Талаан – киһи аайы бэриллибэт ураты дьоҕур

  1. Талааннар ньүөл кырыстан тахсаллар.
  • Сиртэн-буортан сомоҕо көмүстэр, күндү таастар өрө көбөллөрүн курдук, талааннар норуоттарын үөскүүллэр. (Суорун Омоллоон)
  1. Дьиҥ талааннаахтар бэйэлэрин ситиһиилэринэн хаһан да толору дуоһуйбаттар.
  • Талаан үрдүккэ-үтүөҕэ ыҥырар, норуокка туһалыыр үрдүк аналлаах. (Софрон Данилов)
  1. Дьиҥ талааннаах киһи баҕата, дьулуура кини айар үлэтин мэлдьи куотан, инники угуйан иһэр. (Амма Аччыгыйа)
  2. Ураты талааны айылҕа анаан иитэн, уһуйан, киэргэтэн таһаарар. Бу — дьиэ кэргэн, аймах-билэ дьон, бүтүн норуот духуобунай, интеллектуальнай баайа, киэн туттуута.
  • Ураты талааннаах дьон төннөн кэлэллэр. Кинилэр талааннара удьуор утумугар эргиллэн кэлэ туруон сөп.(Эдьиий Дора)
  1. Өйдөөх киһи өйүттэн эрэйдэнэр, талааннаах киһи – талааныттан. (К.Д.Уткин –Нүһүлгэн)