Мугудай нэһилиэгэ

«Кинилэр Ийэ дойду иһин  охсуспуттара»

Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын ааттарын үйэтитии 

Ааптар: Ноговицын Тимофей Степанович

Тутуллубут сыла: 1985 с., Федоров Михаил үлэтэ, 

 «Кыайыы 60 сыла» пааматынньык

Тутуллубут сыла: 1970 с. Ааптар: Ноговицын Тимофей Степанович, 

 2005с. саҥардыллыбыта 

«Кыайыы 30 сыла» пааматынньык Тутуллубут сыла: 1975 с.Ааптар: Ноговицын Т.С.       2005 с. Попов М.А. салайыытынан саҥардыллыбыта.           «Умнубаппыт! Киэн туттабыт!»Аҕа дойду сэритин кыттыылаахтарыгар бырааттыы Сивцевтарга  анаммыт пааматынньык. Тутуллубут сыла: 2020 с.

Мугудай нэһилиэгиттэн  Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барыта 132 киһи бэбиэскэ тутан атаарыллыбыттара. Бу дьонтон 25 киһи үлэ фронугар сылдьыбыта, 3 киһи ыалдьан төннүбүтэ, 102 киһи уоттаах сэриигэ киирбитэ. Кыргыһыыга кыттыбыттартан 61 киһи ыраах, ааттарын билэттээбэт сирдэригэр сырдык тыыннара быстыбыта. Үлэ фронугар 6 киһи өлбүтэ.

   Команднай састаапка: 1 старшай лейтенант, 2 младшай лейтенант, 6 сержант, 121 киһи рядовой байыастарынан сылдьыбыттара.1 киһи өстөөх билиэнигэр түбэһэн, сору-муҥу мунунан тыыран, дойдутугар эргиллибитэ. Аҕа дойду Улуу сэриититтэн 68 киһи эргийбититтэн, аҥаардара Кыайыы 20 сыллаах үбүлүөйүгэр тиийбэтэҕэ. Улуу Кыайыы 60 сылын үһүөйэх ветеран —  С.Т. Ноговицын, И.В. Смирников, В.М. Пермяков көрсүбүттэрэ.

Мугудай нэһилиэгэ Чурапчы улууһа. [хомуйан оҥордулар Т.Е.Захарова, В.И.Пермякова]. – Дьокуускай : Көмүөл,2012. – С.

  1. Борисов Афанасий Михайлович — 1921с.т. «Дьэҥкэрэ» колхоз чилиэнэ. Комсомоллаах. 1942с. атырдьах ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн сэриигэ киирсибитэ. Фроҥҥа өлбүтэ. Ильмень күөл сэриитин кыттыылааҕа.
  2. Варламов Семен Елисеевич — 1914с.т. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. Полевой почта 49936 аадырыска кыттан сэриилэспитэ. 1943с. кулун тутар 19 күнүгэр сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  3. Гоголев Василий Андреевич — 1914с.т. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр аттаммыта. 266-е СП түбэһэн Москва анныгар сэриигэ кытгыбыта. 1941с. ахсынньыга онно сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  4. Данилов Евсей Николаевич — 1915с.т. Комсомоллаах. «Горькай» колхоз. Сэрии хонуутугар өлбүтэ эрэ биллэр.
  5. Данилов Николай Кириллович — 1921с.т. Комсомоллаах. «Горькай» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 20-е туспа хайыһар биригээдэтигэр кыттан сэриигэ киирсибитэ. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  6. Дьяконов Алексей Афанасьевич — 1912с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. ахсынньыга Москва анныгар сэриигэ өлбүтэ.
  7. Дьяконов Петр Афанасьевич — 1909с.т. «Октябрь» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр. Горнай оройуонуттан ыҥырыллыбыта. 110-е СД 1289-е СП түбэспитэ. 1942с. атырдьах ыйын 14 күнүгэр Смоленскай уобалас Семеновское дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ. Биллэрии кэргэнигэр Анастасия Дмитрьевнаҕа кэлбитэ.
  8. Дьяконов Семен Гаврильевич — 1909с.т. «Октябрь» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Горнай оройуонуттан ыҥырыллыбыта. 110-е СД1287-е СП кыттыбыта. 1942с. муус устар 2 күнүгэр Смоленскай уобалас Износкинскай оройуон Карцево дэриэбинэҕэ немецтэр ылан олороллорун билбэккэ 51 киһи киирэн биэрбиттэрэ.
  9. Дьячковскай Николай Кузьмич — 1916с.т. «Дьэнкэрэ» колхоз. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 989-с СП, 225-с СД кыттан сэриилэспитэ. 1942с. олунньу 14 күнүгэр Курскай уобалас Знаменка село иһин сэриигэ өлбүтэ.
  10. Коркин Гаврил Николаевич — 1913с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриигэ өлбүтэ эрэ биллэр.
  11. Коркин Иван Васильевич — 1917с.т. Партия чилиэнэ. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр «Сайдыы» колхоз председателинэн үлэлии олорон барбыта. 55-с туспа тимир суолу көрөр-истэр батальоҥҥа түбэспитэ. 1942с. бэс ыйын 1-гы күнүгэр Крым тумус арыы иһин сэриигэ өлбүтэ. Биллэрии кэргэнигэр Анастасия Александровнаҕа кэлбитэ.
  12. Коркин Михаил Васильевич — 1922с.т. комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 158-с СД 580-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1942с. тохсунньу 11 күнүгэр сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  13. Коркин Роман Егорович — 1920с.т. 1942с. ыҥырыллыбыта. Сэрииттэн эргиллибэтэҕэ. Онно өлбүт буолуохтаах. Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ.
  14. Красильников Егор Егорович — 1915с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр «Сайдыы» колхоз председателинэн үлэлии олорон ыҥырыллыбыта. 1944с. бааһырыытынан төннүбүтэ. Иккистээн 1944с. эмиэ ыҥырыллыбыта. 1945с. муус устар ыйга Берлин куоракка тиийбитэ. Онно өлбүт буолуохтаах.
  15. Красильников Николай Егорович — 1922с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр сельпо бухгалтерынан үлэлии олорон ыҥырыллыбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  16. Красильников Семен Данилович — 1910с.т. «Сайдыы» колхоз чилиэнэ. 1942с. бэс ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтүн туһунан кэргэнигэр Ирина Ивановнаҕа биллэрии кэлбитэ.
  17. Макаров Михаил Михайлович — 191 бет. комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз тракториһа. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Танкист быһыытынан сэриигэ киирсибитэ. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  18. Ноговицын Василий Дмитрьевич — 1912с.т. комсомоллаах. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 348-е СД 1170-е СЛ түбэһэн Москва анныгар сэриигэ киирсибитэ. 1942с. олунньу 10 күнүгэр Калининскай уобалас Ржевскай оройуон Филкино дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  19. Оконешников Александр Алексеевич — 1924с.т. «Дьэнкэрэ» колхоз. Сэриигэ өлбүтэ эрэ биллэр.
  20. Оконешников Василий Николаевич — 1920с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ эрэ биллэр.
  21. Оконешников Егор Михаилович — 1909с.т. «Дьэнкэрэ» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  22. Оконешников Иван Игнатьевич — 1912с.т. Комсомоллаах. «Дьэнкэрэ» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 202-е СД 642-е СП кыттан Москва анныгар ыараханнык бааһыран 1943с. госпитальга киирэн өлбүтэ.
  23. Оконешников Илья Иванович — 1914с.т. Комсомоллаах. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриигэ өлбүтэ эрэ биллэр.
  24. Оконешников Иннокентий Григорьевич — 1912с.т. Комсомоллаах. «Октябрь» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэ¬риигэ өлбүтэ эрэ биллэр.
  25. Оконешников Лука Васильевич — 1920с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 20-е туспа хайыһар биригээдэтигэр кыттан сэриилэспитэ. 1943с. өлбүтэ.
  26. Оконешников Михаил Евграфович — 1909с.т. «Горькай» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 20-е туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 19 күнүгэр Ленинградскай уобалас Жуково дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  27. Оконешников Назар Михайлович — 1916с.т. «Дьэнкэрэ» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  28. Оконешников Сидор Сидорович — 1917с.т. 1941с. балаган ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 15279 полевой почтаҕа сылдьан сэриилэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр бааһырыытынан өлбүтэ. Курскай уобалас Хатнянскай оройуон Львово дэриэбинэҕэ 217№-дээх могилаҕа көмүллүбүтэ.
  29. Оконешников Степан Данилович — 1915с.т. «Горький» колхоз. 1941 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. кулун тутарга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  30. Оконешников Федор Иванович — 1914с.т. Комсомоллаах. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 41 -с саппаас полкаҕа түбэспитэ. Ыалдьан 3739 уонна 5388 №-дээх ЭГ госпиталларга эмтэммитэ. 1943с. бэс ыйын 12 күнүгэр Вологда куоракка өлөн воинскай кладбищеҕа көмүллүбүтэ.
  31. Оконешников Федор Сидорович — 1904с.т. «Горькай» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сталинград сэриитигэр кыттыбыта. 1943с. атырдьах ыйын 12 кунугэр сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  32. Пермяков Афанасий Николаевич — 1910с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 5-с кавалерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 1941с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  33. Пермяков Гаврил Дмитрьевнч — 1904с.т. Партия чилиэнэ. «Дьэнкэрэ» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ. Биллэрии аҕатыгар Дмитрий Михайловичка кэлбитэ.
  34. Пермяков Дмитрий Егорович — 1921с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1-гы приморскай армия 339-е СП кыттан Керчь тумус арыыга сэриигэ киирсибитэ. 1944с. тохсунньу 19 күнүгэр Крымҥа өлбүтэ.
  35. Пермяков Егор Дмитрьевнч — 1916с.т. Комсомоллаах. «Дьэнкэрэ» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр бааһырыытынан өлбүтэ.
  36. Пермяков Еремей Егорович — 1917с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1943с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  37. Пермяков Иннокентий Николаевич — 1919с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-е туспа хайыһар биригээдэтигэр. 200-е СД 648-е СП кыттан сэриилэспитэ. 1944с. тохсунньу 12 күнүгэр Калининскай уобалас Невельскэй оройуон Баево дэриэбинэтигэр бааһырыытынан өлбүтэ. Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ.
  38. Пермяков Николай Кириллович — 1908с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр Амма оройуонуттан барбыта. 1944с. бааһыран дойдулаан иһэн аара суолга өлбүтэ.
  39. Пермяков Трофим Николаевич — 1906с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1943с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  40. Попов Василий Петрович — 1912с.т. Комсомоллаах. «Калинин» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  41. Попов Гаврил Ильич — 1918с.т. «Октябрь» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  42. Попов Егор Павлович — 1915с.т. Комсомоллаах. «Октябрь» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 407-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1943с. кулун тутар 19 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  43. Попов Иннокентий Павлович — 1904с.т. «Октябрь» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП түбэспитэ. 1942с. алтынньыга бааһырбыта. 1942с. алтынньы 21 күнүгэр Сталинградскай уобалас Кузьми¬чи дэриэбинэҕэ өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
  44. Сивцев Василий Капитонович — 1909с.т. Партия чилиэнэ. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр пищекомбинатка үлэлии олорон атаарыллыбыта. Сталинград сэриитигэр түбэспитэ. 1942с. бүтүүтэ онно сылдьан өлбүтэ.
  45. Сивцев Василий Михайлович — 1909с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. Москва анныгар сэриигэ өлбүтэ.
  46. Сивцев Василий Терентьевич — 1903с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 707№-дээх воинский чааска сулууспалаабыта. 1943с. тохсунньу 31 күнүгэр ыалдьан 4361№-дээх ЭГ сытан өлбүтэ. Ленинградский уобалас Половскай оройуон Новель дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ.
  47. Сивцев Григорий Григорьевич — 1921с.т «Октябрь» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Хатастан барбыта. 4-е гвардейскай мотострелковай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр Сталинградскай уобалас Куйбышевскай оройуон Алексеевка дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
  48. Сивцев Григорий Прохорович — 1917с.т. ЧПУ выпускнига. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Мугудайга учууталлыы олорон барбыта. Айаннаан иһэн ис тиибигэр хаптаран хаалбыта. 1942с. от ыйын 16 күнүгэр Иркутский уобалас Усть-Кутка өлбүтэ.
  49. Сивцев Егор Иванович- 1914с.т. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1941с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ. Биллэрии кэргэнигэр Варвара Тихоновнаҕа кэлбитэ.
  50. Сивцев Иван Иванович — 1908с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1943с. балаҕан ыйын 26 күнүгэр Свердловской уобалас Нижнетагильскай оройуон Шайтанка станцияҕа бааһырыытынан 1714№-дээх ЭГ эмтэнэ сытан өлбүтэ.
  51. Сивцев Иван Ильич II — 1919с.т. ЧПУ выпускнига. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Хадаарга учууталлыы олорон барбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр кыттыбыта. 1943с. кулун тутар 18 күнүгэр Новгородскай уобалас Борок дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ. Биллэрии Неустроева Анастасия Ивановнаҕа кэлбитэ.
  52. Сивцев Иван Петрович — 1919с.т. комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр нарсудка секретарынан үлэлии олорон барбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр тубэһэн сэриилэспитэ. 1943с. муус устарга сэриигэ өлбүтэ. Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ.
  53. Сивцев Илья Иванович — 1917с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 10-с гв. СД 35-с гв СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1942с. ыам ыйын 12 күнүгэр Карельскай ССР 9262 квадратка өлөн көмүллүбүтэ. Биллэрии Иван Ивановичка кэлбитэ.
  54. Сивцев Иннокентий Николаевич — 1905с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр сельпоҕа рабочайдыы сылдьан барбыта. Сэрии толоонугар өлбүтэ эрэ биллэр.
  55. Сивцев Николай Николаевич II — 1918с.т. «Сайдыы» колхоз. Комсомоллаах. 1939 сылтан Кыһыл Армияҕа сулууспалаабыта. Украинаҕа Житомирга. границаҕа 156-с подразделга турбута. 1941с. бэс ыйыгар Житомир куоракка өлбүтэ.
  56. Сивцев Семен Кузьмич — 1918с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр барбыта. 1943с. тохсунньу 27 күнүгэр Сталинградскай уобалас Колхозная Ахтуба селоҕа өлбүтэ.
  57. Сивцев Степан Петрович — 1916с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Горнай оройуонугар оскуола директорынан үлэлии олорон барбыта. 19-е туспа хайыһар биригээдэтигэр кыттан сэриилэспитэ. 1943с. кулун тутар 6 күнүгэр бааһырыытынан өлөн Ильмень күөл биэрэгэр көмүллүбүтэ. Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ.
  58. Толстоухов Василий Михайлович — 1913с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр «Сайдыы» колхозка трактористыы сылдьан барбыта. 336-с СД 11 ЗО-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1942с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр Калининскай уобалас Зубцовскай оройуон Табакова дэриэбинэҕэ сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  59. Толстоухов Еремей Прокопьевич — 1908с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ биллэр.
  60. Толстоухов Иван Михайлович — 1918с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ эрэ биллэр.
  61. Толстоухов Прокопий Прокопьевич — 1911с.т. Комсомоллаах. ЯНВШ үөрэхтээх. «Сайдыы» колхоз. 76-с СД туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. олунньу 14 күнүгэр Витевскай уобалас Дубровинскай оройуон Боброво дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  62. Толстоухов Роман Федотович — 1906с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Сэрииттэн эргиллибэтэҕэ.
  63. Толстоухов Федор Иннокентьевич — 1901с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  1. Красильников Иван Егорович — 1917с.т. «Сайдыы» колхоз чилиэнэ. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1355 үлэ хамаандатыгар түбэһэн үлэлээбитэ биллэр. Эргиллибэтэҕэ.
  1. Аммосов Николай Григорьевич — 1898с.т. «Горькай» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Ыараханнык бааһырбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1970с. өлбүтэ.
  2. Аммосов Степан Константинович — 1925с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. 1946с. кэлбитэ. 1949с. өлбүтэ.
  3. Варламов Алексей Андреевич — 1918с.т. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 266-е СП түбэһэн Москва анныгар сэриигэ киирбитэ. 1941с. сэтинньигэ бааһыран 1516№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1942с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. 1966с. ыалдьан өлбүтэ.
  4. Варламов Николай Платонович — 1923с.т. «Горькай» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 111-с уонна 38-с мотострелковай полкаларга түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. кэлбитэ. 1987с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  5. Гуляев Александр Николаевич — 1902с.т. «Сайдыы» колхоз. Кыһыл бартыһаан. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. Харьков. Киев куораттары босхолоспута. 1944с. бааһырбыта. Бааһырыытынан 1944с. эргиллибитэ. 1972с. өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах.
  6. Данилов Гаврил Кириллович — 1909с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 250-с СП түбэһэн Москва анныгар сэриигэ киирсибитэ. Ыараханнык бааһыран 3595 уонна 2448№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1942с. олунньуга инбэлиит буолан төннүбүтэ. 1952с. өлбүтэ.
  7. Дьяконов Афанасий Михайлович — 1918с.т. «Октябрь» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Горнай оройуонуттан барбыта. 1238 уонна 126-с СП кыттыбыта. 1942с. кулун тутарга бааһыран 3654№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1942с. атырдьах ыйыгар бааһырыытынан эргиллибитэ. 1971с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  8. Дьяконов Иван Саввич — 1907с.т. 1943с. бэс ыйын 13 күнүгэр Алдантан барбыта. 95 уонна 220-с СП кыттыбыта. 1945с. тохсунньуга бааһырбыта. 1945с. алтынньыга кэлбитэ. 1967с. олбутэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  9. Дьяконов Лука Афанасьевич — 1923с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр Дьокуускайтан барбыта. 9-с учебнай тренировочнай авиаполкаҕа үөрэммитэ. 5-с гвардейскай бомбардировочнай дивизия старшай авиамеханига. 1946с. бэс ыйыгар төннүбүтэ. 1990с. өлбүтэ.
  10. Дьяконов Михаил Федорович -191 Зс.т. Комсомоллаах. ЯНВШ үөрэхтээх. Младшай командир. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. 1943с. эргиллибитэ. Ол сыл 1943с. ыалдьан өлбүтэ.
  11. Дьяконов Николай Михайлович — 1919с.т. Комсомоллаах. Учуутал. 1942с.бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 5-с дивизия 104, 106-с артиллерийскай полкаларга, 12-с мотострелковай биригээдэҕэ кыттан сэриигэ киирбитэ. 6 уобалаһы сэриинэн туораабыта. 1944с. бэс ыйыгар бааһырбыта. 1945с. кулун тутарга эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах.
  12. Катаков Алексей Алексеевич — 1925с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр районоҕа секретардыы олорон барбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1949с. ыалдьан өлбүтэ.
  13. Коркин Петр Васильевич — 1913с.т. Комсомоллаах. ЯНВШ үөрэхтээх. 1942с. бэс ыйыгар Бүлүүттэн ыҥырыллыбыта. Гвардия старшай лейтенана. Взвод, рота командира. 356-с СД 1181-с СП Краснояровы кытта бииргэ сулууспалаабыта. 1944с. бааһыран 395№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1946с. эргиллэн Бүлүүгэ тиийбитэ. 1959с. онно олорон өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах, «Варшаваны босхолооһун». «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
  14. Красильников Гаврил Дмитрьевич — 1920с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз, ветеринар. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 24956-с по¬левой почтаҕа сулууспалаабыта. 1944с. кулун тутарга ыалдьан түннүбүтэ. 1976с. өлбүтэ.
  15. Красильников Дмитрий Данилович — 1920с.т. Комсомоллаах. 411У выпускника. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр оскуолаҕа завучтуу олорон барбыта. 17-с гвардийскай СД 48 гв артиллерийскай биригээдэҕэ кыттан сэриилэспитэ. 1944с. олунньуга бааһыран 983№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1944с. атырдьах ыйыгар бааһырыытынан төннүбүтэ. Дьокуускайга космофизика институгар үлэлээбитэ. Государственнай премия лауреата 1985с. өлбүтэ.
  16. Красильников Николай Васильевич — 1926с.т. Комсомоллаах. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. Сержант. 45536-с воинскай чааска тубэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1950с. тохсунньуга эргиллибитэ. 1979с. өлбүтэ.
  17. Красильников Семен Никифорович — 1915с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр атаарыллыбыта. 210-с СД 644-с СП кыттан сэриигэ киирбитэ. 1946с. ыам ыйыгар төннүбүтэ. 2000с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  18. Лаврентьев Николай Филиппович — 1915с.т. 1943с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ Намҥа олорон өлбүтэ.
  19. Макаров Афанасий Михайлович — 191 Ос.т. «Сайдыы» колхоз. Комсомоллаах. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Этэҥҥэ сылдьан 1946с. кэлбитэ. Хатаска олорон 1988с. өлбүтэ.
  20. Ноговицын Тимофей Степанович — 1921с.т. Комсомоллаах «Горькай» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. Сержант. 29-с армия 159-с СД 491-с СП уонна 293-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1946с. бэс ыйыгар эргиллибитэ. 2 төгүл бааһырбыта. 2575№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 2007с. өлбүтэ. 2 Кыһыл Сулус орденнаах.
  21. Оконешников Афанасий Прокопьевич — 1915с.т. «Дьэҥкэрэ» колхоз. 1941с. ыҥырыллыбыта. Сэрии хонуутугар бааһыран инбэлиит буолан 1942с. төннүбүтэ. 1944с. өлбүтэ.
  22. Оконешников Илья Васильевич — 1911с.т. Комсомоллаах. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. олунньуга ыалдьан төннүбүтэ. 1989с. өлбүтэ.
  23. Оконешников Николай Григорьевич — 1907с.т. «Октябрь» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 326-с СД 1101ч, СП уонна 426-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. Бааһыран 1710№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1944с. эргиллибитэ. 1967с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах.
  24. Оконешников Федор Афанасьевич — «Куруггчаакы» — 1906с.т. «Дьэнгкэрэ» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Аараттан курээн Уус-Майа оройуонугар тиийбитэ. Тутуллан Алдантан сэриилэһэр хонууга атаарыллыбыта. Сэрииттэн эргиллэн кэлэн Уус-Майа оройуонугар олохсуйбута. Онно кэлин өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах.
  25. Пермяков Афанасий Кириллович — 1909с.т. «Сайдыы» колхоз. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 582-с СП 4-с работай батальонугар түбэспитэ. 1945с. сэтинньигэ эргиллибитэ. 1984с. өлбүтэ.
  26. Пермяков Василий Михайлович — 1925с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1209-с СД 770-с СПА түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. кулун тутарга эргиллибитэ. 
  27. Пермяков Иван Егорович — 1912с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбы¬та. 40-с саппаас чааска сулууспалаабыта. Ыалдьарынан 1942с. төннүбүтэ. 1982с. өлбүтэ.
  28. Пермяков Иван Михайлович — 1912с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 40-с саппаас полкаҕа сулууспалаабыта. Ыалдьан 1942с. атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. 1944с. өлбүтэ.
  29. Пермяков Максим Максимович — 1922с.т. ЧПУ студена. «Сайдыы» кол¬хоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. Гвардия младшай сержана. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр, 25-с артиллерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 1946с. ахсынньыга кэлбитэ. 1975с. Жатайга олорон өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах. «Варшаваны босхолооһун», «Кенигсбери ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
  30. Пермяков Михаил Иванович — 1922с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 кунугэр ынырыллыбыта. 210-е СД 649-е СП кыттан Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1946с. төннүбүтэ. 1990с. өлбүтэ.
  31. Пермяков Николай Михайлович — 1912с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Младшай лейтенант. 1946с. эргиллибитэ. 1950с оһолго өлбүтэ.
  32. Петров Егор Васильевич — 1925с.т. Мэлдьэхеигэ төрөөбүтэ. 1943с. бэс ыйыгар Кэбээйиттэн барбыта. 220, 32 уонна 147-е ыскылааттарга үлэлээбитэ. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1948с. эргиллибитэ. 2000с. өлбүтэ.
  33. Попов Сидор Данилович — 1917с.т. Комсомоллаах. «Октябрь» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 67-е саппаас полкатыгар түбэспитэ. 1942с. сэтинньигэ эргиллибитэ 1979с. өлбүтэ.
  34. Сивцев Алексей Никитич — 1916с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 207-е СД 597-е СП кыттан сэриилэспитэ. 1943с. балаҕан ыйыгар бааһырбыта. 1944с. инбэлиит буолан төннүбүтэ. 1984с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтэллээх.
  35. Сивцев Афанасий Николаевич — 1910с.т. «Сайдыы» колхоз. 91-е саппаас полкаҕа түбэспитэ. 1946с. кулун тутарга кэлбитэ. 1978с. ыам ыйыгар өлбүтэ.
  36. Сивцев Василий Васильевич — 1921с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 649-е СП базатыгар үлэлээбитэ. Японияны утары сэрии. 1946с. алтынньыга эргиллибитэ 1992с. өлбүтэ.
  37. Сивцев Гаврил Спиридонович — 1926с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 25-е механизированнай уонна 45521-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1950с. атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. 1982с. ыам ыйыгар өлбүтэ.
  38. Сивцев Давид Иванович — 1910с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 129-е саппаас полкаҕа түбэспитэ. 1942с. от ыйыгар инбэлиит буолан төннүбүтэ (ыалдьан). 1969с. өлбүтэ.
  39. Сивцев Иван Васильевич — 1925с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр продавецтыы олорон аттаммыта. 20-е артполкаҕа кыттан сэриигэ киирсибитэ. 1945с. эргиллибитэ. 1948с. өлбүтэ.
  40. Сивцев Иван Михайлович — 1921 с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. инбэлиит буолан кэлбитэ. 1996с. өлбүтэ.
  41. Сивцев Иван Тихонович — 1926с.т. 1944с. бэс ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 582. 64-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. эргиллибитэ.
  42. Сивцев Иннокентий Михайлович — 1919с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр Чурапчыга госкультура отделыгар үлэлии олорон барбыта. 45-с туспа артиллерийскай батальоҥҥа кыттан сэриини Кур¬скай дугаттан саҕалаабыта. 1945с. эргиллибитэ. 1985с. өлбүтэ. Кыһыл сулус орденнаах. «Хорсунун иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин». «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
  43. Сивцев Николай Дмитриевич — 1919с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр милиционердыы сылдьан барбыта. 31-с саппаас полкаҕа түбэһэн сэриилэспитэ. 1946с. кулун тутарга төннүбүтэ. 1978с. өлбүтэ.
  44. Сивцев Николай Николаевич I — 1915с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» кол¬хоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. Младшай сержант. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр, 881-с туспа Зенитнэй-артиллерийскай полкаҕа түбэһэн сэриилэспитэ. 2-тэ бааһырбыта. 1945с. балаҕан ыйыгар эргиллибитэ. 2003с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  45. Сивцев Павел Михайлович — 1926с.т. «Сайдыы» колхоз. 1944с. бэс ыйы¬гар ыҥырыллыбыта. 91-с саппаас полкаҕа түбэспитэ. 1950с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
  46. Сивцев Семен Николаевич — 1914с.т. Учуутал. «Сайдыы» колхоз. 1943с. ыҥырыллыбыта. Младшай сержант. 80-с туспа тимир суолу көрөр-истэр батальоҥҥа түбэспитэ. 1945с. кэлбитэ. 1985с. өлбүтэ.
  47. Сивцев Сергей Васильевич — 1919с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 82-с. 1034-с зенитнай биригээдэҕэ кыттан сэриилэспитэ. 1943с. бааһырбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  48. Терютин Иван Павлович — 1911с.т. Комсомоллаах. «Горькай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 кунугэр барбыта. 5-с кавалерийскай полкаҕа кыттан Москвины көмүскүүр сэриигэ кыттыбыта. 1941с. сэтинньигэ бааһырбыта. 1942с. бааһырыытыттан эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  49. Толстоухов Гаврил Ильич — 1923с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 40-е саппаас полкаҕа сулууспалаабыта. 1942с. ыалдьан дойдутугар эргиллибитэ. 1943с. өлбүтэ.
  50. Толстоухов Егор Степанович — 1903с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941 с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1159-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1943с. олунньуга бааһырбыта. 1945с. алтынньыга эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ.
  51. Толстоухов Иннокентий Лукич — 1926с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1944с. ыҥырыллыбыта. 65-с туспа стрелковай ротаҕа МСВ кыттан сэриилэспитэ. 1946с. от ыйыгар эргиллибитэ. 1951с. өлбүтэ.
  52. Толстоухов Михаил Прокопьевич — 1915с.т. «Дьэнкэрэ» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 40-с саппаас полкаҕа сылдьыбыта. 1942с. ыалдьан төннүбүтэ. 1942с. ыалдьан өлбүтэ.
  53. Толстоухов Семен Степанович — 1917с.т. «Сайдыы» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. атырдьах ыйыгар бааһырбыта. 4491№-дээх ЭГ эмтэммитэ. Бааһырыытынан 1943с. тохсунньуга кэлбитэ. 1953с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах.
  54. Толстоухов Федор Федорович — 1909с.т. ЯНВШ үөрэхтээх. Комсомоллаах. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр аттаммыта. Сержант. 563-с аэродрому көрөр батальоҥҥа түбэспитэ. 1945с. балаҕан ыйыгар кэлбитэ. 1960с. өлбүтэ.
  1. Пермяков Гаврил Прокопьевич — 1921с.т. Комсомоллаах. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1963с. өлбүтэ.
  2. Пермяков Данил Тарасович — 1900с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1993с. өлбүтэ.
  3. Пермяков Иван Устинович — 1917с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. Кэбээйигэ өлбүтэ.
  4. Пермяков Николай Дмитрьевич — 1921с.т. Комсомоллаах. «Дьэҥкэрэ» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Намтан ыҥырыллыбыта. 1943с. кэлби¬тэ. 1969с. өлбүтэ.
  5. Сивцев Еремей Никитич — 1906с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. төннүбүтэ. 1945с. өлбүтэ.
  6. Сивцев Илья Васильевич — 1905с.т. «Сайдыы» колохоз. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
  7. Сивцев Иннокентий Васильевич — 1911с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1963с. өлбүтэ.
  8. Сивцев Михаил Николаевич — 1904с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыт. 1945с. эргиллибитэ 1965с. өлбүтэ.
  9. Сивцев Семей Аввакумович — 1898с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ 1988с. өлбүтэ.
  10. Сивцев Семен Павлович — 1903с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1952с. өлбүтэ.
  11. Сивцев Тарас Павлович — 1900с.т. «Сайдыы» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ.
  12. Толстоухов Афанасий Степанович — 1907с.т. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. «Сайдыы» колхоз. 1945с. эргиллибитэ. 1993с. өлбүтэ.
  13. Толстоухов Петр Иннокентьевич — 1896.с.т. «Сайдыы» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.