Үчүгэй доҕор –дьылҕа бэлэҕэ

  1. Доҕоор, дьиҥнээх доҕордоһуу

Оттуллубут оһох курдук:

Умуруоруоҥ ол оһоҕу –

 иккиһин отторуҥ уустук.

Доҕоруҥ махтал саҥата,

Доҕоруҥ сэмэ да тыла

Дуорайбакка да туран,

Этиллибэккэ да туран,

Эн сүрэххэр күүс угуо,

Эн аартыккын сырдатыа.(Семен Данилов)

  1. Үчүгэй эрэллээх доҕордоох диэн улахан дьол быһылаах. (Софрон Данилов)
  2. Доҕордуу дьоҥҥо

Үөрүү да үксүүр,

Үлэ да чэпчиир,

Ким дьиҥнээх доҕордоох –

Ол дьоллоох! (Бүөтүр Тобуруокап)

  1. Ойуур үөһүгэр үүммүт мастар

Орулуур тыалтан охтубаттар –

Үтүөкэн доҕоттордоох дьоннор

Өрүү дьулурҕа санаалаахтар. (Семен Руфов)

  1. Хаһан да түһэн биэримэҥ – доҕор эрэлин,

Туһанымаҥ – бэриллибит итэҕэлинэн. (Иван Мигалкин)

  1. Дьиҥнээх доҕору кэбиһиилээх окко түспүт сулумах иннэни көрдүүр курдук көрдөөн булуохха сөп. Оччоҕо эрэ кинини олоҕуҥ устата сүтэриэҥ суоҕа. Түбэһиэхчэ киһи доҕор, табаарыс буолбат. (Николай Босиков)
  2. Доҕор… Доҕордоһуу… Ама, эйиэхэ доҕор курдук чугас, наадалаах киһи баар буолуо дуо? Дьиҥнээх, истиҥ,эйэҕэс доҕоро суох киһи, кырдьык даҕаны, суос-соҕотох. Санааҕын эппэккин, былааҥҥын, ситиигин-хотуугун, хомолтоҕун кимниин да үллэстибэккин, дууһаҕын чэпчэппэккин.
  • Эрэнии – доҕордоһуу биир суол тутааҕа. Эрэнэргиттэн кистэлэҥ санааҕын, үрдүк үөрүүгүн, бэл диэтэр хомолтоҕун бииргэ үллэстэҕин. Бэйэҕэр үтүөнү оҥорууттан буолбатах. Киһиэхэ үтүөнү оҥорон чугаһыыгын, эрэллээх буолаҕын.
  • Доҕор барахсан – оҕо сааска эрэллээх аргыс, тумаҥҥа муннахха, хараҥаҕа хаайтардахха – суолдьут сулус, кырдьар сааска – күндү баай.
  • Хардарыта өйдөһүү – доҕордоһуу биир сүрүн тутааҕа. Өйдөһүөх дьон кыраттан да өйдөһөллөр. (Б.Н.Попов)
  1. Доҕор киһигин доҕолоҥнотон баран

Долгуйдаххына эрэ –

Дааргы өйгүттэн кэмсинэн

Дар уҥуох хаҕыҥ хаалар. (Семен Маисов)