Хоптоҕо нэһилиэгэ

""""

Кыайыы пааматынньыга

Тутуллубут сыла: 1975 с.

Ааптар: Колесов Ким Кампеевич

Реставрация: 2015 с.

""

Улуу Кыайыы 70 сыла  «Умуллубат уот»  пааматынньык 

Тутуллубут сыла: 2015 с.

Ааптар: Федосеев Феодосий Михайлович

""

«Ленин» аатынан колхуостан сэрии уонна көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар анаммыт мемориальнай комплекс

Турар сирэ:  «Чочууда»  алаас

Тутллубут сыла: 1997 с. Реставрация: 2015 с.

Хоптоҕо нэһилиэгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар

1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии киһи-аймах историятыгар буолбут сэриилэртэн саамй ыардара, ынырыктаахтара этэ. Ол курдук 1941с билиҥҥи Хоптоҕо нэһилиэгэ 2 нэһилиэккэ арахсан сылдьара: Хоптоҕо уонна Мэлдьэхси. Хоптоҕо нэһилиэгэ икки колхозка арахсара «Хопто» уонна «Андреев», Мэлдьэхси нэһилиэгэ үс колхозка арахсара «Тахсыбыт сардаҥа», «Кыһыл сис», «Ленин». 1942 с. үгүс киһи киһи армияҕа, Мэлдьэхситтэн көһүүгэ  «Кыһыл сис», «Ленин»колхозтар, Хоптоҕоттон  «Андреев» колхоз барбыттара. Мэлдьэхси нэһилиэгэ улаханнык аччаан Хоптоҕо нэһилиэгин кытта холбоһор.

Аҕа дойду сэриитигэр Хоптоҕо уонна Мэлдьэхси нэһилиэктэриттэн барыта 149 киһи ыҥыраллан барбыттар, ол иһиттэн 71 киһи өлбүт, 78 киһи эргиллибит, 22 трудовой фроҥҥа сылдьыбыттар, 9 киһи Япония сэриитигэр сылдьыбыттар, 16 киһи офицердар, 10 киһи сержант званиялаахтар.

                          Хоптоҕо нэһилиэгэ: Чурапчы нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордо М.Н.Корякин]. — Дьокуускай : Сайдам,  2014. — 575 с.

Сэрии хонуутуттан төннүбэтэхтэрэ:

  1. Васильев Семен Егорович — 1911с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сталинград куорат иһин сэриигэ киирбитэ. 1942с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ.
  2. Васильев Иван Дмитрьевич — 1901 с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. ыҥырыллыбыта. Сталинград куорат иһин сэриигэ киирбитэ. 1942с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ.
  3. Кириллин Михаил Михайлович — 1916с.т. ЧПУ выпускника. Учуутал. Комсомоллаах. 1942с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Районоҕа инспекторынан үлэлии олорон барбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1942с. алтынньы 22 кунугэр Сталинград сэриитигэр өлөн Кузьмичи дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
  4. Кириллин Тимофей Андреевич — 1902с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн Сталинград иһин сэриигэ 1942с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ.
  5. Куличкин Афанасий Кононович — 1912с.т. ЧПУ выпускнига. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Дириҥҥэ учууталлыы олорон ыҥырыллыбыта. 1942с. кулун тутар 27 күнүгэр сэрии толоонугар өлбүтэ.
  6. Куличкин Василий Гаврильевич — 1902с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сталинград куорат иһин сэриигэ өлбүтэ.
  7. Лавров Капитон Афанасьевич — 1922с.т. Одьулуун нэһилиэктэн төрүттээх. Комсомоллаах. Учуутал. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 76-с СП түбэспитэ. 1942с. бэс ыйын 21 күнүгэр бааһырыытынан Иваново куоракка 3074№-дээх ЭГ эмтэнэ сытан өлбүтэ. Сосновскай кладбищеҕа көмүллүбүтэ.
  8. Матвеев Иван Николаевич — 1926с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 320-е СД 481-е СП түбэспитэ. 1945с. ыам ыйын 4 күнүгэр Австрияка Хахвехзель хайатыгар Мартепзиршвайс село иһин сэриигэ өлбүтэ.
  9. Наумов Егор Константинович — 1902с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  10. Наумов Иван Дмитрьевич — 1908с.т. «Хопто» колхоз. 1942с.ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  11. Наумов Михаил Константинович — 1907с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 132-с СД 712-с СП тубэспитэ. 1945с. олунньу 5 күнүгэр Германияҕа Померанскай провинция Госсендорф село иһин сэриигэ өлбүтэ.
  12. Нестерев Егор Кириллович — 1924с.т. ЧПУ выпускнига. Хайахсыттан төрүттээх. Илларионовтар уоллара. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Снайпер идэтин ылбыта. 1944с. Белоруссия сиригэр сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ. Учуутал.
  13. Осипов Иван Васильевич — 1901с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. балацан ыйын 29 күнүгэр барбыта. 1942с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  14. Павлов Дмитрий Васильевич — 1917с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэйэ сылдьан өлбүтэ.
  15. Петров Иван Петрович I — 1900с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сталинград иһин сэриигэ кыттан 1942с. алтынньыга өлбүтэ.
  16. Петров Иван Петрович II — 1903с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. Сталинград куорат икин сэриигэ киирсибитэ. Онно өлбүтэ.
  17. Пинигин Василий Михайлович — 1903с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сталинград сэриитигэр кыттан 1942с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ.
  18. Пинигин Егор Михайлович — 1915с.т. Партия чилиэнэ. 1941с. Марха бөһүөлэгиттэн Якутскай военкоматынан ыҥырыллыбыта. Младшай лейте­нант. 3-с ОСБ. 73-ч МСБ түбэспитэ. 1943с. тохсупньу 12 күнүгэр Ленинградскай уобалас Мгинскай оройуон Тартолово дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  19. Пинигин Николай Михайлович — 1914с.т. «Хопто» колхоз. Комсомоллаах. 942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. муус устар ыйга ыалдьан өлбүтэ. Ленинград­скай уобалас Щебенка дэриэбинэттэн 2 км хоту көмүллүбүтэ.
  20. Пинигин Петр Гаврильевич — 1917с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1941с. ахсынньыга Москва тула сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  21. Платонов Афанасий Петрович — 1910с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Арҕааҥҥы фроҥҥа кыттан сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  22. Платонов Владимир Саввич — 1903с.т. 1942с. балаган ыйын 29 күнүгэр бар­быта. 252-е СД 932-е СП түбэһэн сэриигэ киирсибитэ. 1943с. саҕаланыыта Сталинград куорат чугаһыгар өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
  23. Платонов Иннокентий Семенович — 1918с.т. ЧПУ выпускнига. Ком­сомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар Дириҥ оскуолатыгар учууталлыы оло­рон ыҥырыллыбыта. 7-е гв СД 26-е гв СП түбэспитэ. 1944с. тохсунньу 30 күнүгэр Калининская уобалас Сокольничевскай оройуон Черныцино дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  24. Моисеев Петр Гаврильевич -1917с.т. «Хопто» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. ахсынньыга Москва иһин сэрии­гэ өлбүтэ.
  25. Старостин Константин Иннокентьевич -1892с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 362-е СП тубэйэн Сталинград иһин сэриигэ киирсибитэ. 1942с. ахсынньы 8 күнүгэр онно сылдьан ыал­дьан Калмыкскай АССР Тингута совхозка госпитальга сытан өлбүтэ.
  26. Тимофеев Николай Гаврильевич — 1906с.т. 1941с. ыҥырыллыбыта. 97-е СД 41-е артиллерийский полкана тубэспитэ. 1943с. кулун тутар 21 күнүгэр Смоленский уобалас Думиническай оройуон Батня дэриэбинэҕэ бааһырыытыттан өлбүтэ.
  27. Федосеев Петр Петрович -1899с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 945-е СП кыттыбыта. 1943с. тохсунньу 11 күнүгэр Псков­скай уобалас Великие Луки куорат Зснцы дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  28. Федосеев Феодосий Петрович — 1918с.г. Комсомоллаах. 1938 сылтан Кыһыл армияҕа сулууспалаабыта. Дальний Востокка воинскай чааска сылдьан өлбүтэ.
  29. Эверстов Иван Семенович — 1914с.т. Комсомол. ЯНВШ. 1943с. сэтинньи 12 күнүгэр барбыта. Летчик. 111-е СД 468-е СП кыттыбыта. 1944с. Румынияҕа Ясскай уезд Стынка селоҕа өлбүтэ. Лейтенант.
  30. Яковлев Василий Васильевич — 1911с. г. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 65-с СД 38-с СП тубэспитэ. 1942с. бэс ыйын 16 күнүгэр Ле­нинградской уобалас Новгородской оройуон Шевелева дэриэбинэҕэ бааһырыытыттан өлбүтэ.
  31. Пинигин Михаил Романович — Хоптоуо Пипигиннэргэ горообут. Сэриигэ ыҥырыллыбыт. Эргиллибэтэх. Олбут буолуохтаах. Билигин ким даҕаны чуолкайдаан биэрбэтэ.
  32. Григорьев Иван Дмнтрьевич — 1901с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. Үлэ фронугар сылдьан сууттанан Маршевай ротаҕа түбэһэн сэриилэһэр хонууга тиийбитэ. 1944с. от ыйын 20 күнүгэр Ленинградскай уобалас Островскай оройуон Пашково дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.

Сэрииттэн эргиллэн кэлбиттэрэ:

  1. Васильев Дмитрий Егорович — 1914с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 80-с мотострелковой полкаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. ыам ыйыгар төннүбүтэ. 1988с.өлбүтэ.
  2. Васильев Иван Кузьмич — 1909с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбы­та. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1975с. өлбүтэ.
  3. Васильев Иннокентий Прокопьевич — 1916с.т. 1943с. бэс ыйын 16 күнүгэр Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 153-с, 69-с СП түбэспитэ. 1944с. бааһырбыта. 1945с. алтынньыга кэлбитэ. 1974с. өлбүтэ.
  4. Васильев Константин Петрович — 1917с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1987с. өлбүтэ.
  5. Васильев Николай Иванович — 1919с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. бэс ыйы­гар барбыта. 888-с СП киирсэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. эр­гиллибитэ. 1991с. өлбүтэ.
  6. Васильев Прокопий Прокопьевич — 1905с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 4-с СД 437-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1942с. сэтинньигэ бааһырбыта. Бааһырыытынан 1943с. эргиллибитэ. 1948с. өлбүтэ.
  7. Васильев Сергей Осипович — 1 920с. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн 1943с. олунньу 23 күнүгэр Ытык Ильмень күөл сэриитигэр бааһырбыта. Онно билиэн түбэһэн 1945с. муус устарга босхоломмута. Берлин куораты ылсыбыта. 23-с Трофейнай биригээдэҕэ кыттыбыта. 1946с. кэлбитэ. 1974с. өлбүтэ.
  8. Евграфов Николай Константинович — 1910с.т. «Хопто» колхоз. 1941с атырдьах ыйыгар барбыта. 3-с СД 38-с СП түбэспитэ. 1941с. сэтинньигэ Ленинград анныгар  бааһырбыта. 3916№-дээх ЭГ эмтэнэн инбэлиит буолан 1942с. балаҕан ыйыгар кэлбитэ. 1983с. өлбүтэ.
  9. Заболоцкий Михаил Васильевич — 1918с.т. 1943с. бэс ыйыгар Хайахсыт оскуолатыгар военруктуу олорон барбыта. 18-с туспа инженерной батальоҥҥа Санинструкторынан Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. эр­гиллибитэ. 1971с. өлбүтэ.
  10. Кириллин Василий Кононович — 1919с.т. 1944с. атырдьах ыйыгар Алдантан ыҥырыллыбыта. 886-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. 1950с. өлбүтэ.
  11. Кириллин Федор Семенович — 1910с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. бэс ыйы­гар барбыта. 649-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эр­гиллибитэ. 1976с. өлбүтэ.
  12. Лавров Семен Иванович — 1921 с.т. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар Кэбээйиттэн барбыта. 2-с танковай дивизия 339-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 4 төгүл бааһырбыта. 1945с. кулун тутарга кэлбитэ. 1995с. өлбүтэ.
  13. Лазарев Дмитрий Петрович — 1910с.т. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Дьокуускайтан 525-с саппаас полкаҕа түбэспитэ. Ыалдьан 951. 973-с ЭГ эмтэммитэ. 1943с. ыам ыйыгар ыалдьан төннүбүтэ. 1995с. өлбүтэ. Учуутал.
  14. Михайлов Василий Васильевич — 1924с.т. «Хопто» колхоз. 1942с. атыр­дьах ыйын 16 кунугэр барбыта. 586-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыт­тыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1991с. өлбүтэ.
  15. Наумов Николай Лукич — 1910с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр бар­быта. 1942с. бааһырбыта. 1942с. бааһырыытынан төннүбүтэ. 1948с. өлбүтэ.
  16. Наумов Роман Захарович — 1924с.т. Комсомоллаах. 1944с. бэс ыйыгар бар­быта. Ыалдьан 325-с ЭГ эмтэммитэ. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1949с. өлбүтэ.
  17. Нестеров Иван Семенович — 1919с.т. 1942с. ынырыллыбыта. Свердловскайга саппаас чааска сулууспалаабыта. 1944с. төннүбүтэ. 1974с. өлбүтэ.
  18. Нестерев Николай Гаврилович — 1919с.т. 1944с. от ыйын 23 күнүгэр бар­быта. 127-с механизированнай полкаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1946с. кулун тутарга кэлбитэ. 1974с. өлбүтэ.
  19. Нестерев Семен Семенович — 1925с.т. 1944с. от ыйын 23 күнүгэр барбыта. Старший матрос. 14-е морской пехота биригээдэтигэр түбэһэн Япония сэ­риитигэр кыттыбыта. 1949с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ.
  20. Павлов Константин Павлович — 1907с.т. «Андреев» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 774-е байыаннай чааска кыттыбыта. 1943с. атырдьах ыйыгар бааһыран 3352-е ЭГ эмтэммитэ. 1944с. эргиллибитэ. 1954с. өлбүтэ.
  21. Пинигин Владимир Васильевич — 1928с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1949с. ыам ыйын 45 күнүгэр ынырыллыбыта. 92702-е Зенитнэй артилле­рийский полкаҕа түбэһэн Корея сэриитигэр кыттыбыта. 1953с. кулун тутар­га эргиллибитэ.
  22. Пинигин Никифор Васильевич — 1924с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1944с. тохсунньу 10 күнүгэр барбыта. 1915-е зенитнэй полкаҕа кыттан Япо­ния сэриитигэр сыдьыбыта. 1947с. от ыйыгар эргиллибитэ.
  23. Пинигин Павел Титович — 1917с.т. ЯНВШ выпускнига. Учуутал. Финлядия сэриитин кыттыылааҕа. 1941с. балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта. 11-е танковай корпус 12-е мотострелковай полкаҕа түбэспитэ. 1943с. от ыйыгар бааһырбыта. 1943с. ахсынньыга эргиллибитэ. 2009с. өлбутэ. Албап Аат III степенэ орденнаах.
  24. Попов Константин Павлович — 1913с.т. «Хопто» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1955с. өлбүтэ.
  25. Протодьяконов Николай Михайлович — 191 Зс.т. 1942с. от ыйын 5 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 4-е танковай биригээдэҕэ, 1164-е СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 3-тэ бааһырбыта. 1945с. алтынньыга эргиллибитэ. 1995с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Варшавапы босхолоойун», «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
  26. Сидоров Афанасий Федорович — (1907-1972). 1941с. ыҥырыллыбыта. 1943с. доруобуйатынан төннүбүтэ. Забойкальеҕа батальоҥҥа политчааска сулууспалаабыта.
  27.  Собакин Петр Иванович — 1923с.т. 1941с. ынырыллыбыта. 1945с. эргил­либитэ. Нам оройуонугар олорон өлбүтэ.
  28. Старостин Михаил Николаевич — 1923с.т. ЧПУ студена. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1075-с туспа стройбатальоҥҥа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. олунньуга кэлбитэ. 1999с. өлбүтэ.
  29. Федосеев Михаил Егорович — 1913с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбы­та. 1946с. эргиллибитэ. 22.03.1989с. өлбүтэ.
  30. Федосеев Михаил Петрович — 1909с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1813-с СП түбэһэн сэриигэ киирсибитэ. 1941с. атырдьах ыйыгар бааһыран 1656№-дээхЭГ эмтэммитэ. 1947с. кэлбитэ. 1972с. өлбүтэ.
  31. Эверстов Василий Семенович -1909с.т. ЧПУ выпускнига.Учуутал. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1980с. өлбүтэ.
  32. Эверстов Гаврил Семенович — 1921 с.т. ЧПУ выпускнига. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Младшай лейтенант. 209-е СД 754-е СП кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1986с. өлбүтэ. Военрук-учуутал.

Үлэ фронуттан эргиллибиттэрэ:

  1. Андреев Николай Иннокентьевич — 1897с.т. «Андреев» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1977с. өлбүтэ.
  2. Кузьмин Петр Петрович — 1905с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ.
  3. Наумов Семен Степанович — 1916с.т. «Хопто» колхоз. Комсомоллаах. Тракторист. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. төннүбүтэ. 1946с. өлбүтэ.
  4. Павлов Семен Егорович — 1925с.т. «Хопто» колхоз. 1943с. барбыта. 1950с. кэлбитэ. 1984с. өлбүтэ.
  5. Платонов Егор Петрович — 1905с.т. «Хопто» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1959с. өлбүтэ.
  6. Поисеев Иннокентий Гаврильевич — 1924с.т. Хадаарга терообутэ. 1942с. барбыта. 210-е СД түбэһэн ыалдьан үлэ фронугар коспутэ. 1945с. кэлбитэ. 1975с. өлбүтэ.
  7. Федулов Павел Николаевич — 1900с.т. «Хопто» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1950с. өлбүтэ.

Албан Аат орденнаах

""

""

Пинигин Павел Титович

1917 с. Хоптово нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайтан ынырыллыбыта. Армияҕа младшай командир быһыытынан, 11-станковай корпус 12-с мотострелковай бригадатыгар сулууспалаабыта. Ленинградскай байыаннай уокурукка, Курскай Тоҕой сэриилэригэр кыттыбыта. 1943 с. от ыйын 26 күнүгэр ыараханнык бааһырбыта. Итинтэн сибээстээн, ахсынньыга дойдутугар эргиллибитэ.

Фашистскай Германияны утары сэриигэ көрдөрбүт хорсун-хоодуот быһыытын иһин, красноармеец П.Т.Пинигин Албан Аат ІІІ-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.

Бойобуой мэтээллэхтэр

"" "" "" "" ""

Васильев Сергей Осипович

1920 с.т. ЧПУ-ну бүтэрбитэ. Учууталлыы олорон 20.06.1942 с. ынырыллыбыта. 19-с ТХБр кыттан Ильмень күөлгэ 23.02.43 с. сэриигэ киирсибитэ. Ыараханнык бааһыран билиэн түбэспитэ. 1945 с. муус устар ыйга босхоломмута. 1945 с. 23-с туспа трофейнай биригээдэгэ сулууспалаабыта. Берлин к. комендана генерал Телегиҥҥа докумуон  онорооччунан кытта үлэлээбитэ. 1946с. атырдьах ыйыгар эргиллибитэ. Хоптово, Амма оскуолаларыгар учууталлаабыта. 1974 с. өлбүтэ. «Берлини ылыы иһин» мэтээллээх.

Евграфов Николай Константинович

1910 с.т. «Сардаҥа» колхоз чилиэнэ. 11.08.1941 с. ыҥырыллыбыта. 3-с СД 12-с СП, 38-с СП кыттан Ленинград к. иһин сэриигэ киирсибитэ. 20.11.1941 с. бааһырбыта. 3916 No-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1942 с. инбэлиит буолан Иркутскайтан Черемхово станцияттан эргиллибитэ. 1976 с. өлбүтэ. «Ленинград обороната» мэтээллээх.

Кириллин Михаил Михайлович

1916 с.т. ЧПУ-ну бүтэрбитэ. Учуутал. Комсомоллаах. 14.09.1942 с. районова үлэлии олорон ынырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП кыттан Сталинград к. иһин сэриигэ киирсибитэ. Сталинград куорат уот холорук сэриитигэр 22.10.1942 с. өлбүтэ. Сталинградскай уобалас Кузьмичи дэр. көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Протодьяконов Николай Михайлович

1913 с.т. «Хоптово» чилиэнэ. 05.07.1942 с. ынырыллыбыта. 17-с ТХБр 4-с танковай биригээдэҕэ 166-с зенитнэй-артиллерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 22.07.43 с., 12.04.44 с., 02.12.44 с. бааһырбыта. Сэриини Донецкай таһыттан саҕалаабыта. Украинаны, Крымы, Польшаны босхолоспута. Одер өрүһү туораан Кыайыыны Шпрее өрүскэ көрсүбүтэ. Берлин таһыгар союзтаахтар сэриилэрин көрсүһүүгэ кыттыбыта. 04.10.1945 с. эргиллибитэ. Нэһилиэгэр сэбиэт председателинэн, колхозка эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта. 1995 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин». «Варшаваны босхолооһун», «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх.

Платонов Владимир Саввич

1903 с.т. «Хоптово» колхоз чилиэнэ. 29.09.1942 с. ынырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП кыттан Сталинград иһин сэриигэ киирсибитэ. Сэриилэһэ сылдьан 1943 с. өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Федосеев Михаил Петрович

1909 с.т. «Хоптово» колхоз чилиэнэ. 15.08.1941 с. ынырыллыбыта. 1813-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ 1941 с. атырдьах ыйыгар бааһырбыта. 1656 No-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1947 с. эргиллибитэ. Дойдутугар колхозка, нэһилиэккэ араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. 1972 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

 Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! 

""

Хоптоҕо, Мэлдьэхси нэһилиэктэриттэн сэрии ветераннара

Кыайыы 35 сылын үөрүүлээх бэлиэтээһинэ. Дириҥ,1980 с.

""

Кыайыы 35 сыла. Дириҥ, ыам ыйын 9 күнэ 1980 с.

Туһаныллыбыт литература

1. Павлов, Иван Михайлович. Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.

2. Павлов, Иван Михайлович. Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.

3.Хоптоҕо нэһилиэгэ: Чурапчы улууһа  / [хомуйан оҥордо М.Н.Корякин]. — Дьокуускай : Сайдам,  2014. — 575 с.

http://%5C%22//yastatic.net/es5-shims/0.0.2/es5-shims.min.js%5C%22

http://%5C%22//yastatic.net/share2/share.js%5C%22