Мэлдьэхси нэһилиэгэ

Аччыгый алааска  Аҕа дойду улуу сэриитигэр өлбүт 2-с Мэлдьэхси  буойуттарыгар анаммыт  памятник

Тутуллубут сыла : 1948с.

 Автор Д. П. Посельскай.

2020с. «Мэлдьэхси тускула» түмсүү Чурапчы улууһун Граныгар проекка  кыттан уонна Мэлдьэхситтэн төрүттээх биир дойдулаахтар көмө харчы хомуйуллан чөлүгэр түһэрии, реставрация үлэтэ ыытыллыбыта.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Мэлдьэхси нэһилиэгиттэн төрүттээх 146  туруу, үлэһит дьон, ол иһигэр 15 офицер, 10 сержант, үүнэн иһэр ыччаттар сэриигэ ыҥырыллан барбыттара, олортон 71 киһи кыргыһыы толоонугар  сырдык тыыннарын толук ууран охтубуттара, 74 киһи тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ.

                           2-с Мэлдьэхси Аҕа дойду көмүскэлигэр / М.Н.Корякин. – Дьокуускай, 2005. – С.8

  1. Аммосов Семен Егорович —1909с.т. Партия чилиэнэ. ЯНВШ үөрэхтээх. 1930 сылтан сулууспалыыр. Халкин-Гол сэриитин кыттыылааҕа. Капи­тан. Летчик, парашютист. 149-с СД479-С СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1942с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр Орловскай уобалас Ульяновский оройуон Железннцы дэриэбинэҕэ. Өстөөх буомбатыгар өлбүтэ. Кыһыл Знамя орденнаах. «Хорсунун иһин» мэтээллээх. Учуутал үөрэхтээх.
  2. Андросов Василий Петрович —1919с.т. Партия чилиэнэ. Партия райкомун инструктара. 1942с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Политругунан 60-с гв СП түбэспитэ. Бааһыран 4650 — ЭГ эмтэнэ сытан Дагестан­ский ССР Махачкала куоракка 1943с. сэтинньи 6 күнүгэр өлбүтэ.
  3. Бажсдонов Павел Павлович —1917с.т. «Куохара» колхоз. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  4. Васильев Егор Петрович (Дмптрьевич) —1917с.т. 1942с. олунньуга Дьокуускайга түрмэ надзирателинэн сылдьан барбыта. Сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ биллибэт.
  5. Габышев Куприяи Николаевич —1912с.т. «Тахсыбыт сардина» кол­хоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаган ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  6. Гоголев Федор Тарасович —1911с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Бааһыран Горький куоракка 2796- ЭГ сыппата. Онно сытан 1942с. сэтинньи 14 күнүгэр өлбүтэ. Куорат кладбищетыгар көмүллүбүтэ.
  7. Григорьев Никифор Егорович —1928с.т. «Куохара» колхоз, комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. алтынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  8. Далбаев Лука Прокопьевич —1902с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 315-с СД түбэһэн Сталинград иһин сэриилэспитэ. 1942с. ахсынньы 24 күнүгэр Сталинградка Ленинской оройуон Царев селоҕа өлбүтэ.
  9. Далбаев Михаил Прокопьевич —1908с.т. партия чилиэнэ. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Москва иһин сэриигэ кыттан 1943с. кулун тутар 13 күнүгэр ыарахан бааһырыыттан өлбүтэ.
  10. Иванов Андрей Иванович —1914с.т. Юридическай оскуола үөрэхтээх. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сталинградскай уобалас Крас­ноармейский куоракка үлүйэн 1091 -ПГ (полевой госпиталь) сытан 1943с. кулун тутар 3 күнүгэр өлбүтэ.
  11. Кириллин Василий Петрович —1918с.т. ЧПУ студена 1941с. атырдьах ый­ыгар барбыта. 81-е СД 323-е СП түбэспитэ. 1942с. кулун тутар 24 күнүгэр Харьковскай уобалас Болчанскай оройуон Байрак село иһин сэриигэ өлбүтэ.
  12. Корякин Дмитрий Николаевич —1900с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 700-е СП түбэспитэ. Ыараханнык бааһыран 3284-е ЭГ киирбитэ. 1943с. муус устар 6 күнүгэр Ростовский уобалас Сара­тов куоракка өлбүтэ.
  13. Корякин Иван Романович —1918с.т. «Куохара» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1945с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  14. Корякин Никита Иванович —1902с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Кытаанах сельпотун бухгалтера. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар Сталинград иһин сэриигэ өлбүтэ.
  15. Корякин Николай Егорович 1 —1908с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. кулун тутарга хотугулуу-арҕаа фроҥҥа өлбүтэ.
  16. Корякин Николай Петрович —1909с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 19-е туспа хайыһар биригээдэтигэр кэлин 440-с СП түбэспитэ. Орловскай уобалаһын Рогнединскай оройуон Родковка дэриэбинэҕэ бааһыран 1943с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ. Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ.
  17. Корякии Павел Иванович —1915с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» 1942с. барбыта. Бу сыл — 1942с. сэриигэ өлбүтэ.
  18. Корякин Прокопий Михайлович —1908с.т. «Куохара» 1943с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1944с. муус устарга Украинскай фроҥҥа сылдьан сэриигэ өлбүтэ.
  19. Корякин Семен Степанович —1905с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» 1942с. бэс ый­ыгар Алдантан барбыта. Сталинград сэриитигэр сылдьан ыалдьан 4184-полевой госпитальга эмтэммитэ. 1942с. алтынньы 31 күнүгэр олен Токарева пески хуторга көмүллүбүтэ.
  20. Кузьмин Александр Иннокентьевич —1909с.т. «Тахсыбыт сардана». 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 9-с СП тубэспитэ. 1942с. балаҕан ыйы­гар сэриигэ өлбүтэ.
  21. Максимов Степан Михайлович —1919с.т. «Тахсыбыт сардана» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. балаҕан ыйыгар барбыта. 232-с СП түбэспитэ. Млад­ший сержант. 1943с. кулун тутарга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  22. Марков Александр Иванович —1915с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Ком­сомоллаах. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта, старшая лейтенант. Смолен­ской уобалас сиригэр, Арҕааҥҥы фроҥҥа, 1943с. сэтинньигэ сэрии хонуу­тугар өлбүтэ.
  23. Марков Егор Николаевич —1912с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1942с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1943с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  24. Марков Иван Иванович —1914с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Комсо­моллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сержант. Салгынтан десант хамаандатыгар түбэспитэ. Сталинград анныгар сэриигэ 1942с. өлбүтэ.
  25. Оконешников Константин Осипович —1919с.т. 1942с. кулун тутар 3 күнүгэр Уус-Майаттан барбыта. Комсомоллаах. Младшай лейтенант. 215-с СД 707-с СП түбэспитэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах. 1943с. алтынньыга Ржев куорат таһыгар Редькин дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  26. Оконешников Назар Назарович —1909с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Бааһырыытыттан Ярославскай уобалас Нерехта куоракка 2657 — ЭГ сытан 1942с. олунньу 2 күнүгэр өлбүтэ.
  27. Пестерев Василий Дмитриевич —1920с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр Смоленскай уобалас Дорогобычскай оройуон Волочек дэриэбинэҕэ буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  28. Пестерев Егор Васильевич —1916с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Ком­сомоллаах. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1170-с СП түбэспитэ. 1942с. олунньу 11 күнүгэр Калининскай уобалас Ржевскай оройуон Филькино дэриэбинэҕэ сэриигэ өлбүтэ.
  29. Пестерев Егор Николаевич —1905с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр барбыта. 164-с танковай биригээдэҕэ түбэспитэ. Липецкэй уобалас Воловскай оройуоҥҥа 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  30. Пестерев Иван Филиппович —1920с.т. 1941с. ыҥырыллыбыта. 151-с стрелковай биригээдэтигэр түбэспитэ. 1942с. сэтинньигэ сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  31. Пестерев Иван Фомич —1920с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. кулун тутар 16 кунугэр барбыта. 1942с. сэтинньигэ сэрии хо­нуутугар өлбүтэ.
  32. Пестерев Михаил Александрович —1901с.т. «Тахсыбыт Сардаҥа» кол­хоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  33. Пестерев Никифор Фомич —1914с.т. Комсомоллаах. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. Младшай сержант 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  34. Пестерев Николай Дмитрьсвич —«Тахсыбыт сардаҥа» колхоз чилиэнэ. Комсомоллаах. Чурапчы военкоматынан ыҥырыллыбыта. Сэриигэ өлбүтэ.
  35. Пестерев Петр Николаевич —1918с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  36. Пестерев Семен Васильевич —Мэлдьэхси нэһилиэгэ. «Тахсыбыт Сардаҥа» колхоз чилиэнэ. Чурапчы военкоматынан ыҥырыллан барбыта. Эргиллибитэҕэ.
  37. Пестерев Семен Петрович I —1917с.т. 1942с. барбыта. Комсомоллаах. Младшай лейтенант. 1942с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  38. Пестерев Семен Петрович II —1920с.т. 1939с. Улан-Удэҕэ байыаннай училищеҕа үөрэнэ барбыта. Комсомоллаах. Младшай лейтенант. Летчик идэтин баһылаан 1941с. сэриигэ киирсибитэ. 1941с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  39. Пестерев Спиридон Николаевич —1916с.т. Саратов куоракка сельхоз ин­ституту бүтэрбитэ. 1939с. сулууспалыыр. Капитан. Комсомоллаах. 17-с гв СД 48-с гв СП пулеметнай рота командира. 1942с. сэтинньигэ Калининскай уобалас киинигэр Калинин куоракка өлбүтэ.
  1. Пестерев Тимофей Иннокентьевич —1904с.т. 1941с. Хатастан ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  2. Платонов Афанасий Петрович —1910с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Арҕааҥҥы фроҥҥа кыттан сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  3. Попов Иосиф Яковлевич —1920с.т. Сэриигэ барбытын туһунан уонна онно 1943с. өлбүтүн туһунан сурах-садьык эрэ баар.
  4. Попов Петр Гаврильевич —1911с.т. 1941с. барбыта. 1942с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ эрэ биллэр.
  5. Портнягин Афанасий Яковлевич —1911с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. күһүн сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  6. Портнягин Егор Иннокентьевич —1898с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1943с. муус устар ыйга сэрии хонуутугар өлбүтэ. Учуутал.
  7. Портнягин Егор Яковлевич —1913с.т. «Кыһыл сис» колхоз. Комсомолла­ах. 1942с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. Сержант. 19-с гв мотострелковай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1945с. кулун тутар 18 күнүгэр Германия сиригэр Гродкац куоракка бааһырыытынан өлбүтэ.
  8. Посельскай Егор Фомич (Петрович) —1922с.т. «Тахсыбыт сардаҥа». 1942с. барбыта. Младшай лейтенант. 1945с. олунньу 2 күнүгэр Глейвиц ку­оракка өлбүтэ.
  9. Посельскай Иннокентий Иннокентьевич —1917с.т. ЯНВШ үөрэхтээх. комсомоллаах. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. Старшай лейте­нант. 360 СД 1193-с СП түбэспитэ. 1943с. бааһыран 1967-ЭГ эмтэммитэ. 1943с. кулун тутар 23 күнүгэр Калинин куоракка бааһырыытынан өлбүтэ.
  10. Посельскай Иннокентий Петрович (Попов) —1916с.т. Партия чилиэнэ. Амма оройуонун комсомол райкомун 1-гы секретарынан олорон 1941с. от ыйын 30 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Лейтенант. 28-с туспа стрелковай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 13 күнүгэр Смоленский уобалас Сычевка-Вязьма оройуонугар сэриигэ өлбүтэ.
  11. Посельскай Михаил Иннокентьевич —1911с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» кол­хоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  12. Посельскай Михаил Петрович —1922с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ. Учуутал.
  13. Протодьяконов Егор Егорович —1907с.т. Комсомоллаах. Чурапчытааҕы педучилище учууталлаан иһэн кыра дьыалаҕа түбэһэн барбыт. Салҕыы онтон 1942с. ыҥырыллыбыта. 2-с гв механизированнай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 23 күнүгэр Сталинградскай уобалас Крас­ный яр диэн сиргэ сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  14. Родионов Илья Григорьевич —1920с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. ЧПУ студена. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. Аара доруобуйатынан Иркутскай куоракка хаалан фабрикаҕа үлэлээбит. Онтон кэлин ханнык даҕаны биллэрии кэлбэтэх, эргиллибитэҕэ.
  15. Романов Василий Николаевич —1900с.т. «Куохара» колхоз. Комсомолла­ах. 1943с. атырдьах ыйыгар барбыта. 315-с СД 724-с СП тубэспитэ. Ростов­скай уобалас Ряжное селоҕа буолбут сэриигэ 1943с. өлбүтэ.
  16. Романов Василий Семенович —1914с.т. «Куохара» колхоз. Учуутал. Ком­сомоллаах. ЯНВШ үөрэхтээх. 1941с. Москватааҕы байыаннай оскуола истээччитинэн атаарыллыбыта. Сирии саҕаланан онтон сэриигэ атаарыллыбыта. Киевтээҕи тимир суолу көрөр-истэр хамаанда командира. Младшай лейтенант. Ростов на Дону куорат оройуонугар ыараханнык бааһыран Мо­лотов уобалаһын Му ран куорат госпиталыгар сытан 1942с. өлбүтэ.
  17. Романов Гаврил Иванович —1908с.т. 1941с. ыҥырыллыбыта. 1942с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  18. Романов Иннокентий Григорьевич —1913с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1314-с СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 8 күнүгэр Орловский уо­балас Жиздринскай оройуон Нолики дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  19. Романов Семен Петрович II —1922с.т. «Куохара» колхоз. Комсомолла­ах. 1942с. от ыйын 9 күнүгэр барбыта. 1-гы Украинская фроҥҥа кыттан сэриилэһэ сылдьан 1943с. сэтинньигэ өлбүтэ.
  20. Сокольников Василий Егорович —1923с.т. «Куохара» колхоз. Комсомол­лаах. 1941с. ыҥырыллыбыта. 1943с. олунньуга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  21. Сокольников Егор Дмитрьевич — 1920с.т. ЧПУ выпускнига. Комсомол­лаах. 1942с. бэс ыйыгар Бахсы оскуолатыгар учууталлыы олорон барбы­та. 440-с воинскай чааска түбэспитэ. Лейтенант. Ыараханнык бааһыран Мо­лотов уобалаһын Кунгур куорат госпиталыгар кэлбитэ. Онно сытан 1943с.олунньу 2 күнүгэр өлбүтэ.
  22. Сокольников Иосиф Тарасович —1906с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1941с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  23. Сокольников Петр Яковлевич —1910с.т. «Куохара» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. барбыта. 1943с. сэрии хонуутугар сылдьан өлбүтэ.
  24. Сотников Иван Николаевич —1915с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. атыр­дьах ыйыгар барбыта. 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  25. Спиридонов Иннокентий Герасимович —1923с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1942с. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  26. Тарабукин Николай Семенович —1908с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Партия чилиэнэ. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 315-е СД 954-е СП түбэспитэ. 1944с. тохсунньу 11 күнүгэр Ростовскай уобалас Чумаково оройуонугар буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  27. Филиппов Егор Васильевич —1912с.т. Алдан көмүһүн хостооһуҥҥа кыттыбыта. Комсомоллаах. 1942с. балаҕан ыйыгар комсомол обкомугар үлэлии олорон барбыта. Гвардия сержант. 92-е стрелковай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1943с. от ыйын 19 күнүгэр Курскайдааҕы сэриигэ Курскай уобалаһын Ан­дреевка селоҕа буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  28. Филиппов Николай Васильевич —1923с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1943с. атырдьах ыйыгар барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. Сэриини этэҥҥэ түмүктээн баран 1946с. сулууспалыы сылдьан оһолго түбэһэн өлбүтэ.
  29. Ходулов Егор Романович —1912с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Сэриилэһэ сылдьан 1941с. өлбүтэ.
  30. Ходулов Иван Романович —1910с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Сэриилэһэ сылдьан 1942с. өлбүтэ.
  31. Ходулов Федор Федорович —1923с.т. 1943с. барбыта. 1944с. тохсунньуга өлбүтэ. Лениградскай уобалас Ораниенбаумскай оройуон Красное Болтино дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ.
  1. Аммосов Василий Алексеевич —1920с.т. «Кыһыл сис» колхоз. Комсомол. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Бааһырбыта. 2492-е ЭГ сыппыта. 1943с. бааһыран эргиллибитэ. 2003с. Мэҥэ-Хаҥаласка олорон өлбүтэ.
  2. Аммосов Дмитрий Яковлевич —1908с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. от ыйыгар барбыта. 76-е СП түбэспитэ. 1943с. бааһырбыта. Горькай куоракка эмтэммитэ. 1944с. төннөн кэлбитэ. 1999с. өлбүтэ. Албан аат III степенэ орденнаах.
  3. Аммосов Николай Николаевич —1903с.т. 1941с. бэс ыйын 25 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 86-с СП түбэспитэ. 1943с. бааһырбыта. Горькай куоракка эмтэммитэ. 1944с. төннөн Кэбээйигэ дьонугар тиийбитэ. Намҥа олорон 1982с. өлбүтэ. Албан аат III степенэ орденнаах.
  4. Андреев Илья Николаевич —1924с.т. 1944с. барбыта. 529-с С11 тубэспитэ, 1945с. бааһырбыта. 1946с. кэлбитэ. 2004с. Дьокуускайга олорон өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Венаны ылыы иһин» мэтээллээх.
  5. Андреев Николай Николаевич —1925с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 538-с. 350-с гв СП түбэспитэ. 1946с. бэс ыйыгар эргиллибитэ. 2001с. Дьокуу­скайга олорон өлбүтэ. «Венаны ылыы иһин» мэтээллээх.
  6. Борисов Василии Иннокентьевич —1913с.т. 1941с. барбыта. 1944с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. Барыан иннинэ ЯНВШ-га үөрэммит. Кэлин старшай лейтенант званиялаах. 1954с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  7. Габышев Георгии Романович —1915с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Ком­сомол. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1013-с СП түбэспитэ. 1946с. бэс ыйыгар кэлбитэ. 1993с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  8. Григорьев Прокопий Егорович —1920с.т. Комсомол. 1942с. атырдьах ый­ыгар барбыта. Эргиллэн кэлэн баран Казахстаҥҥа олорон өлбүтэ.
  9. Григорьев Степан Игнатьевич —191 Зс.т. «Куохара» колхоз. 1942с. бэс ый­ыгар барбыта. 202-с СП түбэспитэ. 1944с. от ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри билиэҥҥэ түбэһэн сылдьыбыта. 1945с. кэлбитэ. 2004с. өлбүтэ. «Хорсу­нун иһин» мэтээллээх.
  10. Жирков Василий Федорович —1918с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1946с. бэс ыйыгар кэлбитэ. 1958с. өлбүтэ.
  11. Корякин Дмитрий Егорович —1919с.т. «Куохара» 1942с. бэс ыйы­гар барбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэҕэ уонна 562-с СП түбэспитэ. Бааһырыытыттан 3037-ЭГ эмтэммитэ. 1944с. эргиллэн Намҥа олохсуйбута. 2004с. өлбүтэ.
  12. Корякин Егор Егорович —1915с.т. 1943с. от ыйыгар барбыта, 1945с. балаҕан ыйыгар кэлбитэ. Намҥа олохсуйбута. 2003с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ.
  13. Корякин Иван Михайлович I —1911с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1202-с СП түбэспитэ. 2-тэ бааһырбыта. 1942с. бааһырыытыттан төннүбүтэ. 1987с. өлбүтэ. Албан аат III степенэ ор­деннаах.
  14. Корякин Николай Николаевич —1913с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» кол­хоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 378-с СД 1238-с СП түбэспитэ. 1943с. бааһырбыта. 1944с. ахсынньыга кэлбитэ. 1973с. өлбүтэ. Албан аат III сте­пенэ орденнаах.
  15. Корякии Петр Алексеевич —1905с.т. 1942с. барбыта. 1943с. доруобуйатынан төннүбүтэ. 1953с. өлбүтэ.
  16. Корякин Степан Алексеевич —1910с.т. эрдэттэн атын сирдэринэн Иркутскайынан, Читанан сылдьан. Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан баран сулууспалаан кэлэн ол дойдуга олорбута.
  17. Корякин Яков Егорович —1912с.т. 1941с. Горнай оройуонтан ыҥырыллыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1987с. Намҥа олорон өлбүтэ.
  18. Кузьмин Иван Дмитрьевич —1921с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Комсо­мол. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 76-е СП кыттыбыта. Ыалдьан 1941с. ахсынньыга кэлбитэ. Иккистээн 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлби­тэ. 1998с. өлбүтэ.
  19. Марков Егор Афанасьевич —1925с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 275-е СД 980-е СП түбэспитэ. 1950с. тохсунньуга кэлбитэ. 1999с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  20. Марков Илья Иванович —1921с.т. «Тахсыбыт Сардаҥа» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар милиция отделыгар үлэлии олорон барбыта. 73-е СД 413-е СП кыттыбыта. 4 төгүл бааһырбыта. 1947с. кэлбитэ. 1992с. өлбүтэ. Кыһыл сулус, Аҕа дойду сэриитин 1-гы, 2-е степенэ орденнаах. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин». «Кенигсбери ылыы иһин», «Берлини ылыы иһинн» мэтээллэрдээх.
  21. Марков Филипп Николаевич —1902с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. кэлбитэ. 1963с. өлбүтэ.
  22. Мунхалов Иннокентий Егорович —1925с.т. «КыЬыл сис» 1944с. от ыйын 28 күнүгэр барбыта. 1946с. кэлбитэ. Намҥа олорон 1993с. өлбүтэ.
  23. Пестерев Александр Кузьмич —191 Ос.т. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 210-е СД 582-е СП кыттыбыта. 1945с. кулун тутарга эргиллибитэ. 1986с. өлбүтэ.
  24. Пестерев Алексей Иванович —1919с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1942с. бэс ыйыгар ынырыллыбыта. 19-е туспа хайыһар биригээдэтигэр, 89-е гвардейскай минометнай полкаҕа кыттыбыта. 1943с. олунньуга бааһырбыта. 1946с. кэлбитэ. 1990с. өлбүтэ. «Катюша» расчетун чилиэнэ. «Кенигсборн ылыы» мэтээллээх. Ильмень күөлгэ сэриилэспитэ.
  25. Пестерев Василий Петрович —1916с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 386-с саппаас чааска түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. ыам ыйыгар кэлбитэ. 1964с. өлбүтэ.
  26. Пестерев Гаврил Петрович —191 Ос.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1942с. ыалдьан төннүбүтэ. 1943с. өлбүтэ.
  27. Пестерев Иван Александрович –1910 с.т. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр бар­быта. 399-с СП кыттыбыта. 1943с. бааһыран эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ.
  28. Пестерев Иннокентий Спиридонович —1921 с.т. 1942с. барбыта. 152-сСП түбэспитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1975с. өлбүтэ.
  29. Пестерев Николаи Николаевич —1912с.т. «Куохара» колхоз. 1941с. атыр­дьах ыйыгар барбыта. 267-с СП түбэспитэ. Бааһырбыта. 1942с. сэрииттэн кэлбитэ. 1950с. өлбүтэ.
  30. Петров Андрей Елисеевич —1917с.т. 1941с. бэс ыйыгар Дьокуускайтан барбыта. 4-с мотопантоннай биригээдэҕэ түбэспитэ. 3 төгүл бааһырбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1990с. өлбүтэ. Кыһыл сулус орденнаах. «Бойобуой үтүөтүн иһин», «Сталинград обороната», «Кенигсбери ылыы икин» мэтэ­эллээх.
  31. Платонов Константин Петрович —1921 с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. Комсомол. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэҕэ 143-с СП түбэспитэ. 1944с. бааһырбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1990с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Заполярия обороната» мэтэ­эллээх.
  32. Попов Алексей Архпнович —1924с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 984-с СП кыттыбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1996с. өлбүтэ.
  33. Попов Василий Дмитрьевич —1905с.т. 1943с. ыам ыйыгар барбыта. Бааһырбыта. Сэрии бүппүтүн иккис сылыгар кэлбитэ. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар баран олохсуйбута. Баатараҕа олорон өлбүтэ.
  34. Попов Иннокентий Гаврильевич —1916с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар бар­быта. 64-с СП түбэспитэ. 1945с. алтынньыга кэлбитэ. 2005с. өлбүтэ.
  35. Портнягин Данил Никифорович —1918с.т. «Кыһыл сис». 1941с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1946с. кэлбитэ. 1960с. өлбүтэ.
  36. Посельскай Дмитрий Прокопьевич —1915с.т. «Куохара» колхоз. Землестроитель. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 21-с стрелковай батальоҥҥа түбэспитэ. Ыалдьан 1944с. алтынньыга кэлбитэ. 1960с. өлбүтэ.
  37. Посельскай Николай Андреевич-1915с.т. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1972с. өлбүтэ.
  38. Посельскай Павел Прокопьевич —1927с.т. Комсомол. «Куохара» кол­хоз. 1945с. от ыйын 1-гы кунугэр ыҥырыллыбыта. 8-с рабочай батальоҥҥа түбэспитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1991с. өлбүтэ.
  39. Посельскай Петр Васильевич —1914с.т. Партия чилиэнэ. 1944с. бэс ыйы­гар барбыта. 206-с туспа танковай биригээдэҕэ түбэспитэ. 1945с. сэтинньигэ кэлбитэ. 1986с. өлбүтэ.
  40. Посельскай Петр Петрович —1913с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 20-с саппаас СП түбэспитэ. 1944с. олунньуга кэлби­тэ. 1974с. өлбүтэ.
  41. Посельскай Семен Иннокентьевич —1914с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Комсомоллаах. 595-с СП, 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. Бааһыран 3044-ЭГ эмтэммитэ. Онон 1943с. ахсынньыга инбэлиит буолан эргиллибитэ. 1999с. өлбүтэ. Кыһыл сулус орденнаах.
  42. Родионов Николай Григорьевич —1917с.т. «Тахсыбыт сардана» колхоз. Комсомол. 1942с. балаҕан ыйыгар барбыта. 188-с СД 388-с СП тубэспитэ. Бааһырбыта. Горькай куоракка эмтэммитэ. Бааһырыытынан 1943с. кулун тутарга кэлбитэ. 2000с. өлбүтэ. Албан аат III стспенэ орденнаах.
  43. Романов Николай Елисеевич —1924с.т. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1946 с. эр­гиллибитэ.
  44. Романов Сергей Петрович —1905с.т. Партия чилиэнэ «Куохара» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. Тыҥатынан ыалдьан 1943с. төннүбүтэ. Ол сыл өлбүтэ.
  45. Романов Федор Григорьевич —1912с.т. «Куохара» колхоз. 1942с. бэс ый­ыгар барбыта. 866-с СП түбэспитэ. 1946с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ.
  46. Романов Яков Григорьевич —1917с.т. Комсомоллаах. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1991с. өлбүтэ.
  47. 4 Собакин Афанасий Иннокентьевич —1908с.т. 1942с. балаҕан ыйыгар бар­быта. 1943с. эргиллэн Нам оройуонугар олорбута. Ол сыл өлбүтэ.
  48. Собакин Егор Иннокентьевич —1920с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1943с. Кэбээйиттэн барбыта. Доруобуйатынан сэриигэ киирсибэккэ эрэ төннүбүтэ. 1949с. өлбүтэ.
  49. Собакин Николаи Кириллович —1911с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Ол сыл доруобуйатынан төннүбүтэ. Намҥа олорон 1972с. өлбүтэ.
  50. Собакин Николай Филиппович —1921с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1993с. өлбүтэ. Үлэ кыһыл знамята орденнаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  51. Собакин Петр Иванович —1923с.т. 1941с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. Намҥа олорон 1977с. өлбүтэ.
  52. Собакин Петр Николаевич —1912с.т. 1941с. Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1954с. Уус-Майа оройуонугар олорон өлбүтэ.
  53. Собакин Семей Михайлович —1890с.т. 1942с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1948с. өлбүтэ.
  54. Тарабукин Василий Ильич —1915с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 245-с СП түбэспитэ. Бааһыран 5369 — ЭГ сыппыта. 1946с. кэлбитэ. 1980с. өлбүтэ.
  55. Тарабукин Егор Ильич —1927с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. 1951с. эргиллибитэ. 2002с. Дьокуускайга өлбүтэ.
  56. Тарабукин Михаил Григорьевич —1925с.т. 1943с. ыам ыйыгар Дьокуу­скайтан барбыта. 32-с СД 85-с СП түбэспитэ. Бааһыран госпитальга эмтэммитэ. 1950с. балаҕан ыйыгар кэлбитэ. Калинин куоракка олорон өлбүтэ. Кыһыл знамя орденнаах, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  57. Тарабукин Николай Ильич —1914с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 76-с разъездка пожарнай охранаҕа сылдьыбыта. 1946с. кэлбитэ. 2001с. өлбүтэ.
  58. Тарабукин Осип Сергеевич —1903с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. барбыта. 315 СД 364 СП түбэспитэ. Сталинград анныгар сэриигэ 1943с. тохсунньуга бааһырбыта. 1943с. сэтинньигэ кэлбитэ. 1992с. өлбүтэ. Албан аат III степенэ орденнаах, «Сталинград обороната» мэтээллээх.
  59. Тарабукин Прокопий Сергеевич —1911 с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 1969с. тутуу батальонугар түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. алтынньыга кэлбитэ. 1963с. өлбүтэ.
  60. Тарабукип Семен Семенович —1916с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 125-с СП түбэспитэ. 2-тэ бааһырбыта. 1946с. от ыйыгар кэлбитэ. 1995с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх. 1477 ЭГ эмтэммитэ. 19-с ТХБ кыттыбыта.
  61. Филиппов Дмитрий Егорович 1 —1916с.т. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 21-с танковай дивизияҕа 350-с СД 76-с СП түбэспитэ. 1946с. кэлбитэ. 1995с. өлбүтэ. Младшай сер­жант.
  1. Иванов Афанасий Филиппович —1919с.т. Комсомоллаах. «Тахсыбыт сардаҥа» колхоз. 1943с. барбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ.
  2. Колесов Егор Яковлевич —1897с.т. 1943с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1964с. өлбүтэ.
  3. Марков Егор Иннокентьевич —1915с.т. 1943с. барбыта. 1944с. эргилли­битэ. 1989с. өлбүтэ.
  4. Пестерсв Гаврил Иннокензъевнч —1908с.т. 1943с. барбыта. 1945с. эргилли­битэ. 1968с. өлбүтэ.
  5. Платонов Егор Петрович —1905с.т. комсомоллаах. 1943с. барбыта. 1946с.эргиллибитэ. 1959с. өлбүтэ.
  6. Попов Иван Дмптрьевпч —1901с.т. 1943с. Кэбээйиттэн барбыта. 1945с. кэлбитэ. Намҥа олорон өлбүтэ.
  7. Собакин Гаврил Иннокентьевич I —1897с.т. Кэбээйиттэн 1943с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1950с. өлбүтэ.
  8. Собакин Гаврил Инпокертьевнч II —1909с.т. 1943с. Кэбээйиттэн барбы­та. 1946с. кэлбитэ. 1964с. өлбүтэ.
  9. Собакин Иннокентий Иннокентьевич —1904с.т. 1942с. Намтан барбыта. 1944с. кэлбитэ. Намҥа 1971с. өлбүтэ.
  10. Собакин Константин Петрович —1908с.т. Намтан 1943с. барбыта. 1945с.эргиллэн Намҥа олохсуйбута. Онно олорон 1977с. өлбүтэ.
  11. Сокольников Трофим Дмитрьевпч —1916с.т. «Куохара» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1947с. эргиллибитэ. 2003с. өлбүтэ.
  12. Федулов Павел Николаевич —1921с.т. «Куохара» колхоз. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ.
  13. Филиппов Дмитрий Егорович 11-1925с.т. 1945с. Намтан ыҥырыллыбыта. 1945с. төннүбүтэ. 2001с. өлбүтэ.
  14. Филиппов Семен Ильич —1916с.т. «Кыһыл сис» колхоз. 1943с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
  15. Пестерев Алексей Васильевич
  16. Собакин Гаврил Андреевич

Аммосов Семен Егорович

Капитан,  Мэлдьэхси  нэһилиэгэ  (1911-1942).  СНБО-тын  1932  с.  үөрэнэн бүтэрбитэ.  1940 с. БСКбП чилиэнэ. Семен  Егорович  СНБО  кэнниттэн  салгыы  Омскай  куоракка  снайперскай оскуолаҕа  үөрэнэ  барбыта.  1935  с.  туспа  25-с  ыарахан  бомбардировщиктар аэродромнарын коменданынан анаммыта.1942  с.  тохсунньу  15  күнүгэр  фроҥҥа  барар  көрдөһүүтэ  дьэ,  туолбута. Летчик,  парашютист үөрэхтэрин бүтэртээбит буолан,  сэриигэ пилот быһыытынан кыттыбыта.  Ол  эрээри,  өр  көппөтөҕө.  Бааһырыытынан  сибээстээн, штаб үлэһитэ буолбута.  149-е  с.д.  479-с  с.п.  штабын  начальнигынан  анаммыта.  1942  с.  муус устар  2  күнүгэр  «Хорсунун  иһин»  бойобуой  медалынан  наҕараадаламмыта.  Бу наҕарааданы кини хамаандалаабыт батальона, 3 танкалаах, артиллериялаах, өстөөх 2 рота сэриитин үлтү охсубутун иһин ылбыта. Иккис  наҕараадатыгар  түһэрэр  лиискэ  суруллубут:  «Немецкэй  оккупаннары утары  үгүс  сэриилэргэ  бэйэтин  хорсун  командир  буоларын  көрдөрбүтэ.  Аҕыйах сэрииһиттэрдээх бөлөҕү салайан оборонаҕа сыппыттара. Биир күн өстөөх 4 төгүл төхтүрүйэн  утары  кимэн  киирэ  сылдьыбыта  да,  ханан  даҕаны  быыс-хайаҕас булан, биһиги дъоммутугар кыайан өтөн киирбэтэхтэрэ. Үс күннээх сэриигэ аҕыйах ахсааннаах бөлөх өстөөх баталъоҥҥа тиийэ сэрииһиттэрин суох оҥорбута,  биир киһини билиэн ылбыттара.Офицер Аммосов бэйэтин үтүө холобурунан, И. В. Сталин 227№-дээх бирикээһин сэрииһиттэрэ  чуолкайдык  толорбуттара.  Биир  да  байыас  сэрии  бириэмэтигэр сэрии  хонуутун  хаалларан,  биир  да  хаамыы  сири  чугуйбакка,  хорсуннук  охсуһан кыайбыттара.Табаарыс  Аммосов  сатабыллаах  салайааччы,  күчүмэҕэй  да  күннэргэ дьиппиэнин көрдөрөрө.  1942 с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр Железницы дэриэбинэҕэ өстөөх бомбалааһыныгар түбэһэн өлбүтэ…».Бу күн 479-е стрелковай  полк штабын начальнига С.Е. Аммосов  батальоннар штабтарын  начальниктарын  мунньан,  полевой  блиндажка  сүбэлэһэ  олорбута. Өстөөх бомбата ол блиндаһы таба түһэн, штабтар начальниктара бары өлбүттэрэ. Капитан  Аммосов  көмүс  уҥуоҕа  Тульскай  уобалас,  Белявскай  оройуон Бресниево дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ.61-е  армия  командованиета,  капитан  Аммосов  Аҕа  дойду  сэриитин  1-кы степеннээх орденынан наҕараадалыырга ходатайство оҥорбутун, Арҕаанҥы фронт сөпсөспүтэ.  ССРС  Верховнай  Советын  Президиумун  1942  сыл  алтынньы  30 күнүнээҕи Ыйааҕынан, Кыһыл Знамя орденынан өлбүтүн кэннэ наҕараадаламмыта.Наҕараада  дастабырыанньата  кэлин,  Майа  сэлиэнньэтигэр  олорор  балтыгар Мария Егоровнаҕа туттарыллыбыта.

Тарабукин Михаил Григорьевич

Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1925-?). 1946 с. ыам ыйын 3 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Бу кэмҥэ кини милиция сотруднигынан үлэлиир этэ.Бастаан, 111-с полковой оскуолаҕа үөрэммитэ. Ити кэнниттэн 32-с гвард.с.д. 86-с гвард.с.п. сулууспалаабыта. Тамань, Керчь сирдэригэр, Румынияҕа, Венгрияҕа, Болгарияҕа, Австрияҕа инники кирбиигэ сылдьан хабыр хапсыһыыларга киирсибитэ. Биирдэ ыараханнык бааһырбыта. Бойобуой Кыһыл Знамя орденынан, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин» иһин медалларынан наҕараадаламмыта.Дойдутугар 1950 с. эргиллибитэ. Эйэлээх олоххо урукку идэтинэн, Уус-Майаҕа милицияҕа үлэлээбитэ. Кэлин кэргэнин дойдутугар Калинин (Тверь) куоракка баран олохсуйбуттара.

Аҕа дойду сэриитин I-кы, II –c степенэ  орденнаахтар

Марков Илья Иванович

Старшай  сержант.  Мэлдьэхси  нэһилиэгэ  (1921-1993).  Армияҕа  ыҥырыллыар диэри,  оройуонугар  милиция  отделениетын  сотруднигынан  үлэлээбитэ.  1941  с. атырдьах ыйыгар тылланан Ийэ дойдутун көмүскүү аттаммыта.Сэриилэспитин былаһын тухары,  түөрт төгүл,  ол иһигэр биирдэ ыараханнык бааһырбыта. Хорсун сэрииһит уоттаах сэрии толоонугар Аҕа дойду сэриитин I-кы, II-с степенэ, Кыһыл Сулус орденнарынан, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медалларынан наҕараадаламмыта.Түөрт  сыл  устата  Советскай  Союз  территориятыттан  немецкэй  фашистары ыраастаһан, Польша, Илинни Пруссия, Германия устун сэриилэспитэ, Эльба өрүскэ тиийбитэ. Берлини ылсыбыта.Ийэ  дойду  бэриниилээх  уола  туруоруммут  соругун  чиэстээхтик  толорбута, санаатын сиппитэ.

Оконешников Константин Осипович

Младшай лейтенант, Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1919-1944).  Комсомоллаах. Сэрии иннинэ  дойдутугар  ааҕар  —  балаҕан  сэбиэдиссэйинэн  үлэлии  олорон,  1942  с. атырдьах  ыйыгар  Кыһыл  Армия  кэккэтигэр  ынырыллыбыта.  Арҕааҥҥы  фронт 215-с  с.д.  707-с  с.п.  састаабыгар  сэриилэспитэ.  1943  с.  саас  Ржевтээҕи-Вязьмаҕа төгүрүктээһиҥҥэ, Константин Осипович маны тоҕу көтөр операцияҕа кыттыбыта. Бааһыран госпитальга эмтэммитэ.Үтүөрэн  тахсан,  салгыы  взвод  командирынан  сулууспалаабыта.  Офицер Оконешников  бойобуой  сырыыларын  туһунан  бу  курдук  суруллар:  «Таб. Оконешников  взвод  командира.  21.10.1943  с.  Витябскай  уобалас,  Редьки дэриэбинэтин  иһин  сэриигэ  биир  бастакынан  кини  взвода өстөөх  траншеятыгар саба  сүүрэн  киирэн  былдьаан  ылбыта.  Манна  командир  хорсунун  көрдөрөн, сэрииһиттэрин  өрө күүрдэн бэйэлэринээҕэр  быдан  элбэх ахсааннаах өстөөхтөрүн сэриитин үлтүрүппүтэ. 25 немец офицерын, саллаатын суох оҥорбуттара. 22.10.43 с. дэриэбинэҕэ өстөөх хас да күүстээх сэриитэ кимэн киириитигэр бэриммэтэхтэрэ. Бу икки күннээх кыргыһыыга взвод аҥара көҕүрээбитэ гынан баран, былдьаныллыбыт оборона өстөөххө төннүбэтэҕэ».36-с  с.п.  командованиетын  29.10.43  с.  бирикээһинэн,  младшай  лейтенант Оконешников Аҕа дойду сэриитин II-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта. Оконешников К.О.   1944 с. ыам ыйыгар иккис бааһырыытыттан өлбүтэ.

Петров Андрей Елисеевич

Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1917-1990 сс.).Дойдутуттан эрдэ Дьокуускай куоракка киирбитэ. Онно журналист идэтин баһылаабыта. «Кыым хаһыакка» үлэлии олорон, 1941 с. Ийэ дойдутун көмүскэлигэр — Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта.Сэрии былаһын тухары, 4-с понтоннай-муоста бригадатын 27-с батальонугар сулууспалаабыта. Сэриигэ үс төгүл бааһырбыта. Үтүөрэн тахсар да, бэйэтин чааһыгар төннөн испитэ.1946 с. сайын демобилизацияланан, дойдутугар эргиллибитэ. Кэлээт, «Кыымыгар» үлэлии киирбитэ.Кини Кыһыл Сулус орденынан, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Сталинград оборонатын иһин», «Кенингсберы ылыы иһин» медалларынан наҕараадаламмыта. Бу наҕараадалар Андрей Петров ханан, хайдах сэриилэспитин быһааран биэрэллэр.А.Е. Петров Дьокуускайга олорон, 1990 с. өлбүтэ.

Посельскай Семен Иннокентьевич

1914 с. Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Комсомоллаах.1942 с. бэс ыйыгар «Тахсыбыт Сардаҥа» колхозтан Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллан барбыта.Уралга,  саппаас  чааска  үөрэнэн  баран,  20-с  туспа  хайыһар  бригадатыгар түбэһэн, Новгородскай уобаласка бастакы сэриилэһиитэ саҕаламмыта.  Ол курдук, 188-с с.д.  595-с с.и.  (1-кы Ударнай Армия) кыттан, Старай Руссаҕа сэриилэспитэ. 1944 с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр ыараханнык бааһыран госпитальга эмтэммитэ.Наҕараадалыыр лиискэ маннык суруллубут: «Таб. Посельскай С.И. сэриилэһэр армияҕа 1943 с. кулун mymap ыйтан саҕалаан, инники кирбиигэ киирсибитэ. 20.08.43 с.  «Пенка»  колхоз  оройуонугар  сэриилэһэ  сылдьан  бааһырбыта.  Бааһырыытын түмүгүнэн, салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолбут.Красноармеец Посельскай С.П.  «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадаланыан сөптөөх. 3475-с эвакогоспиталь начальнига, медицинскэй сулууспа подполковнига Ласман».2.10.43 с. Хотугулуу-Арҕаа фронт командованиетын 0824 №-дээх бирикээһинэн, Посельскай С.И. Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта. Семен  Иннокентьевич  сэрии  кэнниттэн  колхоһутар,  үлэҕэ-хамнаска актыыбынайдык кыттыбытынан барбыта.

Аммосов Дмитрий Яковлевич

Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1908-1999 ее.). Дойдутугар «Кыһыл Сис» колхозкаүлэлии сылдьан, 1941 с. от ыйын 30 күнүгэр Кыһыл Армия кэккэтигэр ынырыллыбыта.Сэриигэ 75-с с.п. састаабыгар кыттан Белоруссияҕа, Смоленскай уобалас сирдэринэн инники кирбиигэ сылдьыбыта. Үс төгүл бааһырбыта.1944 с. ыараханнык бааһырыыттан, сэрии инбэлиитэ буолан дойдутугар эргиллибитэ. Колхоз араас үлэлэригэр кыттыбытынан барбыта.Иннокентий Яковлевич Албан аат III-с степенэ орден кавалера.

Корякин Николай Николаевич

Мэлдьэхси нэһилиэгэр 1913 с. төрөөбүтэ. «Тахсыбыт сардана» колхоз чилиэнэ. Кыһыл Армия кэккэтигэр 1942 с. бэс ыйыгар ынырыллыбыта.378-с с. д. 1238-с с.п. сулууспалаабыта. Сэрии хонуутугар өстөөх буулдьатыттан ыараханнык бааһырбыта. Бу бааһырыыттан сибээстээн, 1944 с. ахсынньы ыйга дойдутугар эргиллибитэ.Николай Николаевич 1973 с. ыалдьан өлбүтэ. Албан Аат III-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.Орденынан наҕараадалыыр лиискэ маннык суруллар; «…1943 с балаган ыйыттан Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа Старай Русса оройуонугар тохтобула суох фронт инники линиятыгар сылдъыбыта. Воронежской фроцца кыттан Украина уҥа өттүн босхолуур сэриилэргэ кыттыбыта.1.09.1943 с. буулдьанан өттүгүн үөһэ өттүнэн ыараханнык бааһырбыта. Уҥуоҕунун уонна оһоҕоһун таарыйбыта.31.03.44 с. госпитальга эмтэнэн үтүөрэн, ол эрээри салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолан, тыылга саппаас чааска ыытыллыбыта. Онно үлэлии сырыттаҕына, бааһырыыта бэргээн, 1944 с. атырдьах ыйыттан хаттаан госпитальга киирбитэ.1946 с. алтынньыга, сэрии инбэлиитэ буолан дойдутугар эргиллибитэ.Дойдутугар кэлэн колхоз производствотыгар, сельсовет председателинэн үлэлээбитэ. Чурапчы оройуонун военкома майор Сотников.12.04.1967 с.».Н.Н. Корякин Албан Аат III-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.

Корякин Иван Михайлович I

Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1911-1987 ее.). «Тахсыбыт Сардаҥа» колхоз чилиэнэ.1942 с. атырдьах ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта.Фронт инники кирбиитигэр 1202-с с.п. састаабыгар өстөөхтөрү утары сэриигэ киирсибитэ.1942 с. бүтүөн иннинэ, икки төгүл бааһырбыта. Госпитальга эмтэммитэ. Салгыы сэриилэһэр туруга суох буолан, сэрии инбэлиитэ 1942 с. ахсынньыга дойдутугар эргиллибитэ.Дойдутугар колхоз үлэтигэр кыттан үлэлээн-хамсаан барбыта. Иван Михайлович Албан Аат III-с степенэ орден кавалера. 1987 с. өлбүтэ.

Родионов Николай Григорьевич

1917 с. Мэлдьэхси нэҕилиэгэр төрөөбүтэ. «Тахсыбыт Сардаҥа» колхоз чилиэнэ. Комсомоллаах. 1942 с. балаҕан ыйыгар Кыһыл Армия кэккэтигэр ынырыллыбыта.Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа 188-с с.д. 388-с с.п. истребительнай (кыдыйааччылар) батальонугар сулууспалаабыта.1943 с. олунньуга илиитигэр, өттүгэр ыараханнык бааһырбыта. Горькай (Нижнэй Новгород) эвакуационнай госпиталыгар эмтэммитэ. Бааһырыыттан сибээстээн, 1943 кулун тутарга дойдутугар эргиллибитэ.Николай Григорьевич Албан Аат III -с степенэ орден кавалера.

Тарабукин Осип Сергеевич

Мэлдьэхси нэһилиэгэ (1903-1992 сс.). «Тахсыбыт Сардана» колхоз чилиэнэ. 1942 с. бэс ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллан барбыта.Осип Тарабукин сэриилэһэр армияҕа, 315-с с.д. 364-с уонна 634-с с.п. сулууспалаабыта. Сталинград куорат иһин кыргыһыыларга кыттыбыта.1943 с. тохсунньуга ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга этэммитэ. Салгыы сэриилэһэр кыаҕа суох буолан, сэтинньигэ дойдутугар эргиллибитэ.Аҕа дойду сэриитин инбэлиитэ О.С. Тарабукин Албан Аат III- с степенэ орденынан, «Сталинград оборонатын иһин» медалынан наҕараадаламмыта.

Аммосов Николай Николаевич

Албан аат III -с степенэ орден кавалера Николай Николаевич «Чурапчы хоһуун хотойдоро» диэн кинигэҕэ киирбэккэ хаалбыта. Нам оройуонугар олорон өлбүт буолан, кини орденнааҕын билбэт этибит.Н.Н. Аммосов II-с Мэлдьэхси нэһилиэгэр 1904 с. төрөөбүтэ. «Кыһыл сис» колхозтан 1941 с. бэс ыйын 25 к. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин саамай тыҥааһыннаах кэмнэригэр 86-с стрелковай полкаҕа ыттан сэриигэ киирсибитэ. Инники кирбиигэ 1941 сыл атырдьах ыйыттан 1944 сыл тохсунньутугар, ыараханнык бааһырыар диэри, сылдьыбыта. Иккитэ өстөөх төгүрүктээһинигэр түбэһитэлээн баран, төһө эмэ сүтүктэнэр түгэннэргэ, мүччү туттаран тахсан испитэ. 1943 с. илиитигэр ыараханнык бааһыран Горькай к. госпиталыгар эмтэммитэ. 30.01.44 инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибитэ.Көһүүгэ барбыт кэргэттэрин Кэбээйи оройуонун I-гы Сииттэ нэһилиэгиттэн булаттаабыта. Ыараханнык ыалдьа сытар кэргэнэ 3 хонон баран өлбүтэ. Николайы илиитин бааһа мэһэйдиирин, 4 тулаайах оҕо хаалбытын аахсыбакка үлэ фронугар, иккистээн, ыҥырбыттара. Аҕалара Сангаартан эргиллэн кэлэригэр уоллаах кыыс оҕолоро өлбүт этилэр.Кэлин Аммосовтар Хатырык нэһилиэгэр, Нам оройуонугар, кэлэн олохсуйбуттара. Николай Маяковскай аатынан колхоз бастыҥ үлэһитэ буола сылдьан 1983 с. өлбүтэ. Албан аат III-с степенэ орденнааҕын туһунан Нам военкомун 2002 с. алтынньы 8 күннээх ыспыраапката туоһулуур.

Андреев Илья Николаевич

1924 с.т. Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөн баран сотору Мэҥэ-Хаҥалас Баатаратыгар тиийэн олохсуйбута. 16.06.44 с. ыҥырыллыбыта. 529-е СП кыттан сэриигэ киирбитэ. Румынияны, Чехословакияны, Югославияны босхолоспута. 1945 с. муус устарга бааһырбыта. 1946 с. эргиллибитэ. Хоптоҕоҕо олохсуйан араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. Сотору Дьокуускайга көспүтэ, 2004 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Венаны ылыы иһин» мэтээллэрдээх.

 Андреев Николай Николаевич

1925 с.т. Мэлдьэхсигэ төрөөн баран сотору Мэнэ-Ханалас Баатаратыгар тиийэн олохсуйбута. 16.06.1944 с. ынырыллыбыта. 673-с, 538-с, 350-с гв. СП уонна 405-с гв. ГАП кыттан сэриигэ киирсибитэ. Ленинградскай фроҥҥа, Румынияҕа, Венгрияҕа сэриигэ кыттыбыта. 14.06.1946 с. ыалдьан дойдутугар эргиллибитэ. Хоптоҕоҕо олохсуйбута. Уһанан үлэлээбитэ. Дьокуускайга киирэн олохсуйбута. 2001 с. өлбүтэ. «Венаны ылыы иһин» мэтээллээх.

 Борисов Василий Иннокентьевич

ст. лейтенант. 1918 с.т. 1941 с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайга «Холбос» маҕаһыыныгар атыыһытынан үлэлии олорон ынырыллыбыта. СНБО-ны үөрэнэн бүтэрбитэ. 1944 с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. Булун оройуонугар Тумакка, Батамаайыга, Дьокуускай к. эргиэн үлэтигэр үлэлээбитэ. Кэлин Чурапчыга оскуолаҕа завхозтуу олорон 1954 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

 Габышев Георгий Романович

1915 с.т. «Тахсыбыт Сардана» колхоз чилиэнэ. Комсомоллаах. 15.08.41 с. ынырыллыбыта. . Волховскай фронт 1013-с СП кыттан сэриилэспитэ. Москва- Ленинград тимир суолун линиятын харабыллаабыта. Сибээскэ I бара сылдьан 03.02.1942 с. бааһырбыта. Эмтэнэн баран Я танканы оҥорор собуокка үлэлээбитэ. 1946 с. бэс ыйыгар  эргиллибитэ. Продавеһынан, сельпо председателинэн, сельсовет председателинэн улэлээбитэ. 1993 с. олбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх

Григорьев Степан Игнатьевич

1913 с.т. Ленин аатынан колхоз чилиэнэ. 20.06Л942 с. ыҥырыллыбыта. 55-с, 202- с СП кыттан сэриилэспитэ. Курскай, Белгород-Харьков туһаайыыларынан, Румынияны босхолооһуҥҥа кыттыбыта.Нейтральнай балаһыанньаттан станковай пулемету соһон таһаарыыга 27.09.44 с. бааһырбыта. Ити иннинэ Крутой лог диэн сиргэ 1944 с. от ыйыгар билиэн түбэһэн баран, ол сыл атырдьах ыйыгар босхоломмута. Үтүөрэн баран Югославияҕа танканы ытар орудие наводчигынан сэриигэ киирсибитэ. Өстөөх танканан атаакатын тохтотор хапсыһыыга кыттыбыта. 13.10.1945 с. эргиллибитэ. Колхоһугар уус идэтинэн 30-тан тахса сыл үлэлээбитэ. 2003 с. Дьокуускайга олорон өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

 Марков Егор Афанасьевич

1925 с.т. «Кыһыл сис» колхоз чилиэнэ. 16.06.44 с. ынырыллыбыта. 275-с СД 980-с СП, 7572-с СП 82 мм орудие расчетугар суоппарынан сэриигэ кыттыбыта. 28.10.1950 с. эргиллибитэ. Лесхозка уонна мясомолкомбинакка суоппарынан үлэлээбитэ. 1999 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

 Пестерев Алексей Иванович

1919 с.т. ЧПУ-ну бүтэрбитэ. Учуутал. 20.06.42 с. Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх оскуолатыгар үлэлии олорон ынырыллыбыта. 19-с ТХБр кыттан 23.02.43 с. Ильмень күөл сэриитигэр кыттыбыта. Бу сэриигэ бааһырбыта. 1943 с. 856-с СП кыттан Орел-Курскай туһаайыытынан сэриилэспитэ. 1944 с. Москва таһыгар минометнай-реактивнай полкаҕа үөрэммитэ. 89-с гв. минометнай полкаҕа(«Катюша») полк штабыгарсвязист-телефониһынанүлэлээбитэ. Белоруссия, Польша, Донец өрүс, Балтийскай муора биэрэктэринэн сэриилэспитэ. 1946 с. эргиллибитэ. Кытаанах оскуолатыгар, Муома оройуонугар, кэлин Төҥүлүгэ учууталлаабыта. 1990 с. өлбүтэ. «Кенигсбери ылыы иһин» мэтээллээх.

Платонов Константин Петрович

1921 с.т. «Тахсыбыт Сардана» колхоз чилиэнэ. ЧПУ-ну бүтэрбитэ. Комсомоллаах. Мэлдьэхси оскуолатыгар учууталлыы олорон 20.06.1942 с. ынырыллыбыта. 20-с ТХБр кыттан сэриигэ киирбитэ. Кэлин 143-с СП, 62-с минометнай полкаҕа кыттыбыта. 1944 с. бааһырбыта. 15.05 .1946 с. эргиллибитэ. Мэнэ-Ханалас оройуонун оскуолаларыгар учууталлаабыта. 1990 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Заполярьяны көмүскээһин иһин» мэтээллэрдээх.

 Собакин Николай Филиппович

1921 с. т. «Кыһыл сис» колхоз чилиэнэ. Колхоһугар биригэдьиирдии олорон 20.06.42 с. ынырыллыбыта. Сэрии хонуутугар ыараханнык бааһырбыта. Эргиллэн кэлээт көһүүгэ барбыт дьонун эккирэтэн Нам оройуонун Маймаҕатыттан булаттаабыта. Онно олохсуйбута. Максим Аммосов аатынан колхозка, кэлин совхозка ферма сэбиэдиссэйинэн, учаастак сэбиэдиссэйинэн, учаастак управляющайынан үлэлээбитэ. 1993 с. Намна өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээлинэн, Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта.

Тарабукин Семен Семенович

1916 с.т. «Тахсыбыт Сардана» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ынырыллыбыта. 19-с ТХБр кыттыбыта. Ильмень күөлгэ буолбут сэрии арыый иннинэ ыалдьан госпиталга барбыта. 125-с СП кыттан Курскай тоҕой сэриитигэр кыттан Днепр өрүһү сэриинэн туораспыта. 1943 с. атырдьах ыйыгар, уонна алтынньы 23 к. бааһырбыта. 1477 №-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1946 с. эргиллибитэ. Колхоһугар хонуу үлэтигэр үлэлээмэхтээн баран учуутал кыыһын Тамараны батыһан Чурапчы с. интернат-оскуолаҕа олорбута. 1995 с. онно өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

Туһаныллыбыт литература

1.2-с Мэлдьэхси Аҕа дойду көмүскэлигэр / М.Н.Корякин. – Дьокуускай, 2005. – 349 с.

2. Павлов, Иван Михайлович.
Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.

3. Павлов, Иван Михайлович.
Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.