Дьол араастаах

  1. Дьолу үксүгэр аһаран баран өйдүүбүт эбээт биһиги, дьон ортолоро. Чэгиэни – ыалдьа сытан, эдэри – кырдьан иһэн, доҕору – хомотон баран өйдүүбүт. (Амма Аччыгыйа)
  2. Киһиэхэ айар үлэттэн, эйэлээх олохтон ордук дьол суох.
  • Бар дьон бу аан дойдуга дьол үлэҕэ баар дииллэр.

Бэйэҕин дьаһанан үлэлээ да, киһи буолуоҥ. (Суорун Омоллоон)

  1. Дьол бэйэтэ тоһуйан

Дьон дьолломмот. Сымыйа.

Эрдээх сүрэх уотунан

Кинини киһи айар.

Дьол тэһиин табаларын

Дьон маамыкталаан туталлар,

Дьол айаас сылгыларын

Дьаныһан сыһыталлар. ( Семен Данилов)

  1. Дьол диэн бэйэ-бэйэни үчүгэйдик санаһан, тиһэҕэр тиийэ эрэнсэн-итэҕэйсэн, биир эт-хаан буолан олоруу. Дьол диэн бар дьону кытта бииргэ үлэлээн, бииргэ эрэйдэнэн, бииргэ үөрсэн, хомойсон, ытыктабыл үөһүгэр сылдьыы. Дьол диэн оҕолор, сиэннэр.
  • Дьиҥнээхтик таптаһар дьонтон төрөөбүт оҕолор эрэ толору дьоллоох буолуохтарын сөп. (Софрон Данилов)
  1. Дьоллоох эрдэҕинэ киһи дьоллооҕун соччо өйдөөбөт эбит. Дьол сүппүтүн, суох буолбутун эрэ кэннэ кини хайдах курдук күндүтүн, кэрэтин өйдөһөн үөһэ тыынабыт эбээт. (Иван Гоголев- Кындыл)
  2. Дьол диэн тугуй? Үксүгэр – көмүс ыраҥ туолуута,

кэрэ ааспыты ахтыы эбэтэр кэлэри күүтүү, эрэнии. (Николай Габышев)

  1. Дьол … Сирдээҕи киһи санаата араас, оттон дьол эгэлгэтэ, дэгэтэ оннооҕор үгүс. Дьол диэн арыт бэйэ кыаҕынан аан дойдуну аһаҕастык утары көрүү. Дьон иннигэр да, айылҕа күүстэригэр да бүк баттаппакка, дьиксинэри-куттанары билбэккэ аһаҕастык, көҥүллүк олоҕу олоруу…
  • Үөрүү… Сороҕор кэтэһэ сатаан-сатаан баран, кэлэйэн, кэтэспэт буолтуҥ кэннэ, кини эмискэ үөмэн кэлэн кууһа түһэр, иннигин-кэннигин араарбат гына омуннаахтык эргичитэр… Эмискэ үөрүү – дэҥҥэ кэлэр дьол. (Николай Лугинов)
  1. Дьол…

Кылгас да тыл!

Дорҕооно кылгаһын курдук

Оо, кылгаһыан,

Дьол… (Наталья Михалева- Сайа)

  1. Дьоллонуу хараҕын уута

(Олус сэдэх, кэмчи да буоллаҕа) уонна сордонуу хараҕын уута – амтаннара биирдэр…

  • Кэрэҕэ талаһыы – дьоһун күүс,

Дьолго дьулуһуу – олох олоруу… (Семен Маисов)

  1. Хас биирдии киһи бу Орто дойдуга үрүҥ күн анныгар дьоллоохтук-соргулаахтык олорор туһугар кэлэр. (Эдьиий Дора)