Соловьев нэһилиэгэ


Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии толоонугар олохторун толук уурбут буойуннарга өйдөбүнньүк
Турар сирэ: Мырыла
Туруоруллубут сыла: 1965 с.
Автор: И.Собакин

«Бүөр» диэн ырааһыйа Үрэх төрдө уонна Араҥас толоон икки арда,
мантан 1941,1942,1943 сс. Соловьев нэһилиэгин дьоно, Аҕа дойдуну
көмүскүүр сэриигэ барааччылары атаарбыттара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буойуннарыгар өйдөбүнньүк/ Кыайыы 55 сыла
Турар сирэ: Мырыла — Кыайыы болуоссата
Туруоруллубут сыла: 1995 с.
Автор: П.П.Соловьев, Д.Н. Кривошапкин

Сэрии, үлэ фронун кыттыылаахтарыгар уонна тыылга үлэлээбит
ветераннарга анаммыт пааматынньык. Кыайыы 70 сыла, 2015 с.
Соловьев нэһилиэгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ Соловьев нэһилиэгиттэн 95 киһи барбыта. Онтон 43 киһи фроҥҥа өлбүтэ. 52 киһи сэрииттэн уонна үлэ фронуттан тыыннаах эргиллибиттэрэ.
Мырыла. Чурапчы улууһа Соловьев нэһилиэгэ. / Хомуйан оҥордо : М.Н. Сибиряков уо.д.а. – Дьокуускай : Бичик, 2002. – 256 с.
Сэриигэ өлбүттэрэ:
- Батарин Кондратий Алексеевич — 1900с.т. «САССР 10 сила» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Пекарня рабочайа. 1942с. бүтүүтэ сэриигэ өлбүтэ. биллэрии кыыһыгар Еленаҕа кэлбитэ.
- Батарин Николай Кондратьевич — 1923с.т. Кондратий төрөппүт уола. 1942с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбьгга. 1942 с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Батарин Николай Самсонович — 1912с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943 с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Белых Михаил Захарович — 1920с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1942 с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 139-с СД 364-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1944с. от ыйын 14 күнүгэр Белостокскай уобалас Скильденскай оройуон Квашино дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Дорогунов Иннокентий Егорович — 1922с.т. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942 с. сэриигэ өлбүтэ.
- Егоров Дмитрий Григорьевич— 1910с.т. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. 1942с. атырдьах ыйыгар 202-е СД сылдьан өлбүтэ. Биллэрии кэргэнигэр Татьянаҕа кэлбитэ.
- Иванов Григорий Александрович — 1919с.т. «Амма кыһата» колхоз» 1942с. балаҕан ыйын 29 күнугэр ыҥырыллыбыта. 1943с. кулун тутар 12 күнүгэр Харьковскай уобалас Павлово дэриэбинэтин иһин сэриигэ өлбүтэ. 19-е СД буолуохтаах.
- Иванов Николай Егорович — 1911с. ЯНВШ бүтэрбитэ. 1941с. ыҥырыллыбыта. Сэриигэ өлбүтэ биллэр. Атын биллэрии, сурук суох.
- Илларионов Иван Васильевич — 1921с. т. ЧПУ студена. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. балаҕан ыйыгар сэриигэ өлбүтэ.
- Илларионов Илья Прокопьевич — 1920с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Кривошапкии Дмитрий Павлович — 1902с.т. 1942с. бэс ыйыи 20 күнүгэр Амма сельпотун председателинэн үлэлии олорон барбыта. 108-с СД 444-с СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 8 күнүгэр Орловской уобалас Жиздринскэй оройуон Зимницы дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
- Кривошапкии Дмитрий Филиппович — 1918с.т. «Амма кыһата» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 654-с СП кыттыбыта. 1943с. атырдьах ыйын 4 кунугэр Курскай уобалас Понырсвскай оройуон Снньково дэриэбинэҕэ бааһырыытынан 2403№-дээх полевой госпитальга өлбүтэ.
- Кривошапкин Константин Семенович — 1908с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. кулун тутар 23 күнүгэр сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Массаев Роман Егорович — 1909с.т. 1944с. бэс ыйын 16 кунугэр Орджоникидзевскай оройуоҥҥа госстрах инспекторынан үлэлии олорон барбыта. 1944с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Монастырев Василий Нестерович — 1914с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Алдантан барбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Наумов Василий Николаевич — 1908с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ. Биллэрии Николай Николаевичка кэлбитэ.
- Павлов Иван Дмитриевич — 1917с.т. комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 54-с кавалерийскай дивизия 89-с кавалерийскай полкаҕа түбэспитэ. 1942с. Москва көмүскэлигэр Ржев куорат аттыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Петров Николай Дмитриевич — 1915с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 54-с кавалерийскай дивизия 89-скавалерийскай полкаҕа түбэспитэ. 1943с. тохсунньу 13 күнүгэр Мгинскэй оройуон дивизионнай кладбищетыгар көмүллүбүтэ. Москва көмүскэлин иһин Ржев аттыгар сэриигэ өлбүтэ.
- Петров Семен Дмитриевич — 1921с.т. «Амма кыһата» колхоз, комсомоллаах. Райпо агена. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 21-с туспа хайыһар биригээдэтигэр 23-с гв СД 66-с гв СП кыттыбыта. 1944с. олунньу 3 күнүгэр Ленинградскай уобалас Поддорскай оройуон Самбатово дэриэбинэҕэ сылдьан өлбүтэ.
- Попов Василий Константинович — 1913с. «Амма кыһата» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 231-с гв СП түбэспитэ. 1944с. бэс ыйын 23 күнүгэр Гомелевскай уобалас Панинскай оройуон Язвик дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Попов Василий Максимович — 1905с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Попов Петр Егорович — 1910с.т. ЧПУ студена. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сержант. 605-с СП кыттыбыта. 1944с. алтынньы 13 күнүгэр I Толыпаҕа Варшавскай уезд Чарна дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Попов Прокопий Изотовпч — 1914с.т. Комсомоллаах. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. кулун тутар 15 күнүгэр Ленинградскай уобалас Лысковскай оройуон Эстино село иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Попов Семен Степанович — 1909с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 274-е СД 965 СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 30 күнүгэр Смоленский уобалас Ярцевскай оройуон Ковалева дэриэбинэгр сэриигэ өлбүтэ. Биллэрии кэргэнигэр Ирина Максимовнаҕа кэлбитэ.
- Саввин Иван Иванович — 1921 с.т. «Амма кыһата» колхоз счетовода. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. атырдьах ыйын 25 күнүгэр Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон Пенно дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
- Сергеев Савелий Дмитриевич — 1921с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Амма оройуонун райсоюһугар үлэлии олороро. Лейтенант. Взвод командира. 3-е ударнай армия 93-е корну Нун 282-е СД 127-е туспа стрелковай биригээдэтигэр кыттыбыта. 1944с. кулун тутар 6 күнүгэр Калининскай уобалас Пуштошкинскай оройуон Сергейцово дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ. Кыһыл сулус, Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах.
- Слепцов Николай Алексеевич — 1913с.т. Учуутал. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1944с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Собакин Касьян Михайлович — 1904с.т. «ЯАССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1943с. сэтинньи 30 күнүгэр сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Собакин Макар Тарасович — 1916с.т. Комсомоллаах. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Собакин Прокопий Андреевич- 1904с.т. «САССР 10 сила» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. бэс ыйын 23 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Смоленскай уобалас Дорогобужскай оройуон Иванино дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ.
- Собакин Семен Андреевич- 1905с.т. «САССР 10 сила» колхоз. 1942с. атырдьах ыйыгар Соловьев сельпотугар үлэлии олорон барбыта. 1942с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ. Биллэрии кэргэнэ Федора Иннокентьевнаҕа кэлбитэ.
- Сокольников Николай Спиридонович — 1912с.т. «САССР 10 сына» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-е СД 56-е СП түбэспитэ. 1944с. олунньу 2 күнүгэр Витевскай уобалас Барышино дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ. Биллэрии кэргэнигэр Елена Ефимовнаҕа кэлбитэ.
- Соловьев Егор Никонович — 1917с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. Комсомоллаах. 1941с. сэтинньигэ сэриигэ өлбүтэ. Биллэрии Поликарп Филипповичка кэлбитэ.
- Соловьев Петр Семенович — 1918с.т. ЯНВШ үөрэхтээх. ЧПУ выпускнига. учуутал. 1940 сылтан сулууспалыыр. Лейтенант. Комсомоллаах. 207-е СД 598-е СП пулеметнай взвод командира. 1944с. тохсунньу 12 күнүгэр Калининскай уобалас Идрицкай оройуон Гречиха дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Соловьев Петр Филиппович — 1903с.т. 1942с. бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 374-е СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 1943с. олунньу 20 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Сталинградский уобалас Владимирскай оройуон Капустино кладбищеҕа көмүллүбүтэ. 3245№-дээх ЭГ, ФЭП-61 эмтэнэ сылдьыбыта.
- Федоров Василий Константинович — 1921с.т. Комсомоллаах. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-е туспа хайыһар биригээдэтигэр, 127-е туспа стрелковай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 18 күнүгэр Ленинградскай уобалас Старорусскай оройуон Медведко дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ. Ильмень күөлгэ сэриилэспи тэ.
- Федоров Захар Иванович — 1919с.т. ЯНВШ-ны бутэрбитэ. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Дьокуускайтан барбыта. Лейтенант-политрук. Иркутскай куоракка С.Д.Сергеевы, П.М.Соловьеву кытта полит.училищены бүтэрбитэ. 1944с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Федоров Иван Андреевич — 1914с.т. 1942с. кулун тутар 13 күнүгэр Чурапчы Госбанын управляющайынан үлэлии олорон барбыта. Сержант дуу офицер дуу диэн буолар. 19-с С Дивизияҕа кыттан сэриилэһэ сылдьан 1943с. кулун тутарга өлбүтэ. Харьков туһаайыытыгар буолуохтаах. Биллэрии ийэтигэр Саввина Агафья Яковлевнаҕа кэлбитэ.
- Федоров Николай Николаевич — 1907с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 283-с СП түбэспитэ. 1944с. бааһырыытынан 3031№-дээх ЭГ эмтэнэ сытан тохсунньу 15 күнүгэр өлбүтэ. Кострома куоракка көмүллүбүтэ.
- Федоров Петр Константинович — 1917с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Соловьев нэһилиэгин председателинэн үлэлии олорон барбыта. Сулууспалаабыт чааһа 14008. 1943с. кулун тутар 15 күнүгэр Смоленскай уобалас Спасдемьянскай оройуон Гродино дэриэбипэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Федоров Семен Лукич — 1909с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 582-с СП түбэһэн сэриилэспптэ. 1942с. кулун тутар 1-гы күнүгэр бааһырыытынан 4017№-дээх ЭГ эмтэнэ сытан Киров куоракка өлбүтэ.
Дойдуларыгар эргиллибиттэрэ:
- Багарытов Егор Николаевич — 1917с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр атаарыллыбыта. 1943с. ыалдьан төннүбүтэ. Сотору 1943с. өлбүтэ.
- Борисова Пелагея Дмитрьевна — 1920с.т. Хаҥалас оройуонун II-с Маалтааны нэһилиэк. Соловьев А.Т кэргэнэ. 1940с. Ленинградка театральнай институтка үөрэнэ тиийбитэ. 1941с. сайын сэрии саҕаланарын кытта оборона оҥорсууга кыттыбыта. 1942с. саас Ладога күөлүнэн «Олох суолунан» туораан дойдулаабыта. Мырылаҕа культураҕа үлэлии олорон 1976 с. ыалдьан өлбүтэ.
- Брызгаев Петр Степанович — 1925с.т. Комсомоллаах. «САССР 10 сыла» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 80-с уонна 57-с мото Стрелковай полкаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1948с. эргиллибитэ. 1994с. өлбүтэ.
- Брызгаев Семен Петрович — 1926с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 210-с СД 649-с СП кыттан Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1950с. эргиллибитэ. 1999с. өлбүтэ.
- Брыскаев Дмитрий Титович — 1912с.т. 1942с. атырдьах ыйыттан, Казаннааҕы медицинской институту бүтэрэн военврач буолан сэриилэһэр хонууга тиийбитэ. Манор. 226-с СД уонна 25-с Зенитнэй-артиллерийскай дивизияҕа байыаннай быраһынан үлэлээбитэ. 1943с. бааһырбыта. 1947с. олунньуга эргиллибитэ. 1992с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнардаах.
- Быганов Касьян Афансьевич — 1901с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 448-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 1942с. ахсынньыга бааһырбыта. 1866№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1944с. эргиллибитэ. 1970с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Сталинград обороната» мэтээллэрдээх.
- Васильев Дмитрий Митрофанович — 1915с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 80-с мотострелковай полкаҕа 207-с туспа артиллерийскай полкаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1964с. өлбүтэ.
- Васильев Петр Митрофанович — 1906с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1942с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр Амма оскуолатыттан барбыта. 1943с. атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. 1986с. өлбүтэ.
- Дорогунов Иван Иванович — 1916с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. кулун тутарга бааһыран 3981№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1942с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. 1942с. өлбүтэ.
- Дьячковскан Геннадий Михайлович — 1924с.т. Комсомоллаах. ЧПУ студена. 44-с туспа стрелковай ротаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. эргиллибитэ. Дьокуускайга олохсуйбута.
- Егоров Дмитрий Михайлович — 1923с.т. 1943с. ыҥырыллыбыта. Сэрииттэн 1947с. эргиллибитэ. 1976с. өлбүтэ.
- Егоров Михаил Никитич — 1906с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 5-с кавалерийскай полкаҕа уонна 161-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1941, 1942сс. бааһырбыта. 1944с. төннүбүтэ. 1972с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Москва обороната» мэтээллэрдээх.
- Ефимов Иннокентий Васильевич — 1920с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1994с. өлбүтэ.
- Иванов Михаил Авсентьевич — 1919с.т. 1941с. атырдьах ыйын 28 күнүгэр алдантан барбыта. 184-с уонна 149-с СП кыттыбыта. 1943с. кулун тутарга Харьков анныгар билиэн түбэспитэ. 1945с. ыам ыйыгар босхоломмута. 1946с. эргиллибитэ. 1980с. өлбүтэ. Берлини босхолоспута, Япония сэриитигэр кыттыбыта.
- Иванов Михаил Дмитрьевич I — 1918с.т. 1943с. бэс ыйыгар продавецтыы олорон барбыта. 58-с СД 80-с мотострелковай полкаҕа Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1982с. өлбүтэ.
- Иванов Михаил Дмитрьевич II — 1919с.т. ЧПУ выпускника. Дьабыыл оскуолатыгар учууталлыы олорон 1942с. балаҕан ыйын 22 күнүгэр барбыта. 19-с СД 32-с СП уонна 242-с танковай биригээдэҕэ кыттан сэриилэспитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1992с. өлбүтэ.
- Кровников Данил Николаевич — 1901с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1953с. өлбүтэ.
- Массаев Егор Егорович — 1914с.т. «САССР 10 сыла” колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Младшай сержант. 1944с. от ыйыгар бааһырбыта. Бааһырыытынан 1944с. ахсынньыга кэлбитэ. 1985с. өлбүтэ.
- Николаев Михаил Гаврильевич — 1925с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 124.199-с СП кыттан Японияны утары сэриилэспитэ. 1948с. олунньуга эргиллибитэ. 1987с. өлбүтэ.
- Новгородов Иван Степанович — 1914с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр «САССР 10 сыла» колхозка счетоводтуу олорон ыҥырыллыбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр. 10-с гв стрелковай биригээдэҕэ кыттыбыта. 1943с. кулун тутарга инники линияҕа сылдьан ыалдьан төннүбүтэ. 2001с. өлбүтэ.
- Попов Василий Васильевич — 1904с.т. 1942с. ыҥырыллыбыта. Сэрииттэн 1945с. кэлбитэ. 1946с. өлбүтэ.
- Попов Василий Пахомовпч — 1921с.т. ЧПУ студена. 1942с. бэс ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Старшай лейтенант 57-с танковай полкаҕа кыттан сэриигэ киирсибитэ. 2-тэ бааһырбыта. 1946с. алтынньыга төннүбүтэ. 2005с. өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах. «Берлини ылыы иһин» мэтээллээх.
- Попов Гаврил Яковлевич — 1921с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 2-с салгыннааҕы десантнай дивизия 74-с биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. бааһырбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ.
- Попов Иннокентий Ефремович — 1923с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 57-с дивизия 80-с мотострелковай полкатыгар киирсэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1948с. төннүбүтэ. 2005с. өлбүтэ.
- Попов Иннокентий Николаевич — 1921с.т. Комсомоллаах. «Амма кыһата» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 83-с СД кыттан сэриилэспигэ. Бааһыран 2909№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1945с. кулун тутарга эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ.
- Попов Иннокентии Тптовнч — 1916с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 644-с 16-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1945с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр Япония сэриитигэр бааһырбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1985с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Попов Мирон Яковлевич — 1920с.т. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. Эргиллэн Булуҥҥа өлбүтэ.
- Попов Прокопий Дмитрьевич — 1917с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1945с. өлбүтэ.
- Попов Семен Пахомович — 1927с.т. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. 1948с. кэлбитэ. 1961с. өлбүтэ.
- Сергеев Дмитрий Кузьмич II — 1897с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр Алдантан ыҥырыллыбыта. 67-с саппаас чааска түбэспитэ. 1944с. кэлбитэ. 1980с. өлбүтэ.
- Сергеев Дмитрий Лазаревич — 1904с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП түбэспитэ. 1942с. бааһырбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1975с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Сталинград обороната», «Варшаваны босхолооһун», «Берлини ылыы» мэтээллэрдээх.
- Сергеев Николай Антонович — 1904с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн Сталинград сэриитигэр кыттыбыта. 1943с. атырдьах ыйыгар бааһыран 5850№-дээх ЭГ эмтэммитэ. (19-с СП сылдьан бааһырбыта). Бааһырыытынан 1943с. алтынньыга кэлбитэ. 1980с. өлбүтэ. Албан аат III степенэ орденнаах. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
- 33 . Собакин Илья Гаврильевнч — 1915с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 91-с саппаас чааска түбэспитэ. 1946с. эргиллибитэ. 2005с. өлбүтэ.
- Соловьев Адриан Тимофеевич — 1919с.т. Комсомоллаах. «САССР 10 сыла» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр уонна 913-с СП сулууспалаабыта. 1946с. ыалдьан эргиллибитэ. 1970с. өлбүтэ.
- Соловьев Дмитрий Семенович — 1917с.т. Комсомоллаах. «СЛССР 10 сила» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 54-с кавалерийскай дивизия 89-с кавалерийскай полкаҕа уонна 436-с СП кыттан Москва көмүскэлин иһин сэриигэ киирсибитэ. 1942с. от ыйыгар инбэлиит буолан төннүбүтэ. 1994с. өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах.
- Федоров Василий Харитонович — 1921с.т. 1944с. от ыйын 23 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 582-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1966с. өлбүтэ.
- Федоров Егор Петрович — 1921с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 368-с СП кыттан Япония сэриитигэр тиийбитэ. 1946с. эргиллибитэ.
- Федоров Константин Лукич — 1897с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 252-е СД 932-е СП кыттан Сталинград иһин сэриилэспитэ. 1942с. бааһыран 4940№-дээх ЭГ эмтэммитэ. Бааһырыытынан 1943с. бэс ыйыгар төннүбүтэ. 1988с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Сталинград обороната» мэтээллэрдээх.
- Федоров Константин Макарович — 1920с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 20-е хайыһар биригээдэтигэр кыттан сэриигэ киирсибитэ. 2-тэ бааһырбыта. Инбэлиит буолан 1944с. төннүбүтэ. 1990с. ыалдьан өлбүтэ. Албан аат III-с степенэ, Октябрьский Революция орденнаах, «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
- Федоров Николай Алексеевич — 1918с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1017-е СП түбэспитэ. 1942с. кулун тутарга бааһырбыта. 1942с. от ыйыгар инбэлиит буолан эргиллибитэ. 1981с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
- Федоров Петр Николаевич — 1909с.т. Учуутал. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Гв.старший сержант. 82-е СП түбэспитэ. 1945с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр эргиллибитэ. 1972с. өлбүтэ.
- Хомподоев Николай Николаевич — 1912с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Чурапчы сельпотугар председателыы олорон барбыта. 5-е уонна 71-е кавалерийскай полкаларга кыттан Москваны көмүскэспитэ. 1944с.бааһырыытынан эргиллибитэ. 1978с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах, «Москва обороната» мэтээллээх.
- Чиркоев Иван Львович — 1926с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 853-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1950с. эргиллибитэ. 1972с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
Үлэ фронугар кыттыбыттара:
- Багарытов Прокопий Николаевич — 1921с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Усольяца үлэлээбитэ. 1944с. кэлбитэ. 1975с. өлбүтэ.
- Батарин Дмитрий Алексеевич — 1904с.т. «Амма кыһата колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1983с. өлбүтэ.
- Батарин Кузьма Лазаревич — 1904с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1944с. төннүбүтэ. 1970с. өлбүтэ.
- Беляев Григорий Тимофеевич — 1921с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1945с. ыалдьан төннүбүтэ. 2004с. өлбүтэ.
- Петров Гаврил Васильевич — 1908с.т. 1943с. Кэбээйиттэн ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллэн Жиганскайга олорбута.
- Попов Афанасий Матвеевич — 1905с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1944с. от ыйыгар ыалдьан төннүбүтэ. 1956с. өлбүтэ.
- Попов Иван Тптович — 1907с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1944с. ыалдьан төннүбүтэ. 1947с. өлбүтэ.
- Попов Сергей Николаевич — 1907с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 19 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1986с. өлбүтэ.
- Самсонов Василий Данилович — 191 бс.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с.бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1944с. бэс ыйыгар ыалдьан төннүбүтэ. 1944с. сэтинньигэ өлбүтэ.
- Сибиряков Иван Николаевич — 1919с.т. «Амма кыһата» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1993с. өлбүтэ.
- Сибиряков Михаил Гаврильевич — 1912с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 13 күнүгэр барбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1956с. өлбүтэ.
- Собакин Петр Михайлович — 1910с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с.бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ.
- Соловьев Василий Дмитрьевпч — 1893с.т. «САССР 10 сыла» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
Аҕа дойду сэриитин I-кы, II-с степенэ орденнаахтар


Брыскаев Дмитрий Титович
Медицинскэй сулууспа майора. Соловьев нэһилиэгэ. (1915-1992) Казаннааҕы медицинскэй институту үөрэнэн бүтэрээт, 1942 с. алтынньыттан Кыһыл Армия кэккэтигэр сулууспатын саҕалаабыта, дивизия старшай бырааһынан анаммыта.1944 с. Кыһыл Сулус орденынан наҕараадалыыр докумуоҥна этиллэр: «… Полк старшай бырааһа т. Брыскаев сэриилэһии түгэнигэр олоҕун да харыстаабакка туран, сэрии миинэлэммит хонуутуттан бэйэтинэн киирэн, 5 бааһырбыт байыаһы соһон таһаартаабыта. Днепр өрүс иһин кыргыһыыга биир байыас миинэҕэ түбэһэн бааһырбыта. Онно быраас бэйэтинэн киирэн, бастакы көмөнү оҥорон байыас тыынын быыһаабыта».Кэлин 226-с с.д. 985-с с.п. старшай байыаннай бырааһынан үлэлии сылдьан, Чехословакия Моравска-Острова куоратын иһин кыргыһыыга көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин, Аҕа дойду сэриитин II -с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.Саха АССР үтүөлээх бырааһа Д.Т. Брыскаев сэрии кэнниттэн Чурапчы, Орджоникидзевскай (Хаҥалас) оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка бэйэтин идэтинэн өр сылларга таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Попов Василий Пахомович
Гвардия старшай лейтенана Соловьев нэһилиэгэр 1921 с. төрөөбүтэ. Кыһыл Армия кэккэтигэр 1942 с. ынырыллыбыта.Саратовтааҕы 2-с танковай училещены бүтэрэн, СУ-100 самоходнай установканы командалаабыта. Инники кирбиигэ 2-с Белорусскай фронт 393-с гвардейскай полкатын састаабыгар киирсэн сэриилэспитэ.Наҕараадалыыр лиискэ суруллубут:«.. таб. Попов Берлин куорат кытыытыгар өстөөхтөрүн утары сэриилэһэр кэмигэр бэйэтин хорсунун уонна дъулуурун көрдөрдө. СУ-100 установкатынан олус табыллан маневрдаан сэриилэстэ. Ландвер өрүһү туорааһыҥҥа, биир бастакынан, өстөөххө көҥү көтөн киирдэ уонна өстөөх муоста туоруурга мэһэйдиир ДЗОТ-н, 1 пулемету, өстөөх 20-чэ снайперын, фаустнигын суох оҥорбуттара. Онон т. Попов экипаһа корпус өрүһү туораан салгыы сэриилэһэр кыахтарын тэрийдэ».Старшай лейтенант Попов 1943 с. тохсунньуттан сэрии бүтүөр диэри Донской, Арҕааҥы, Арҕааны-Соҕуруу фроннарга сэриилэспитэ.393-с гвард. Самоходнай артиллерийскай полка командованиетын түһэриитинэн, Попов В.П. 12-с танковай корпус командованиетынан Аҕа дойду сэриитин II-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.Василий Пахомович сэрии кэнниттэн юридическай оскуоланы үөрэнэн бүтэрэн, сокуону, быраабы араҥаччылыыр органнарга Эдьигээҥҥэ уонна Дьокуускай куоракка үлэлээбитэ.

Сергеев Савелий Дмитриевич
Лейтенант, Соловьев нэһилиэгэ (1923-1944 сс.)1941 с. потребкооперация техникумун үөрэнэн бүтэрбитэ. Идэтинэн Амма оройуонун райпотребсоюһугар үлэлии тахсыбыта.1941 с. атырдьах ыйын 3 күнүгэр Ийэ дойдутун көмүскүү аттаммыта. Хотугулуу-Арҕааҥҥы фроҥҥа 282-с с. д. взвод командирынан сэриилэһэ сылдьан ханас санныгар, кэлин, уҥа санныгар, түөһүгэр ыараханнык бааһырбыта. 11-с армия «Знамя советов» хаһыата «Якут не жалеет врага» диэн кини туһунан ыстатыйаны бэчээттээбитэ.
  1943 с. атырдьах ыйыгар 127-с туспа стрелковай бригадаҕа взвод командирынан сылдьан Старай Русса оройуонугар сэриилэспитэ. Атырдьах ыйыгар уна уллунађар бааһырбыта. Хорсун, хоодуот быһыытын иһин, 34-с армия командованиета Кыһыл Сулус орденынан наҕараадалаабыта.
Лейтенант Сергеев 1944 с. саҕаланыытыттан ыла 3-с ударнай армия 219-с с.д. састаабыгар сэриигэ кыттыбыта. Кулун тутар 1-3 күннэригэр уонна кулун тутар 6 күнүгэр лейтенант Сергеев хорсуннук уонна сатабыллаахтык сэриилэспитэ. 174,6 үрдэлтэн өстөөхтөрү киэр үүрэргэ сорудах кэлбитэ. Сэрии бириэмэтигэр атын икки взводтар командирдара стройтан туораабыттарынан, ротаны хамаандалаабыта. Сорудах чиэстээхтик толоруллубута.
Кулун тутар 6 күнүгэр өстөөх утары атаакаҕа киирбитэ. Лейтенант Сергеев взводун хамаандалаан, бэйэтэ холобур буолан инники ыстаммыта. Өстөөх буулдьата хорсун офицер сырдык тыынын быспыта…
93-с стрелковай корпус командирын 1944 с. кулун тутар 25 к. бирикээһинэн, лейтенант Сергеев (өлбүтүн кэннэ) Аҕа дойду сэриитин II-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.
Хорсун командир Сергеев С.Д. уҥуоҕа Калининскай уобалас Сергейцево дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ.

Соловьев Дмитрий Семенович
Соловьев нэһилиэгэ (1917-1994). Комсомоллаах. Фронна сылдьан, партия чилиэнинэн киирбитэ. 1941 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Кыһыл Армияҕа ынырыллыбыта. Бастаан, саппаас чааска — Алтайга ат сэриитигэр үөрэниини барбыта.39-с армия 54-с кав. див. 89-с кав. полкатыгар түбэспитэ. Сэрии бастакы сылыгар аттаах сэрии улахан күүс буолара. Москва куорат оборонатыгар кыттыбыта. Ржев арҕаа өттүгэр өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэһэ сылдьыбыттара. 1942 с. ыараханнык бааһыран, госпитальга эмтэммитэ. Бу сыл, от ыйыгар сэрии инбэлиитэ буолан, дойдутугар эргиллибитэ.Наҕараадалыыр лиискэ суруллубут: «…1941 с. сэтинньигэ, Калининскай фронт 54-с кав. див. 89-с кав. полката өстөөҕү кытта ыар сэриигэ күүстэрэ кыайтаран төгүрүктээһиҥҥэ түбэспитэ.Быданан хаалбыт батальон сэрииһиттэрин хомуйа сылдьар командир олоҕун быыһыыр сыалтан т. Соловьев кимэн киирэн иһэр, өстөөх бөлөх саллааттарын утары ытыаласпыта. Мүлчү туттаран, өстөөхтөртөн куотан баран, үс суукканы быһа аһыыр aha суох бэйэтин дьоннорун көрдөөбүтэ. Үһүс күнүгэр, дьэ, Советскай сэрииһиттэр бөлөхтөрүгэр түбэһэ түспүтэ.Ржев, Вязьма куораттары босхолуур кыргыһыыларга кыттыбыта. Ый кэриҥэ өстөөх күүстээх уотун аннынан утары атаакалары оҥортообута. Ол сылдьан, иккистээн төгүрүтүллүбүттэрэ. Ыар сүтүгү көрсөн, төгүрүтүллүүттэн төлө көтөн тахсыбыттара.1942 с. кулун тутар 25 күнүгэр Смоленскайуобалас, Андреевка дэриэбинэтигэр буолбут сэриигэ ыараханнык бааһырбыта. Санитарнай чааска хаҥас илиитин быстарарыгар тиийбитэ.Дойдутугар эргиллэн кэлэн нэһилиэгэр, ыаллыы нэһилиэккэ колхоз председателинэн, агрономунан, оройуон киинигэр бэйэтин идэтинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Алексеевскай оройуон военкома майор Сотников1965 с. кулун тутар 22 к.» Соловьев Дмитрий Семенович Аҕа дойду сэриитин II-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.
Кыһыл Сулус орденнаахтар


Хомподоев Николай Николаевич
Соловьев нэһилиэгэ (1912-1978сс.). Чурапчы сельпотун председатэлин солбуйааччынан үлэлии олорон, 1941 с. атырдьах ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта. Бастаан, 2-с кавалерийскай корпус 5-с кавалерийскай полкатыгар, кэлин 49-с армия 71-с кавалерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ.
Кырыктаах кыргыһыыларга, үксүн, Москва тула сэриилэргэ кыттыбыта. Юхново, Серпухов тула немецкэй фашизм саллааттарын кытары күөн көрсүбүтэ. 1944 с. олунньу 20 күнүгэр ыараханнык бааһыран, ол түмүгэр, салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолан дойдутугар төннүбүтэ.
Кыһыл Сулус орденынан, «Москва оборонатын иһин» медалынан наҕараадаламмыта.
Ордеҥҥа наҕараадаҕа түһэриигэ бу курдук суруллубут: «…Москва куорат тула, Арҕааҥҥы фроҥҥа обороналанар сэриигэ кыттыбыта. 49-с армияҕа сулууспалыырыгар, 1946 с. алтынньыга Ока өрүскэ, Серпухов арҕаа өттүгэр, 1941 с. сэтинньигэ-ахсынньыга өстөөх сэриитигэр утары кимэн киириигэ Алексин уонна Тула туһаайыыларыгар араас ыарахан балаһыанньаларга киирсибитэ.1942 с. Юхновтааҕы өстөөх бөлөҕүн утары кимэн киириигэ кыттыбыта. 1943 с. атырдьах ыйыгар Ярцево куораты босхолуурга атырдьах ыйын 8 күнүгэр сэрии хонуутугар ыараханнык бааһырбыта. 1943 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр иккистээн ыараханнык бааһырбыта. Бу бааһырыытынан сибээстээн, дойдутугар сэрии инбэлиитэ буолан эргиллибитэ. Хаңас илиитин тарбахтара адьас мөлтөхтүк тутар, уҥа санна бааһыран, үлэлииригэр-хамсыырыгар улаханнык мэһэйдиир буолбута. Дойдутугар эргиллэн баран, араас эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбитэ. Чурапчы оройуонун военкома майор Сотников. 4.04.1967 c.».
Николай Николаевич Хомподоев Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта.
Албан Аат орденнаахтар

Сергеев Николай Антонович
Соловьев нэһилиэгэр 1904 с. төрөөбүтэ. «Амма кыһата» колхоз чилиэнэ. 1942 с. бэс ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ынырыллыбыта. Бершеть байыаннай лааҕырга кылгас үөрэтии кэнниттэн Сталинград куорат көмүскэлигэр ыыппыттара. Онно 252-с с.д. 932-с с.п. түбэһэн, сэрии уотугар баар буола түспүтэ. Бааһыран, эмтэнэн үтүөрэн баран, атын чааска — 26-с стрелк. бригадаҕа уонна 19-с с.п сулууспалаабыта. Курскайдааҧы сэриигэ кыттан, 1943 с. атырдьах ыйыгар иккистээн бааһырбыта. Сэрии инбэлиитэ буолан 1943 с. алтынньыга дойдугугар эргиллибитэ.
Н.А. Сергеевы орденынан наҕараадалыыр лиискэ суруллубут: «Сталинград оборонатын кыттыылааҕа. 1942 сыл, ахсынньы 3 күнүгэр Сталинград иһин сэриигэ, 932-с полкага сылдьан бааһырбыта.
Госпитальга эмтэнэн, үтүөрэн баран, 19-с с.п. сулууспалаабыта. Курскай- Орловской Тоҕой сэриитигэр кыттыбыта. Киин фроҥҥа сылдьан, 18.08.1943 с. мина осколкатынан ыараханнык бааһырбыта. Икки санныгар табыллыбыта. 5850-дээх эвакуац. госпитальга өр кэмнэ эмтэнэн баран, салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолан, сэрии иккис группалаах инбэлиитэ дойдутугар эргиллибитэ.
Чурапчы оройуонун военкома майор Сотников».
1968 с. от ыйа».
Н.А. Сергеев Албан Аат II-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта. 1980 сыллаахха өлбүтэ.
Федоров Константин Макарович
Соловьев нэһилиэгэ (1920-1990 сс.) Саҥардыы үлэһит буолан иһэн, Чөркөөххө көһөн тахсан олорбута, үлэлээн барбыта.1942 с. бэс ыйыгар фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Бастаан 21-с туспа хайыһар бригадатыгар кыттан сэрии инники кирбиитигэр тиийбитэ. Сэриигэ минометчик быһыытынан уонна 82 мм. пушкаҕа артиллерист быһыытынан фашистскай сэриилэри утары киирсибитэ, үксүн Новгородскай уобалас Старай Русса оройуонугар, Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ. 25.09.1943 с. иккистээн уонна ыараханнык бааһыран, сэрии үһүс группалаах инбэлиитэ буолан, 1944 с. дойдутугар эргиллибитэ.
Албан аат III-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта. Эйэлээх олоххо өр кэмнэ маҕаһыын атыылааччытынан үлэлээбитэ. «Бочуот Знага» уонна Октябрьскай Революция орденнарынан наҕараадаламмыта, «Советскай эргиэн туйгуна» ааты ылбыта.
Бойобуой ордеҥҥа түһэрэр лиискэ бу курдук суруллубут: «…1942 с. ахсынньыттан 21-с туспа хайыһар бригадатын састаабыгар кыттан Хотугулуу- Арҕаа фроҥҥа Демьянскай плацдармы босхолуур сэриигэ кыттыбыта. Старай Руссага — Ильмень күөл мууһун устун походка кыттыбыта. 22.04.43 с. баран, 648-с с.п. кыттан, фроҥҥа эргиллибитэ.
25.09.43 с. ханас санныгар буулдьаттан ыараханнык бааһырбыта. Сэрии инбэлиитэ буолан, дойдутугар эргиллибитэ. Кэлээт колхозка счетоводунан, онтон 1957 сылтан продавеһынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Чурапчы оройуонун военкома майор Сотников. 30.07.1967c.».
К.М. Федоров Албан Аат III-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.
Бойобуой мэтээллээхтэр







Быганов Касьян Афанасьевич
1901 с.л. «Амма кыһата» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ынырыллыбыта. 448-с СП кыттан Сталинград к. иһин сэриигэ киирсибитэ. 30.12.1942 с. бааһыран 1866 No-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1944 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. Колхоһугар хонуу үлэтигэр үлэлээбитэ. 1970 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Сталинград обороната» мэтээллэрдээх.
Борисова Пелагея Дмитриевна
1916с.т. Орджоникидзевскай оройуон 2-с Маалтааны нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1940 с. Ленинградтаабы театральнай институкка үөрэнэ тиийбитэ. Ленинградка обороналанар үлэтэ 1941 с. атырдьах ыйыттан кыттыбыта. 1942 с. олунньу ыйга Ладога күөл мууһун устун төгүрүктээһинтэн тахсыбыта. 1942-1948 сс. Саха театрын солиһа. Салгыы Чурапчыга үлэлии тахсан Соловьев А.Т. ыал буолбута. Культура дьиэтигэр үлэлээбитэ. 1977 с. өлбүтэ. Ийэ I-гы, ІІ-с.III -с степенэ, «Ленинград обороната» мэтээллэрдээх.
Егоров Михаил Никитич
1906 с.т. Амма оройуонун Сулҕаччытыттан төрүттээх. «Амма кыһата» колхозтан 15.08.1941 с. ыҥырыллыбыта. Генерал Белов армиятыгар 2-с кавкорпус 5-с кавполкатыгар кыттан Москва к. көмүскээбитэ. Серпухов туһаайыытынан сэриигэ киирсибитэ. Кэлин 161-с СП кыттан Старай Русса оройуонугар Демянскай плацдарм иһин сэриилэспитэ. 1941 с. сэтинньигэ уонна 03.05.1942 с. бааһырбыта. Дойдутугар 1944 с. эргиллибитэ. Колхоһугар хонуу үлэһитэ. 1972 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Москва обороната» мэтээллэрдээх.
Иванов Михаил Авсентьевич
1919 с.т. «Автономия 10 сыла» колхоз чилиэнэ. 28.08.1941 с. Алдан военкоматынан ыҥырыллыбыта. 509-с стр. биригээдэ, 184-с СП кэлин 149-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. Сталинград к. туһаайыытынан, Берлини ылыы, Японияны утары сэриилэргэ кыттыбыта. 23.03.1943-04.1945 сс. билиэн түбэһэ сылдьыбыта. Босхолонон баран 161-с саппаас СП кыттыбыта. 20.05.1946 с. эргиллибитэ. Хатылы нэһилиэгэр «Кыһыл бартыһаан», Субуруускай аатынан совхозка эппиэттээх үлэлэргэ үлэлээбитэ. 1980 с. өлбүтэ. «Берлини ылыы иһин» мэтээллээх.
Попов Иннокентий Титович
1916 с.т. «Автономия 10 сыла» колхоз чилиэнэ. 24.06.1943 с. ыҥырыллыбыта. 644-с уонна 16-с СП кыттыбыта. Японияны утары сэриигэ киирсибитэ. 14.08.1945 с. бааһырбыта. 1946 с. от ыйыгар эргиллибитэ. Колхоһугар араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. 1985 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Сергеев Дмитрий Лазаревич
Ефрейтор. 1904 с.т. «Автономия 10 сыла» колхоз чилиэнэ. 20.06.1942 с. ынырыллыбыта. 24-с армия 252-с СД 932-с СП, кэлин 187-с туспа уонна 40-с туспа СП кыттан сэриигэ киирбитэ. 16.12.1942 с. бааһырбыта. 1945 с. от ыйыгар эргиллибитэ. Колхоһугар араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. 19 сыл сылгыһыттаабыта. 1975 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Сталинград обороната», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
Федоров Константин Лукич
1907 с.т. «Амма кыһата» колхоз чилиэнэ. Зем. предел комиссиятын чилиэнэ. 1930 с. «Сардаҥа» колхоз бырабылыанньатын председателэ, 5 сыл Ааллаах-Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. 20.12.1942 с. ыҥырыллыбыта 252-с СД 932-с СП, кэлин 361-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 20.12.42 с. бааһырбыта. 4940 No-дээх ЭГ сыппыта. 3.06.1943 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. Колхоһугар араас үлэлэргэ үлэлээбитэ, ол иһигэр тутууга завхоһунан. 1971 с. Москваҕа Тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбыта. 1988 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Сталинград обороната» мэтээллэрдээх.
Чиркоев Иван Львович
1926 с.т. «Автономия 10 сыла» колхоз чилиэнэ. 16.06.1944 с. ыҥырыллыбыта. 853-с СП, 7560 уонна 7559 воинскай чаастарга сулууспалаабыта. 11.09.1950 с. дойдутугар эргиллибитэ. Милицияҕа 4 сыл үлэлээбитэ. Суоппар идэтин ылан нэһилиэгэр онтон Чурапчыга райпоҕа суоппардаабыта. 1972 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Бастакы эрээккэ тураллар: Попов Иннокентий Титович, Соловьев Андриан Тимофеевич, Федоров Николай Алексеевич, Хомподоев Николай Николаевич
Иккис эрээккэ тураллар: Федоров Константин Лукич, Массаев Егор Егорович

Тураллар: Попов Семен Пахомович, Собакин Иннокентий Гаврильевич, Попов Василий Пахомович
Олороллор: Николаев Гаврил Гурьевич, Местников Афанасий Дмитриевич
Туһаныллыбыт литература
1. Мырыла. Чурапчы улууһа Соловьев нэһилиэгэ. / Хомуйан оҥордо : М.Н. Сибиряков уо.д.а. – Дьокуускай : Бичик, 2002. – 256 с.
2. Павлов, Иван Михайлович.
Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.
3. Павлов, Иван Михайлович.
Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.
