Көһө сылдьар быыстапка нэһилиэктэргэ ыалдьыттыыр
Новости
Ахсынньы 2-7 күннэригэр «Е.А.Борисов архыып бибилэтиэкэтин” отделын фондатыттан ураты, сэдэх кинигэлэр, интэриэһинэй сувенирдар, историческай хаартыскалар нэһилиэктэргэ үлэлиир кииннэммит библиотечнай ситим филиалларыгар көһө сылдьар быыстапка тэрээһинигэр бэрилиннилэр. Бу дьаһал Е.А.Борисов 70 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылын түмүктээһин тэрээһинэ буолар. Нэһилиэк бибилэтиэкэлэрэ бу быыстапканы оҥорууга айымньылаахтык сыһыаннаһан нэһилиэнньэ араас араҥатын киэҥник хабан интэриэһинэй дьаһаллары тэрийдилэр.