Дьол. Үөрүү

  • Аналгыттан арахпаккын, төлкөҕүттэн төлөрүйбэккин.
  • Бэлэм дьол дьоҥҥо анамматах. Көрдөөн булбуттар дьоллоноллор.
  • Дьахтар дьулуура айылгытыттан күүстээх, тэнийэр-ууһуур аналлаах.
  • Дьоллоох киһи үөрүнньэҥ. Үөрүнньэҥ киһини көрөн атыттар эмиэ үөрэллэр.
  • Дьол уонна сор батысыһа сылдьаллар. Муҥнанара сэдэх киһи дьоллоох.
  • Ийэ буолар иэс кирбиилэммэтэх.
  • Киһи уйулҕата – ыйдаҥарар таас.
  • Күүрээн, хаһыынан-ыһыынан эрэ буолбакка, чуумпунан эмиэ көҕүлэнэр.
  • Маҥнай  көрөн ылыныы кэскили кэрэһилиир.
  • Олоҕу көҕүлээн түстээри, толору дьол дьоҥҥо анамматах.
  • Тус олоххо дьахтар иэйиитэ күүстээх.
  • Уларыйар дьол дьону арыаллыыр.
  • Уоскуйан ис туругу булунуу өһүөннээх өйү-санааны өһүлэр.
  • Үтүө киһи өйдөбүлэ бэскигэ ууруллубат баай.
  • Үтүө киһи өҥөнү умнубат.
  • Үтүө киһи төрүөҕүттэн түөрт өттүттэн хайыҥнаах.
  • Үтүө киһи дьылҕатын эрдэттэн түстүүр айылгылаах.
  • Үтүө өйдөбүл куту-сүрү уһуннук угуттуур.
  • Үтүөнү үтүөнэн сиэтиһиннэрээри харыстыыллар.
  • Үтүө санаа киһини сынньатар, күүскэ күүс эбэр.
  • Хомойордооҕор үөрүү кэлэрэ кэбэҕэс.
  • Эйэҕэс киһи мичээрэ да ис киирбэх.