Төлөй нэһилиэгэ

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буойуннарыгар  өйдөбүнньүк

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруйааччы Алексей Спиридонович Бродниковка өйдөбүнньүк

Төлөйтөн Улуу сэриигэ, ситэтэ суох  ааҕыынан, 96 эдэр киһи кыттыбыта. Кинилэртэн 40 киһи дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.Москва, лениград, Сталинград, Ильмень күөл, Курскай Тоҕой уот холоруктарыгар сылдьыбыттара, Берлини штурмаласпыттара.Нэһилиэктэн 1941 с. повестка  тутан сэриигэ аттаммыттара 27 киһи, 1942 с. – 37 киһи, 1943 с. – 27 киһи, 1945 с. – 5 киһи.

Төлөй: икки кинигэлээх / «Төлөй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата ; [эрэд.сүбэ: Н.Н.Аммосов (сал), А.А.Захаров].- Дьбокуускай:и Бичик, 2017. — 502 с.

  1. Аммосов Алексей Михайлович — 1919с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1942с.бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 25 күнүгэр Ленинградский уобалас Кретцы дэриэбинэ сэриитигэр өлбүтэ.
  2. Быганов Гаврил Алексеевич — 1921 с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  3. Быганов Семен Кириллович — 1912с.т. Комсомоллаах. «Торут» колхоз. ЯНВШ үөрэхтээх. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр барбыта. Сэрии толоонугар сылдьан өлбүтэ.
  4. Васильев Иван Петрович — 191 бел. 1942с. ахсынньы 10 күнүгэр Калининскай уобалас Ряднева дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  5. Григорьев Павел Егорович — 1921 с.т. «Төрүт» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. олунньу 21 күнүгэр Ленинградской уоба­лас Горчица селоҕа өлбүтэ.
  6. Гуляев Афанасий Прокопьевич — 1925с.т. ЧПУ студена. Комсомолла­ах. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1539-е воинскай чааска түбэспитэ. Читинскэй уобалас Ононскан оройуон Усть-Борзя бөһүөлэккэ 1944с. бэс ыйын 13 күнүгэр өлбүтэ.
  7. Гуляев Егор Ильич — 1918с.т. «Төрүт» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр барбыта. 44193 полевой почтами тубэспитэ. 1943с. олунньу 15 күнүгэр Ростовскай уобалас Б-Крепинскай оройуоҥҥа буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  8. Гуляев Иван Михайлович — 1921 с.т. «Төрүт» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. Гв.старший сержант. 104-е СД 328-е гв СП түбэспитэ. Венгрияҕа Балкина селоҕа сэриилэһэ сылдьан 1945с. кулун тутар 2 күнүгэр өлбүтэ.
  9. Гуляев Роман Николаевич — 1920с.т. «Төрүт» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сэриигэ өлбүтэ.
  10. Гуляев Семен Семенович — 1916с.т. «Төрүт» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1942с. сэтинньи 23 кунугэр Курскай уобалас Саксковскай оройуон Клейтеново селоҕа буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  11. Дьячковская Дмитрии Степанович I — 1907с.т. «Төрүт» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар МТС-ка үлэлии сылдьан барбыта. 1942с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  12. Дьячковскай Михаил Афанасьевич — 1919с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  13. Дьячковскай Роман Степанович — 1915с. г. «Олоххо киирии» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  14. Захаров Александр Николаевич — 1909с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  15. Захаров Алексеи Иванович — 1909с.т. «Төрүт» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 кунугэр барбыта. 1942с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  16. Захаров Алексей Николаевич — 1921 с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 48450 воинскай чааска тубэспитэ. Баайырыытыттан 1944с. ыам ыйын 30 күнүгэр өлбүтэ. Крымскай АССР Балакламскай оройуон Чоргун селоҕа көмүллүбүтэ.
  17. Захаров Афанасий Алексеевич — 1921 с.т. «Калинин» колхоз. Комсомол­лаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 25619 — нолевой почтаҕа түбэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр Курскай уобалас Крапивинскай дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  18. Захаров Василий Герасимович — 1920с.т. Учуутал. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кулун тутарга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  19. Захаров Дмитрий Васильевич — 1906с.т. «Төрүт» колхоз председателя. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. 252-с СД 932-с СП түбэспитэ. 1942с. алтынньы 21 күнүгэр Сталинград куорат Кузьмичи селоҕа өлбүтэ.
  20. Захаров Егор Гаврильевич — 1919с.т. Младшай лейтенант. ЯНВШ үөрэхтээх. Комсомоллаах. ОСО председателя. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 358-с СД 1189-с СП түбэспитэ. 1942с. от ыйын 20 күнүгэр Смоленский уобалас Демидовский оройуоп Савицки дэриэбинэ сэриитигэр өлбүтэ.
  21. Захаров Егор Устинович — 1912с.т. «Калинин» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  22. Захаров Константин Афанасьевич — 1918с.т. «Калинин» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 4-с гв. Кубанский казачий кавалерий­скай корпуска түбэспитэ. Чехословакияҕа Женберовцы селоҕа 1945с. тохсунньу 7 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ.
  23. Захаров Петр Иванович — 1909с.т. Партия чилиэнэ. Кыһыл бартыһаан. Сержант. 1938 сылтан сулуусналыыр. 49-е СД 45-е СП полит.тэрийээччи. 2-тэ бааһырбыта. Бааһырыытынан Москва куоракка эмтэнэ сытан өлбүтэ. 1943с. ыам ыйын 12 күнүгэр бааһырбыта.
  24. Захаров Роман Алексеевич — 1921с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар МТС-ка үлэлии сылдьан барбыта. 265-е СД 450-е СП тубэспитэ. 1942с. балаҕан ыйын 19 күнүгэр Ленинградскай уобалас Тартолово дэриэбинэ икин буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  25. Захаров Семен Яковлевич (Николаевич) — «Калинин» колхоз. Ситэ чуолкайдаммата.
  26. Максимов Иван Ефимович — 1912с.т. «Торут» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Туспа саперная батальоҥҥа түбэспитэ. 1943с. олунньу 16 күнүгэр Гомелевскай уобалас Веткинскэй оройуон Новоселки дэриэбинэҕэ буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  27. Максимов Семен Петрович II — 1925с.т. «Төрүт» колхоз. Комсомол­лаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 987-е СП түбэспитэ. Бааһырыытынан 1944с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр Ленинград куоракка өлөн Пискаревскай кладбищеҕа көмүллүбүтэ.
  28. Малышев Михаил Афанасьевич — 1900с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сулууспалыы сылдьан ыалдьан Молотовскай уобаласка өлбүтэ.
  29. Петров Роман Прокопьевич — 1910с.т. «Төрүт» колхоз. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Сэриилэкэ сылдьан өлбүтэ.
  30. Пинигин Иван Васильевич — 1912с.т. «Калинин» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  31. Попов Василии Николаевич — 1910с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 270-с СД 977-с С11 түбэспитэ. 1944с. тохсунньу 13 күнүгэр Витевскай уобалас Гребенники дэриэбинэҕэ буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  32. Попов Владимир Гаврильсвич — 1921с.т. 1942с. бэс ыйыгар МТС-ка трак­тористы сылдьан ыҥырыллыбыта. Ыараханнык бааһыран госпитальга сытан 1943с. балаҕан ыйын 8 күнүгэр өлбүтэ. Пензенской уобалас Чаадаевко дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ.
  33. Попов Егор Ильич — 1902с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 20-е туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. тохсунньу 7 күнүгэр Молотов куорат балыыһатыгар сытан өлбүтэ.
  34. Попов Егор Петрович — 1912с.т. «Олоххо киирии» колхоз. Комсомоллаах. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  35. Попов Степан Кириллович — 1910с.т «Олоххо киирии» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Сэрии хонуутугар сылдьан өлбүтэ.
  36. Скрябин Василий Николаевич — 1911с.т. «Төҥүргэстээх» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Москва көмүскэлин иһин сэриигэ киирсибитэ. 1941с. ахсынньыга Тула куорат аттыгар өлбүтэ.
  37. Скрябин Егор Семенович — 1907с.т. «Төҥүргэстээх» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 кунугэр барбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  38. Смирников Василий Иннокентьевич — 1915с. г. «Калинин» колхоз. 1941с. балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта. 29-с СД тубэспитэ. Калининскай уобалас Великолукский оройуон Ступина дэриэбинэ иһин сэриигэ 1942с. сэтинньи 25 күнүгэр өлбүтэ.
  39. Хоютанов Василий Михайлович — 1917с.т 1940с. сулууспалаабыта. Сэриилэһэ сылдьан ыалдьан Калинин куорат балыыһатыгар 1943с. бэс ыйын 2 күнүгэр өлбүтэ.
  40. Хоютанов Егор Устинович — 1920с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. 954-с СИ түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 1-гы күнүгэр. Курскай уобалас Демитреевскэй оройуон Богусловка дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  41. Оконешников Алексей Гаврильевич — 1913с.т. 1943с. бэс ыйыгар Дьокуускайга үлэлии олорон ыҥырыллыбыта.
  1. Абрамов Егор Харламньевич — 1905с.т. «Калинин» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 142-с арт складка түбэспитэ. 1945с. сэтинньигэ эр­гиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
  2. Абрамов Прокопий Алексеевич — 1915с.т. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр Ор­джоникидзе оройуонуттан барбыта. 434-е СИ. 15-е гв механизированнай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1945с. эргиллибитэ. Дьокуускайга олорбута. Кыһыл Сулус орденнаах.
  3. Аммосов Ксенофон Кононович — 1920с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 129-е туспа суолу тутар батальоҥҥа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. кэлбитэ. 1999с. өлбүтэ.
  4. Борисов Николай Михайлович — 1925с.т. «Терут» колхоз. 1943с. бэс ыйы­гар барбыта. 365-е туспа гвард. Морской пехота батальонугар түбэһэн Япо­ния сэриитигэр кыттыбыта. 1948с. эргиллибитэ. 1953с. өлбүтэ.
  5. Борисов Трофим Михайлович — 1914с.т. «Төрүт» колхоз. 1943с. бэс ый­ыгар барбыта. 39-е СД 892-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1980с. өлбүтэ.
  6. Бродников Алексей Спиридонович — 1 917с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. Суруйааччы — комсомоллаах. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 20-е ту­спа хайыһар биригээдэтигэр 1117-е СП тубэһэн сэриигэ киирбитэ. Бааһыран 3158-е. 27832-е ЭГ эмтэммитэ. 1945с. эргиллибитэ. 1998с. өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах.
  7. Васильев Дмитрий Федорович — 1904с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сэриилэһэн этэннэ сылдьан 1945с. эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах.
  8. Гуляев Алексей Павлович — 1927с.т. Комсомоллаах. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр. Нам оройуонуттан ынырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан ыалдьан 322-е ЭГ эмтэммитэ. 1947с. эргиллибитэ. 1950с. өлбүтэ.
  9. Дьячковскай Прокопий Петрович — 1907с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 20-е СП түбэспитэ. 1944с. бааһыран 1253 – ЭГ эмтэммитэ. Ол бааһырыытынан 1944с. ыам ыйыгар кэлбитэ. 1989с. өлбүтэ.
  10. Захаров Алексей Афанасьевич — 1911с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бар­быта. 20-е туспа хайыһар биригээдэтигэр тубэспитэ. 1943с. бааһыран 1761 с ЭГ эмтэммитэ. Бааһырыытынан 1943с. эргиллибитэ. 1991 өлбүтэ.
  11. Захаров Алексей Герасимович — 1918с. г. Учуутал. 1942с. бэс ыйыгар Дьо-куускайтан барбыта. 212-с Гаубичнай артиллерийскай полкаҕа кыттыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1990с. өлбүтэ.
  12. Захаров Анисим Иванович — 1912с.т. «Төрүт» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр барбыта. 1944с. бааһырбыта. Бааһырыытынан 1944с. эр­гиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
  13. Захаров Афанасий Егорович — 1921 с.т. «Төрүт» колхоз. МТС тракториһа. 1943с. кулун тутар 5 күнүгэр барбыта. 1183-с СП тубэспитэ. 1943с. бааһырбыта. 1945с. кэлбитэ. 1988с. өлбүтэ. «Кенигсбери ылыы иһин» мэ­тээллээх.
  14. Захаров Гаврил Егорович — 1915с.т. «Калинин» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 19-с туспа хайыйар биригээдэтигэр түбэһэн 1943с. олунньу 23 күнүгэр Ильмень күөл сэриитигэр бааһырбыта. 1943с. кэлбитэ. 1944с. алтынньыга өлбүтэ.
  15. Захаров Гаврил Зиновьевич — 1915с.т. «Калинин» колхоз. 1943с. бэс ый­ыгар барбыта. Сержант. 644-с, 24-с СП кыттыбыта. 2-тэ бааһырбыта. 1945с. кэлбитэ. 1975с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах, «Хорсунун иһин», «Праганы босхолооһун иһин» мэтээллээх.
  16. Захаров Дмитрий Егорович — 1911 с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бэс ыйы­гар барбыта. 69-с СП кыттыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1977с. өлбуүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  17. Захаров Иван Егорович II — 1921с.т. 1943с. Кэбээйи оройуонуттан барбы­та. 1945с. эргиллибитэ. Кэбээйигэ олорон үлэлээн баран Намҥа кэлбитэ. Онно 1984с. өлбүтэ.
  18. Захаров Николай Егорович — 1915с.т. «Төрүт» колхоз. 1943с. ыам ыйын 30 күнүгэр барбыта. 67-с, 35-с СП кыттыбыта. 2-тэ бааһырбыта. 1945с. эр­гиллибитэ. 1996с. өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах, «Варшаваны босхолооһун», «Берлини ылыы иһин» мэтээллээх.
  19. Захаров Степан Степанович — 1920с.т. ЧПУ выпускника. Учуутал. 1942с. барбыта. Сэриигэ бааһырбыта. Бааһырыытынан 1944с. кэлбитэ. Учууталлаабыта. 1947с. өлбүтэ.
  20. Лаврентьев Гаврил Иванович — 1924с.т. «Төрүт» колхоз. 1944с. ыам ыйы­гар барбыта. 984-с СП, 429-с МВД комвойнай чааһыгар түбэһэн Япония сэ­риитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. Кэлин өлбүтэ.
  21. Лаврентьев Гурий Александрович — 1914с.т. 1944с. бэс ыйыгар Намтан барбыта. 1946с. ыам ыйыгар кэлбитэ. 1973с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  22. Лаврентьев Егор Давыдович — 1913с.т. ЯНВШ выпускнига. 1942с. бэс ыйыгар Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. Дьокуускайга олохсуйбута.
  23. Лоскин Федор Васильевич — 1921с.т. «Торут» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 368-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1946с. кэлбитэ. 1993с. өлбүтэ.
  24. Наумов Роман Захарович — 1912е.т. «Олоххо киирии» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. атырдьах ыйыгар барбыта. Японияны кытта сэриигэ кытгыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1949с. өлбүтэ.
  25. Нестерев Герасим Васильевич — 1916с.т. «Төрүт» колхозтан 1943с. ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1958с. өлбүтэ.
  26. Нестерев Семен Захарович — 1909с.т. «Төрүт» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. бааһырбыта. Инбэлиит буолан 1944с. төннүбүтэ. 1965с. өлбүтэ.
  27. Петров Николай Афанасьевич — 1923с.т. «Төрүт» колхоз. 1942с. бэс ый­ыгар барбыта. Сержант. 6-е техническэй химической полкаҕа түбэспитэ. 1947с. кэлбитэ. 1990с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  28. Пинигин Андрей Капитонович — 1901с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 812-е СП түбэспитэ. 1943с. бааһыран 3601-ЭГ сыппьгга. Бааһырыытынан 1943с. эргиллибитэ. 1961с. өлбүтэ.
  29. Пинигин Георгий Капитонович — 1909с.т. Партия чилиэнэ. 1944с. бэс ый­ыгар Нам оройуонутган барбыта. 855-е СП тубэкэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1997с. өлбүтэ.
  30. Пинигин Дмитрий Иванович — 1920с.т. «Калинин» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Сэрииттэн 1946с. эргиллибитэ. 1959с. өлбүтэ.
  31. Пинигин Дмитрий Капитонович — 1919с.т. ЧПУ студена. Комсомоллаах. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. Младшай сержант. 1473-е артиллерий­скай полкаҕа түбэспитэ. 1944с. бааһырбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1997с. Намҥа олорон өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  32. Пинигин Петр Капитонович — 1904с.т. «Калинин» колхоз. 1943с. кулун тутар 18 күнүгэр барбыта. 540-е туспа рабочай батальоҥҥа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1975с. өлбүтэ.
  33. Попов Николай Федорович — 1924с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1943с. ыам ыйыгар Дьокуускайтан барбыта. 293-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1947с. эргиллибитэ. 1996с. өлбүтэ.
  34. Попов Петр Васильевич — 1924с.т«Олоххо киирии» колхоз. 1943с. бэс ый­ыгар барбыта. 55-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. кэл­битэ. 1988с. өлбүтэ.
  35. Попов Петр Николаевич — 1905с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1941с. от ый­ыгар барбыта. 80-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1970с. өлбүтэ.
  36. Попов Семен Петрович — 1908с.т. партия чилиэпэ. 1942с. бэс ыйыгар бар­быта. 1944с. сэрииттэн эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах.
  37. Смирников Исак Васильевич — 1920с.т «Төрүт» колхоз. 1942с. балаҕан ыйыгар барбыта. 4-с мотострелковай батальоҥҥа түбэспитэ. 1946с. төннүбүтэ.
  38. Тарабукнн Федор Яковлевич — 1905с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. бэс ый­ыгар барбыта. Сэриилэһэ сылдьан билиэн түбэһэ сылдьыбыта. 1946с. кэл­битэ. 2001 с. өлбүтэ.
  39. Толстоухов Павел Егорович — 1924с.т. «Төрүт» колхоз. 1943с. барбыта 91 -с туспа көрөр-истэр ротаҕа түбэспитэ. 1947с. эргиллибитэ. 2006с. өлбүтэ.
  40. Хоютанов Илья Софроновпч- 1918с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 525-с строительнай батальоҥҥа түбэспитэ. 1944с. кэлбитэ. 1994с. өлбүтэ.
  41. Хоютанов Николай Романович -1925с.т. ЧПУ выпускника. 1941с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1948с. эргиллибитэ. 1990с. Нам оскуолатыгар учууталлыы олорон өлбүтэ.
  42. Хоютанов Николай Спиридонович — 1921с.т. «Калинин» колхоз. 1943с. барбыта. 368-с горнострелковай полкаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр кыт­тыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1982с. өлбүтэ. Учуутал.
  43. Хоютанов Фома Софронович — 1913с.т. «Калинин» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 5-с кавалерийскай полкаҕа тубэһэн Москва тупа сэриигэ киирсибитэ. 2-тэ бааһырбыта. Бааһырыытынан 1942с. төннүбүтэ. 2002с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  1. Абрамов Николай Харлампьевич — 1911с.т. «Калинин» колхоз. 1942с. барбыта. 1946с. төннүбүтэ. 1989с. өлбүтэ.
  2. Аммосов Василий Кононович — 1907с.тт. «Олоххо киирии» колхоз. 1942с. Охотскайтан барбыта. 1946с. кэлбитэ. 1988с. өлбүтэ.
  3. Аммосов Николай Кузьмич — 1896с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1943с. атырдьах ыйыгар Кэбээйиттэн барбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1971с. өлбүтэ.
  4. Гуляев Семен Данилович — 1898с.т. «Төрүт» колхоз. 1943с. барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1970с. өлбүтэ.
  5. Дьячковская Дмитрий Степанович П — 1900с. г. 1943с. атырдьах ыйыгар МТС-ка үлэлии олорон барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1989с. өлбүтэ.
  6. Захаров Афанасий Николаевич — 1900с.т. «Олоххо киирии» колхоз. 1943с. барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1972с. өлбүтэ.
  7. Захаров Дмитрий Гаврильевнч — 1911с.т. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. инбэлиит буолаи Тиксииттэн төннүбүтэ. 1966с. өлбүтэ.
  8. Захаров Дмитрий Николаевич I — 1942с. ыҥырыллыбыта. 1943с. эргил­либитэ. Кэлин өлбүтэ.
  9. Захаров Еремей Дмитрьевич — 1 918с.т. «Калинин» колхоз. 1943с. бэс ый­ыгар барбыта. 1943с. кэлбитэ. 1975с. өлбүтэ.
  10. Захаров Илья Иванович — 1915с.т. 1943с. Кэбээйиттэн ыҥырыллыбыта. 1947с. кэлбитэ. 2002с. өлбүтэ.
  11. Смирников Федор Дмитрьевич — 1900с.т. 1944с. ыҥырыллыбта. 1945с. эргиллибитэ. 1999с. өлбүтэ.
  12. Тарабукин Гаврил Дмитрьевич — 1921с.т. 1943с. Кэбээйиттэн барбыта. 1946с. кэлбитэ. 2001с. өлбүтэ.
  13. Хоютанов Егор Спиридонович — 1942с. ыҥырыллыбыта. 1943с. эргилли­битэ. Дойдутугар олорон өлбүтэ.

Гуляев Александр Николаевич

Төлөй  нэһилиэгэ  (1902-1972).  Кыһыл  бартыһаан.  1942  с.  сайын  «Сайдыы» колхозтан  ыҥырыллыбыта.  1942  с.  күһүн  Сталинград  сэриитигэр  тиэрдибиттэрэ. Уот  будулҕан  ортотунан  сылдьыбыта.  Курскайдааҕы  тоҕой  уотун  мүлчү түспүтэ. Харьков куораты босхолооһуҥҥа инники кирбиигэ баара.1944  с.  тохсунньу  17  күнүгэр  ыараханнык  бааһырбыта.  Госпитальга  сытан эмтэнэн, үтүөрэн, ол эрээри, салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолан, бааһырыытынан 1944 с. демобилизацияламмыта.Дойдутугар Мугудайга олохсуйбута. Аҕа дойду сэриитин II -с степенэ орденнаах.

Абрамов Прокопий Алексеевич

Төлөй  нэһилиэгэр  1915  с.  төрөөбүтэ.  Суоппар  идэтин  ылан  Чурапчытааҕы МТС-ка үлэлээбитэ. Манна хас да сыллар усталарыгар суоппарынан үлэлээн баран, Орджоникидзевскай оройуоҥҥа үлэлии тиийбитэ.1941  с. от ыйыгар ити оройуонтан Ийэ дойду көмүскэлигэр атаарыллыбыта.Сэриигэ  бастакы  сүрэхтэниитин  239-с  зенитнай-артиллерийскай  полкасастаабыгар  кыттан  ааспыта.  Кэлин  суоппар  быһыытынан  310-с  батареяҕа,  434- с  с.п.  15-с  гвард.  механизированнай  бригада  2-с  батальоныгар  сэрии  инники кирбиитигэр сылдьыбыта.1945  с.  олунньуга  ыараханнык  бааһырбыта.  Бастаан,  олохсуйбут  сиригэр  — Орджоникидзевскай  оройуонугар  кэлбитэ.  Пенсияҕа тахсыаҕыттан  Дьокуускайга олорор.Кыһыл Сулус орден кавалера.

Захаров Гаврил Зиновьевич

Сержант,  Төлөй  нэһилиэгэ  (1915-1979  сс.).  СНБО-ну  бүтэрбитэ.  Аҕа  дойду сэриитигэр  1943 с. ыҥырыллыар диэри Ис дьыала органнарыгар үлэлээбитэ.Фронт инники кирбиитигэр 644-с уонна 24-с гвард. с.п. кыттан сэриилэспитэ. Сэрии хонуутугар икки төгүл бааһырбыта.Гаврил  Зиновьевич  Кыһыл  Сулус  орденынан,  «Хорсунун  иһин»,  «Праганы босхолооһун иһин» медалларынан наҕараадаламмыта.1945 с. алтынньыга, Кыһыл Армия кэккэтиттэн демобилизацияланан дойдутугар эргиллибитэ.  Ис  дьыала  министерствотын  суолу  тутууга  управлениятыгар үлэлээбитэ.Кэлин Хадаар нэһилиэгэр олохсуйбута.  1979 с. өлбүтэ.

Захаров Дмитрий Егорович

Төлөй нэһилиэгэ (1911-1977 сс.). 1942 с. бэс ыйыгар, Калинин аатынан колхозка үлэлии сылдьан, Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырыллыбыта.Саха  буойуна  сэрии  уот  буурҕатын  ортотунан  69-с  с.п.  састаабыгар  фронт инники кирбиитигэр сылдьан, Брянскай фронт инники диэки дьүккүөрдээх айанын айаннаспыта.Сэриигэ  икки  төгүл  бааһыран,  саха  колхозтааҕа  хорсун-хоодуот  сэрииһитин көрдөрөн,  1944 с. Кыһыл Сулус орденынан, «Хорсунун иһин» бойобуой медалынан наҕараадаламмыта. Бааһыран дойдутугар эргиллибитэ. Колхоһугар үлэлээбитинэн барбыта.Дмитрий Егорович төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр олорон, 1977 с . ыалдьан өлбүтэ.

Попов Семен Петрович

Төлөй нэһилиэгэ (1908-1973 сс.). Партия чилиэнэ. «Олоххо киирии» колхозка үлэлии сылдьан, 1942 с. бэс ыйын 20 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскэлигэр атаарыллыбыта. 1944 с. ыараханнык бааһырбыт. Итинэн сибээстээн, дойдутугар ыытыллыбыт. Мугудайга абыйах сыл олорон баран, Нам оройуонугар көһөн, онно олохсуйбут. Кини 1973 с. өлбүт.С.П. Попов — Кыһыл Сулус орден кавалера.

(Биһигиттэн эрдэ атын оройуонна барбыт буолан, Семен Петрович туһунан сөптөөх быһаарыыны кыайан биэрбэппит).

Бродников Алексей Спиридонович

Ефрейтор. Төлөй нэһилиэгэ (1917-1998 сс.). Комсомоллаах. ЧПУ-ны бүтэрбитэ. Учуутал. 1942 с. бэс ыйыгар учууталлыы сылдьан, Аба дойду сэриитигэр Ийэ дойдутун немецкэй талабырдьыттартан көмүскүү аттаммыта. Маннай Уралга 40-с саппаас полкађа сулууспалаан баран, 1943 с. тохсунньуттан Новгородскай уобалас Старай Русса оройуонугар өстөөхтөрүн кытта күөн көрсөр түгэнэ тирээн кэлбитэ. Кини 20-с туспа хайыһар бригадатыгар сулууспалаабыта.

А. Бродников Хотугулуу-Арбаа фронт сэрииһиттэрэ турунан туран охсуспут Демьянскай плацдарм ићин сэриигэ киирсибитэ. 1943 с. кулун тутарга бааһырбыта. 3158 No-дээх эвакуационнай госпитальга эмтэнэн үтүөрэн, салгыы сэрии хонуутугар киирбитэ. 1117-с с.п. састаабыгар Ийэ дойдутун иһин охсуһуутун салаабыта.

1943 с. балађан ыйыгар ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга сытан эмтэнэн арыый буолан, саппаас чааска — 307-с аэродрому көрөр-истэр батальонна сулууспалаабыта.

1945 с. балађан ыйыгар дойдутугар эргиллибитэ.А.С. Бродников ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, элбэх хоһоон, кэпсээн кинигэлэрин автордара. Өр сылларга учууталлаабыта. Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала бочуоттаах аат инэриллибитэ.А.С. Бродниковы орденынан нақараадалыырга көрдөһөр сурукка маннык суруллубут: «Хотугулуу-Аргаа фронт Демьянскай плацдармы үлтүрүтэргэ кимэн киириитин кыттыылааҕа. 1943 с. саас хайыһар бригадатын састаабыгар Старай Русса оройуонугар Ловать өрүс сүнньүгэр турар Холм дэриэбинэ иһин хабыр хапсыыларга киирсибитэ.

1943 с. кулун тутар 19 күнүгэр сэрии хонуутугар өстөөх буулдьатыттан бааһырбыта. Эмтэнэн, үтүөрэн, ыам ыйыгар фроңца иккистээн эргиллибитэ. Бу сырыыга Смоленскай туһаайыытыттан кимэн киирэр сэриигэ кыттыбыта.1943 с. балаган ыйын 13 күнүгэр сэрии толоонугар сылдьан ыараханнык бааһырбыта. Икки атаҕар таптарбыта.Саппаас чааска түбэһэн баран, суруйааччы буоларынан, армейскай бэчээккэ активнайдык кыттан көмөлөспүтэ.Сэрии кэнниттэн дойдутугар учууталлаабыта, оройуон хаһыатыгар эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ.

Чурапчы оройуонун военкома майор Сотников.»

А.С.Бродников Албан  Аат III — с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.Дьокуускай куракка олорон 1998 с. өлбүтэ.

Васильев Дмитрий Федорович

Төлөй нэһилиэгэ (1904-1965 сс.). Калинин аатынан колхозка үлэлии сылдьан, 1942 с. бэс ыйыттан сэриилэһэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Уралга тиийэн, 40-с саппаас чааска сулууспалаабыта. Сотору Сталинград сэриитигэр илдьэ барбыттара. Сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга эмтэнэн, үтүөрэн иккистээн инники кирбиигэ киирбитэ.(Кэнники кэмнээх байыаннай сулууспата кыайан быһаарыллыбата — И. П.). 1945 с. Кыһыл Армия кэккэтиттэн демобилизацияламмыта. Албан Аат ІІІ-с степенэ орден кавалера. Д.Ф. Васильев 1968 с. ыалдьан өлбүтэ.

Захаров Николай Егорович

Төлөй нэһилиэгэ (1915-1996 сс.). Дойдутугар «Төрүт» колхозка үлэлии сылдьан, Кыһыл Армияҕа ынырыллыбыта.155-с байыаннай тутар-таҥар этэрээккэ сулууспалаабыта. Фронт инники кирбиитигэр 903-с, 67-с, 35-с с.п. кыттан сэриигэ киирбитэ. Икки төгүл бааһырбыта. 1943 с. бүтүүтүттэн саҕалаан, немецкэй-фашистскай халабырдьыттар сэриилэрин үлтүрүтүөххэ диэри, сэрии хонуутуттан туораабакка сэриилэспитэ. 1945 с. алтынньыга дойдутугар эргиллибитэ.Николай Егорович Албан Аат III-с степенэ орденнаах, «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлини ылыы иһин» медаллардаах.Чурапчыга олорон, 1996 с. өлбүтэ.

 Захаров Афанасий Егорович

1921 с.т. «Төрүт» колхоз чилиэнэ. 05.03.43 с. МТС-ка трактористыы сылдьан ыҥырыллыбыта. 1181-с, 1183-с СП кыттан разведчикбыһыытынан сылдьыбыта. 05.08.43 с. бааһырбыта. 1945 с. эргиллибитэ. МТС-ка тракториһынан, бытовой комбинакка ууһунан үлэлээбитэ. 1989 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Кенигсбери ылыы иһин» мэтээллэрдээх.

 Захаров Алексей Герасимович

1918 с. Төлөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ, Мээндийэнэн олохсуйбуттара, учуутал. 1942 сыл от ыйыгар Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 525-с зенитнэй артиллерийскай, 212-с гаубичнай артиллерийскай полкаларга кыттан сэриигэ киирбитэ. Радиотелеграфист идэтинэн сулууспалаабыта. Чурапчыга Чурапчы орто оскуолатыгар учууталлаабыта. 1990 с. Дьокуускай куоракка өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллэрдээх.

Дьячковскай Прокопий Петрович

1907 с.т. «Олоххо киирии» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ынырыллыбыта. 20-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 1944 с. кулун тутарга бааһырбыта.1253 №-дээх ЭГ эмтэммитэ. 05.1944 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. «Калинин» колхозка субан сүөһү бостуугунан, райбалыыһаҕа, кэлин ветстанцияҕа кочегардаабыта. 1989 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

 Лаврентьев Гурий Александрович

1914 с.т. «Төрүт» колхоз чилиэнэ.  07.06.44  с.  Нам  оройуонуттан  ынырыллыбыта.  54-с минометнай, 288-с, 603-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 05.1946 с. эргиллибитэ.  «Калинин»  колхозка хонуу үлэтигэр үлэлээбитэ. 1973 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

 Петров  Николай  Афанасьевич

1923  с.т.  «Төрүт»  колхоз чилиэнэ. Комсомоллаах. Сержант. 20.06.42 с. ыҥырыллыбыта. 14-с технической  биригээдэ  6-с  техническэй-химическэй  полкатын 537-с туспа химической батальонугар кыттан сулууспалаабыта. 1947 с. муус устар ыйга эргиллибитэ. Чурапчытааҕы баһаарынай охранаҕа  начальнигынан,  сотруднигынан  үлэлээбитэ.  1990  с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

 Пинигин  Дмитрий  Капитонович

Мл.  сержант.  1919 с.т.  «Калинин»  колхоз  чилиэнэ.  Комсомоллаах.  ЧПУ  студена.16.03.43  с.  ыҥырыллыбыта.  1473-с  артполкаҕа  кыттан  сорииго киирсибито. 02.12.1944 с. бааһырбыта. 13.06.1945 с. эргиллибитэ. Оройуоннааҕы лесхозка үлэлээбитэ.  1997 с.  ахсынньыга өлбүто. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

 Хоютанов Фома Софронович

1913  с.т.  Калинин  аатынан колхоз  чилиэнэ.  Колхоз  туруу  үлэһитэ.  Кыһынын  Охотскай перевозтан  Ааллаах-Үүҥҥэ  таһаҕас  таһыытыгар  хас  да  сыл үлэлээбитэ.  17.08.41  с.  ыҥырыллыбыта.  365-с  СД  130-с  СП 13-с  аттаах  батальонугар  кыттан  аан  бастаан  Москва  куорат көмүскэлин иһин сэриигэ киирсибитэ.  1941  с. алтынньыга Тула куорат таһыгар  бааһырбыта.  Салгыы  1278-с СП кыттан Старай Русса  оройуонугар  сэриилэһэ  сылдьан  04.04.42  с.  иккистээн бааһырбыта. 22.08.1942 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. Колхоз производствотыгар салгыы дьулуурдаахтык үлэлээбитэ.  Бурдук үүннэрэр звенону тэрийэн республикаҕа холобур буолар гына үлэлээбиттэрэ. 2002 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

Кыайыы үбүлүөйүнэй  ыһыаҕар сэрии, тыл бэтэрээннэрэ, Карл Маркс аатынан сопхуос Мугудайдааҕы отделениятын үлэҕэ бастыҥнара. 1975 сыл.

Туһаныллыбыт литература

1. Павлов, Иван Михайлович.
Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.

2. Павлов, Иван Михайлович.
Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.

3. Төлөй: икки кинигэлээх / «Төлөй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата ; [эрэд.сүбэ: Н.Н.Аммосов (сал), А.А.Захаров].- Дьбокуускай:и Бичик, 2017. — 502 с.