Өлүөнэ өрүс күнэ

  • 02.07.2024
  • 31

Новости

2013 сылтан ыла от ыйын 2 күнүгэр Саха сиригэр Өлүөнэ өрүс күнэ бэлиэтэнэр.

""

Бу бэлиэ күн  кэрэ очуос таас киэргэтиилээх, толору уулаах, баай балыктаах  өрүспүтүн,  айылҕабыт  баайын харыстааһыҥҥа дьон болҕомтотун тардарга ананан тэриллибитэ.Өлүөнэ өрүс — Сахабыт сирин саамай улахан, Россия уонна аан дойду биир улуу өрүһэ. Уһуна 4400 км. Россияҕа Обь уонна Енисей кэнниттэн уһунунан үһүс миэстэҕэ  турар. Улуу Өлүөнэ өрүс  былыыр-былыргыттан саха дьонун аһатан-сиэтэн кэлбит  иһэр уубут, аһыыр аспыт, суолбут- ииспит хорук тымыра.Өлүөнэ өрүс туһунан билиигитин тургутан көрүҥ, саҥаны, сонуну билиҥ!https://forms.gle/rr4MkBFyxpk8S8LZA

Добавить комментарий