэни миинии
Сэрэбиэйдиир киһи дьиэтиттэн кэннинэн тахсар. Кэннинэн сэргэҕэ тиийэн көхсүнэн сыстан баран, маннык диэхтээх: «Тойон-муймур сэргэ, кэриэс тылгын кэпсээ, аман өскүн амалый». Бу тыллар этиллиннэхтэринэ сэргэ дьигиһийэн, хамсаан барар. Сэрэбиэйдиир киһи атаҕар уйуттан турдаҕына сэргэ киһилии туох буолуохтааҕын кэпсээн биэрэр, уйуттубатаҕына улаханнык ыалдьан өлүөн сөп.
Аттар кэпсэтиилэрэ
Кэбиһиилээх окко эрдэттэн биир киһи саһар. Ол от аттыгар ас кутан баран икки аты аҕалан баайаллар. Бу аттар бэйэ-бэйэлэрин билбэт атын-атын ыал, дойду ата буолуохтаахтар эбит. Аһаан баран киһилии хаһаайыннарын туһунан кэпсэтэн бараллар эбит, ол кэпсэтииттэн иннтктилэригэр туох күүтэрин билиэххэ сөп. Истэ сытар киһини аттар биллэхтэринэ күүскэ кырыыллар эбит.
Талаҕы анньыы
Сэрэбиэйдэртэн эмиэ биир сүрүннэрэ. Суол аттыгар дьиэлээх дьон ахсааннарынан талах анньар эбиттэр. Хас биирдии талаҕы кимиэхэ эрэ аныыллар. Сарсыарда талахтар бары хороччу турар буоллахтарына дьиэлээхтэр бары этэҥҥэ сылы туорууллар, онтон ким талаҕа иҥнэйбит эбэтэр охтубут, ол улаханнык ыалдьыан эбэтэр өлүөн сөп.
Хорҕолдьун кутуута
Хорҕолдьунун уулларан баран тымныы ууга куталлар уонна туох быһыыны ыларын көрөн киһи дьылҕатын быһаараллар. Бытарыйыы эбэтэр элбэх чааска үллэрии — өлүү. Биир улахан куһуок — чэгиэн буолуу, оҕолонуу-урууланыы.
Иҥиир саптарынан сэрэбиэйдээһин
Хоруудалаах ууга эдэр уоллаах кыыс аатын ааттаан баран иккилии иҥиир сабы быраҕаллар. Ууга илийэн саптар хамсаан, эриллэннээн киирэн бардахтарына бу дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта «эрийсииһилэр», «үчүгэйдээри гыммыттар» диэн буолар эбит, оттон саптар бэйэ-бэйэлэриттэн тэйистэхтэринэ бу дьон бииргэ буолуо суохтар диэн быһаараллар эбит.





