Сэтинньи — Баай Байанай ыйа
Күндү ааҕааччыларбыт!
Сэтинньи ый саха олоҕор улахан суолталаах ый – ас-үөл элбиир, кыһыҥҥы хаһаас халыҥыыр. Кыстыгы этэҥҥэ туоруурга бэлэмнэнэллэр. Саха киһитэ бу кэмҥэ булт абылаҥар ылларан, тэринэн, ох курдук оҥостон, сиэри- туому тутуһан бултуу-алтыы барара. Байанай ыйын бэлиэлэрин, булт сиэрин-туомун , сорсуннаах булчуттар, мүччүргэннээх түбэлтэлэр тустарынан уус-уран умсугутуулаах айымньылары сырдатар виртуальнай кинигэ быыстапкатын көрүҥ, сэргээҥ!