Хатылы нэһилиэгэ

Кыайыы скверэ. Кыайыы 65 сыла.
Тутуллубут сыла: 2010 с.
Ини-бии Баиннарга анаммыт өйдөбүнньүк.
Тутуллубут сыла : 2015 с., Хатылы нэһилиэгэ
Бабаҕаттан сэриигэ баран өлбүт буойуннарага анаммыт пааматынньык. 1961с. Бабаҕа
Ким туттарбыта, памятник автора: Неустроев Михаил Митрофанович, Иванов Михаил Михайлович, Баин Алексей Семенович
“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” Кыайыы 35 сылыгар анаммыт пааматынньык
Тутуллубут сыла: 1980с. Хатылы. Хатылы орто оскуолатын территорията
Ким туттарбыта,памятник автора:Сивцев Афанасий Алексеевич, Протопопов Василий Степанович, Дорогунов Василий Семенович .
Кыайыы 50 сылыгар, Көһөрүү 50 сылыгар анаммыт пааматынньыктар
Тутуллубут сыла: 1995с
Ким туттарбыта, автордара: Атласова Ульяна Николаевна, Константинов Анатолий Иванович, Аржаков Николай Михайлович.
Е.Д.Доҕордуурап 100 сылыгар анаммыт монумент
Тутуллубут сыла: 2016с. Хатылы, Кыайыы сквера
Хатылы нэһилиэгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар
Хатылы нэһилиэгиттэн 136 туруу үлэһит дьон уоттаах сэриигэ барбыттара, кинилэртэн 22 киһи үлэ фронугар сылдьыбыта. Кыа хааннаах кыргыска кылыһы туппут 69 буойуннарбыт төрөөбүт түөлбэлэригэр эргиллэн кэлэр дьолу билбэтэхтэрэ, көмүс уҥуохтара үйэ-саас тухары сэрии толоонугар хаалбыта. Оттон 67 буойун буорах сыттаах синиэллэрин устан толору кымыстаах чороону көтөҕөр, иэримэ дьиэлэригэр тыыннаах ордон кэлэр үөрүүнү билбиттэрэ.
Хатылы / хомуйан оҥордо М.П. Иустинова. — Дьокуускай : Көмүөл, 2019 — Т.2. Чурапчы улууһа : Хатылылар : (1941-1945сс.) : ол суостаах сылларга — 2019. — 560 с.
Дойдуларыгар эргиллэн кэлбэтэхтэрэ:
- Аржаков Гаврил Петрович —1918с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэсыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 539-с СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар9 кунутэр Орловскай уобалас Жиздринскэй оройуон Үөһээҥҥи Акимовкадэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Аржаков Дмитрий Николаевич — 1919с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 кунугэр ынырыллыбыта. 140-с СД 283-с СП түбэспитэ. 1943с. от ыйын 12 күнүгэр сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Аржаков Михаил Николаевич —1921с.т. ЧПУ студена. 1942с. бэс ыйын20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 143-с байыаннай санитарнай чааска түбэспитэ. Сэриилэһэ сылдьан тыҥатынан ыалдьан 3110 — ЭГ эмтэммитэ. 1943с. ыам ыйын 26 күнүгэр өлөн Челябинскай уобалас Троицк куорат кладбищатыгар көмүллүбүтэ.
- Аржаков Николай Николаевич — 1904с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Аржаков Тит Федотович —1911с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйыгарбарбыта. 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Архипов Дмитрий Алексеевич —1921с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1942с.бэс ыйыгар барбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн 1943с.олунньу 23 күнүгэр Ильмень күөллээҥи сэриигэ өлбүтэ.
- Архипов Михпал Иннокентьевич — 1923с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 0186—с полевой почтаҕа түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 12 күнүгэр Харьковскай уобалас Любатинскай оройуон Синелищсвка дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Архипов Николай Петрович -1916с.т. 1943с. атырдьах ыйын 17 күнүгэр барбыта. 1945с. тохсунньу 26 күнүгэр Польшаҕа Кенагенкиво дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
- Баин Афанасий Алексеевич — 1906с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз, комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Баин Егор Алексеевич — 1915с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. 1942с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Баин Егор Дммгрьевич — 1921с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. алтынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Баин Павел Дмитриевич — 1902с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Баин Петр Алексеевич — 1916с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 77-с гв СД 215-с гв СП түбэспитэ. 1943с. от ыйын 14 күнүгэр Орловский уобалас Волховскай оройуон Азарова дэриэбииэҕэ сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Баин Роман Матвеевич — 1923с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан ыалдьаи Амурскай уобалас Благовещенскай куоракка эмтэнэ сытан өлбүтэ.
- Баин Филипп Степанович — 1906с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сталинград куорат иһин сэриигэ кыттан 1942с. ахсынньыга өлбүтэ.
- Белолюбскай Гаврил Семенович — 1913с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Белолюбскай Роман Тимофеевич — 1907с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1941с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Белых Кузьма Васильевич — 1917с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 283-с СД кыттыбыта. 1943с. кулун тутар 7 күнүгэр Орловской уобалас Красное дэрнэбинэ иһин буолбут сэриигэ өлбүтэ.
- Давыдов Гаврил Гермогепович — 1905с.т. 1941с. ынырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Давыдов Петр Матвеевич — 1912с.т. (Чурапчы оройуонун киһитэ буолбатах да манна олохсуйбут). 1942с. атырдьах ыйын 21 кунугэр ынырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Давыдов Семен Дмптрьевич — 1916е.т. ЧПУ выпускнига. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар Соловьев оскуолатыгар учууталлыы олорон барбыта. 1944с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Догордуров Егор Дмптрьевич — 1916с.т. ЯНВШ выпускнига. Комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр Амма оройуонугар ОСО авиахим председателинэн олорон барбыта. Лейтенант. 369-е туспа разведкалыыр ротаны хамаандалаабыта. 1942с. балаҕан ыйын 28 күнүгэр Ленинградскай уобалас Любань тимир суол станциятыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ. Кыһыл Знамя орденнаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Дьячковский Григорий Константинович — 1900с.т. «Кыйыл партизан» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Дьячковский Захар Степанович — 1908е.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Дьячковский Михаил Степанович — 1917с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. 1280-е СП кыттыбыта. 1942с. бэс ыйын 6 күнүгэр Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон Краснодубье дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Егоров Кирилл Григорьевич — 1909с.т. Комсомоллаах. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр Чурапчыттан барбыта. 1944с. бэс ыйын 25 күнүгэр Осетрова дэриэбинэҕэ хомолтолоохтук өлбүтэ.
- Иванов Митрофан Николаевич (Никонович) — 1915с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Иванов Николай Семенович — 1908с.т. «Кыйыл ыллык» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-е СД 32-е СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 13 күнүгэр Харьков куорат таһыгар Павлово дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Кожевин Матвей Дмптрьевич — 1897с.т. 1944с. от ыйын 23 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Козлов Иван Прокопьевич II — 1916с. «Кыйыл сиэмэ» колхоз. Учуутал. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1943с. кулун тутарга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Корякин Иван Кононовнч -1911с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1942с.бэс ыйыгар барбыта. 68-е гв СП түбэспитэ. 1943с. ыам ыйын 25 күнүгэр Ленинградский уобалас Подцорскай оройуои Медушка дэриэбинэтигэрбааһырыытынан өлбүтэ.
- Кривошапкнн Егор Дмитрьевнч — 1917с.т. «Кыһыл армия» колхоз. 1941с. Томмотгон ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдъан өлбүтэ.
- Кривошапкнн Егор Михайлович — 1917с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Кривошапкнн Петр Алексеевич — 1920с.т. «Кыйыл Армия» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 17 күнүгэр Ленинградский уобалас Борки дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Кузьмин Семен Афанасьевич — 1919с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. Старший сержант. 1945с. ыараханнык бааһырыы кэнниттэн дойдутугар айаннаан нһэн Дьокуускайга балыыһаҕа киирэн өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ, Албан Аат III степенэ орденнардаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Лексекунов Гаврил Матвеевич — 1917с.т. «Кыйыл армия» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 23 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдъан өлбүтэ.
- Лукин Петр Игнатьевич — сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Сэрииттэн эргиллэн кэлбэтэҕэ.
- Миронов Николай Егорович -1907с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэрыҥырыллыбыта. 1942с. алтынньы 11 күнүгэр Челябинский куоракка госпитальга сытан өлбүтэ.
- Неустроев Николай Афанасьевич — 1910с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 440-с СП тубэспитэ. 1943с. балаган ыйын 14 күнүгэр Орловский уобалас Рогнединскай оройуои Тереховка дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Никифоров Михаил Алексеевич (Неустроев) — сэриигэ ыҥырыллан барбыта да эргиллэн кэлбэтэҕэ.
- Николаев Михаил Егорович — 1916с.т. «Кыйыл партизан» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. атырдьах ыйын 20 кунугэр Воронежскай уобалас Бобровскай оройуон Ислорец селоҕа сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Оногосов Федот Артамонович — 1917с.т. 1942с. бэс ыйыгар Соловьев нэһилиэгиттэн барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Охлопков Ксенофонт Яковлевич — 1922с.т. ЧПУ студена. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр Чурапчыттан барбыта. 150-с стрелковай биригээдэҕэ, 801-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1942с. ыам ыйын 22 күнүгэр Ленинградскай уобалас Моловокипскай оройуон Кулакино дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Охлопков Яков Яковлевич -191Зс.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр Чурапчыттан барбыта. 1943с. атырдьах ыйын 3 күнүгэр Курскай уобалас Гостьемскай оройуон Редин дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Павлов Егор Михайлович — 1904с.т. кыһыл бартыһаан. «Кыһыл Партизан» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 171-с СД 713-с СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 14 күнүгэр Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон Киево дэрпэбинэҕэ сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Петров Гаврил Никонович I — 1916с.т. «Комсомол» колхоз 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Петров Гаврил Никонович II — 1919с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 134-с СД 269-с СП кыттыбыта. 1943с. от ыйын 7 күнүгэр Смоленскай уобалас Пречистенской оройуон Стрынкова дэриэбинэ сэриитигэр өлбүтэ.
- Петров Николаи Николаевич -1921 с.т. 1941с. ыҥырыллыбыта. 1942с.сэрии хонуутугар өлбүтэ.
- Попов Афанасий Ильич 1-191бс.т. 1941с. сайын Ленинград театральнай институтуттан ыҥырыллыбыта. 1941с. балаҕан ыйыгар Ленинградскай уобалас Ладейное поле диэн сиргэ сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Попов Егор Петрович — 1903с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 кунугэр Дьокуускайтан барбыта. 06739-с полевой почтаҕа түбэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр Сталинский оройуон Песчаная диэн күөл биэрэгэр сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Попов Иван Афанасьевич — 1912 с.т. «Кыһыл Армия» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. сэрии хонуутугар сылдьан өлбүтэ.
- Попов Николай Николаевич -191 бс.т. «Кыһыл Армия» колхоз. 1942с.бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 7-с гв. СД 20-с гв. СП түбэспитэ. 1944 с. олунньу 4 күнүгэр Псковскай уобалас Невельскай оройуон Сухановка дэриэбинэ сэриитигэр өлбүтэ.
- Попов Николай Степанович -1911 с.т. 1941с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1943с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Попов Петр Дмитрьевич — 1926с.т. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр өлбүтэ.
- Попов Прокопий Петрович — 1925с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1012-с СИ кыттыбыта. 1944с. кулун тутар 9 күнүгэр Ленинградской уобалас Островскай оройуон Ольхи бөһүөлэккэ өлбүтэ.
- Попов Семен Алексеевич — 1922с.т. «Кыһыл толоон» колхоз. ЧПУ студена. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр тылланан барбыта. 18-с гуспа биригээдэҕэ түбэһэн «Десантник» хаһыат редактора. 1942с. ахсынньыга өлбүтэ.
- Протопопов Наум Исаевич — 1909с.т. «Кыһыл Партизан» колхоз. 1942с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1942с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Седалищев Егор Константинович — 1904с.т. «Кыһыл — сиэмэ» колхоз, комсомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Седалищев Дмитрий Константинович -1911с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. кулун тутар 1 күнүгэр Ленинградской фроҥҥа сылдьан Медушки дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
- Собакин Иннокентий Прокопьевич — 1908с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 29-с СД 90-с гв.СП кыттыбыта. 1943с. олунньу 23 күнүгэр Смоленскай уобалас Медведки дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Собакин Семен Захарович I — 1907с.т. «Кыһыл Партизан» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар сэбиэт председателинэн олорон барбыта. 283-с СД кыттыбыта. 1943с. кулун тутар 7 күнүгэр Орловской уобалас Зеленья оройуон Красное дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
- Соловьев Петр Иванович — 1917с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1942с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Теплоухов Яков Николаевич — 1910 с.т. Алдан көмүһүн хостоһор ыҥырыыга барбыта. 1942с. бэс ыйыгар Алдантан ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Федоров Дмитрий Софронович — 1911с.т. Алдан көмүһүн хостооһун кыттыылааҕа. 1942с. бэс ыйыгар барбыта, ыалдьан 4645-ЭГ эмтэммитэ. Читинскай уобалас Карымскай оройуон Олентуй бөһүөлэккэ өлбүтэ.
- Федоров Семен Николаевич — 1925с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. олунньуга өлбүтэ.
- Федосеев Василий Егорович — 1912с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
- Ядрихинскай Дмитрий Лазаревич — 1916 с., комсомоллаах, 1942с. бэс ыйыгар Дьокуускайтан комсомол обкомугар үлэлии олорон ыҥырыллыбыта. Летчик, зенитчик. 17-с воздушнай армия 10-с штурмовой авиакорпуһугар 1051-с СП, 241-с армейскай Зенитнэй артиллерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 1944с. ахсынньы 22 күнүгэр Югославияҕа сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Үлэ фронугар сылдьан өлбүтэ:
- Захаров Николай Спиридонович — 1914с.т. ЧПУ студена. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1944с. Иркутскай уобалас Усолье-Сибирское үлэлии сылдьан өлбүтэ.
Тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ:
- Антипин Семен Александрович — 1912с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Ленинградскай фроҥҥа кыттан сэриилэспитэ. 1943с. төннүбүтэ, 1960с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
- Аржаков Николай Дмитрьевич — 1922с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 283-с СП түбэспитэ. 1943с. төннүбүтэ, 1981с. өлбүтэ.
- Атласов Николай Михайлович — 1919с.т «Кыһыл армия» колхоз. 1941с. ахсынньыга Киренскэйтэн ыҥырыллыбыта. Сержант. 255-с туспа танковай полкаҕа түбэспитэ. Сталинград анныгар бааһырбыта. 1945с. ахсынньыга эргиллибитэ. 1985с. өлбүтэ.
- Баин Еремей Дмитрьевич — 1923с.т «Кыһыл ыллык» колхоз. 1944с. бааһырыытынан эргиллибитэ. Мэйиитин хаппаҕа аһаҕас этэ. 1947с. онтон сылтаан өлбүтэ.
- Борисов Михаил Григорьевич — 1919с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн Ильмень күөл сэриитин туораабыта. 1943с. алтынньыга бааһырбыта. Бааһырыытынан 1943с. ахсынньыга төннүбүтэ. 2007с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Давыдов Гаврил Дмитрьевич — 1920с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1949с. өлбүтэ.
- Ефимов Роман Васильевич -1912с.т. Комсомоллаах. 1942с. атырдьахыйын 21 күнүгэр кытаанах сельпотугар үлэлии олорон барбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1948с. өлбүтэ.
- Жирков Роман Степанович — 1915с.т. 1943с. сайын Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 252-с СП түбэспитэ. 1947с. эргиллибитэ. 1997с. өлбүтэ. «Венаны ылыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин» мэтээллэрдээх. Учуутал.
- Захаров Филипп Степанович — 1927с.т. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. 21547-с воинскай чааска түбэспитэ. Ыалдьан 3245-ЭГ эмтэммитэ. 1947с. олунньуга төннүбүтэ. 1949с. алтынньыга өлбүтэ.
- Захаров Николай Степанович — 1927с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. 21547-с воинскай чааска түбэспитэ (Япония сэриитэ). 1951с. эргиллибитэ. 1985с. өлбүтэ.
- Иванов Григорий Николаевич — 1924с. «Кыйыл партизан» колхоз. 1942с. атырдьах ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1701 -с зенитнэй артиллерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 1947с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Иванов Игнатий Григорьевич — 1925с.т. Комсомоллаах. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар Дьокуускайтан барбыта. 196-с гв СП түбэспитэ. Ыараханнык бааһырбыта. 1948с. кэлбитэ. 1950с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Керемясов Николай Михайлович — 1919с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. Партия чилиэнэ. 1941с. атырдьах ыйын 4 күнүгэр хоту оройуоҥҥа учууталлыы олорон туох түбэһиэх айаннаан кэлэн тылланан Дьокуускайтан барбыта. 1281-с СП түбэһэн Москва анныгар сэриилэспитэ. 1941с. бааһыран 2789 — ЭГ эмтэммитэ. 1942с. кулун тутарга төннүбүтэ. 1985с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Москва обороната» мэтээллэрдээх.
- Козлов Иван Прокопьевич I — 1905с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 112-с СД 375-с СП кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1981с. өлбүтэ. 4 төгүл бааһырбьгга. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Козлов Семен Степанович — 1922с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1943с. ыҥырыллыбыта. 855-с СП түбэспитэ. 1944с. төннүбүтэ. 1975с. өлбүтэ.
- Козлов Степан Авсентьевич — 1918с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. Комсомоллаах. 1941с. балаҕан ыйын 13 күнүгэр Өлуехумэттэн ыҥырыллыбыта. Младшай сержант. 1946с. тохсунньуга кэлбитэ. 1992с. өлбүтэ.
- Кривошапкин Иван Алексеевич — 1916с.т. «Кыһыл армия» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. эргиллибитэ. 2006с. Дьокуускайга олорон өлбүтэ.
- Кривошапкин Семен Иванович — 1916с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1948с. өлбүтэ.
- Листиков Иван Дмитриевич -1911с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 33-е, 90-е СП кыттыбыта. 1945с. атырдьах ыйыгар эргиллибитэ. 1974с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
- Литвинцев Гаврил Михайлович — 1916с.т. 1941с. Улан-Удэттэн ыҥырыллыбыта. Младшай командир. 1944с. эргиллибитэ. 1944с. өлбүтэ.
- Литвинцев Егор Прокопьевич — 1925с.т. «Кыһыл толоон» колхоз. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1948с. өлбүтэ.
- Литвинцев Еремей Илларионович — 1913с.т. «Кыһыл толоон» колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 23 күнүгэр барбыта. 489-е СД 602-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 2005с. өлбүтэ.
- Неустроев Николай Андреевич — 1909с.т. «Комсомол» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. ыалдьан төннүбүтэ. 1946с. өлбүтэ.
- Неустроев Николай Васильевич — 1916с.т. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1956с. өлбүтэ.
- Никитин Сергей Алексеевич — 1920с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. Комсомоллаах. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 25-е механизированнай биригээдэҕэ кыттан Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1946с. эргиллибитэ. 2003с. өлбүтэ.
- Попов Афанасий Ильич II — 1921с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 20-е туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. 188-е СД 533-е гв СП кэлин кыттыбыта. 2-тэ бааһырбыта. Бааһырыытынан 1944с. алтынньыга кэлбитэ. 4918 уонна 1747 ЭГ эмтэммитэ. 1987с. өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах.
- Попов Василий Давыдович — 1914с.т. ЧПУ студена. Учуутал. «Кыһыл армия» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 168-е туспа кавалерийскай эскадроҥҥа уонна 1344с. СП полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 1942с. билиэн түбэһэн 1945с. босхоломмута. 1942с. бааһырбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1963с. өлбүтэ.
- Попов Герасим Михайлович — 1910с.т. «Кыһыл армия» колхоз. 1942с. атырдьах ыйыгар Охотскайтан ыҥырыллыбыта. 1944с. төннүбүтэ. 1947с.өлбүтэ.
- Попов Егор Ильич — 1912с.т. «Кыһыл армия» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 20-с туспа хайыһар биригээдэтигэр, 616-е туспа Зенитнэй артиллерийскай дивизионна кыттыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1990с. өлбүтэ.
- Попов Егор Сидорович — 1902с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 980-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1944с. кэлбитэ. 1989с. өлбүтэ.
- Попов Иван Иванович — 1926с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. кэлбитэ. 1967с. өлбүтэ.
- Попов Николай Егорович — 1918с.т. «Кыһыл армия» колхоз. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 984-е СП кыттыбыта. 1946с. алтынньыга кэлбитэ. 2004с. өлбүтэ.
- Попов Федот Егорович — 1919с.т. «Кыһыл армия» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырьшлыбыта. 124-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 2002с. өлбүтэ.
- Протопопов Федор Исаевич — 1924с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1942с. кулун тутар 16 кунугэр барбыта. 253-е СП кыттыбыта. 1943с. алтынныга ыалдьан кэлбитэ. 2005с. өлбүтэ.
- Саввин Петр Прокопьевич — 1922с.т. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. 1701-е Зенитнэй артиллерийскай полкаҕа түбэспитэ, 1946с. ахсынньыга кэлбитэ. 1981с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрии иһин», «Кенигсбери ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
- Седалищев Дмитрий Гаврильевич — 1911с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. Комссомоллаах. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 582-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1968с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
- Сибиряков Николай Яковлевич — 1912с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. Алдан көмүһүн хостооһун кыттыылааҕа. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 582-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. кэлбитэ. 1979с. өлбүтэ.
- Собакин Семен Захарович II — 1926с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1949с. өлбүтэ.
- Соловьев Василий Николаевич — 1916с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. 1948с. ыалдьан өлбүтэ.
- Соловьев Василий Сергеевич — 1915с.т. ЧПУ выпускнига. Учуутал. Суруйааччы — Болот Боотур. 1942с. бэс ыйыгар Амма оскуолатыгар учууталлыы олорон ыҥырыллыбыта. 21-е туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. Кэлин 285-с артиллерийскай дивизиоҥҥа кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1993с. өлбүтэ. Албан аат III степенэ орденнаах.
- Соловьев Егор Афанасьевич — 1927с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. кэлбитэ. 1971с. өлбүтэ.
- Соловьев Иван Ионович — 1923с.т. 1944с. бэс ыйыгар Чурапчыттан барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. кэлбитэ. 2007с. өлбүтэ.
- Соловьев Николай Саввич — 1912с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. Партия чилиэнэ. Учуутал. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 241-с СД 1010-с артиллерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 1943с. бааһырбыта. 1944с. бэс ыйыгар бааһырыытынан төннүбүтэ. 2002с өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
- Устинов Георгий Николаевич — 1916с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 275-е СД түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. кэлбитэ. Кэлин өлбүтэ.
- Устинов Константин Митрофанович — 1916с.т. «Кыһыл толоон» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 198-е СД 1029-е СП түбэспитэ. 1942с. кулун тутарга бааһырбыта. Бааһырыытынан 1942с. атырдьах ыйыгар эргиллибитэ. 1987с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Үлэ фронуттан эргиллибиттэрэ:
- Антипин Дмитрий Александрович — 1925с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ.
- Баин Семен Алексеевич — 1901с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1964с. өлбүтэ.
- Белых Егор Васильевич — 1903с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1967с. өлбүтэ.
- Дорогунов Семен Ефремович — 1919с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1960с. өлбүтэ.
- Егоров Василий Николаевич — 1901с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1951с. өлбүтэ.
- Ершов Дмитрий Львович — 1918с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1970с. өлбүтэ.
- Захаров Петр Семенович — 1919с.т. 1944с. от ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 541-с ту спа рабочай батальоҥҥа түбэспитэ. 1946с. кулун тутарга эргиллибитэ. 1954с. өлбүтэ.
- Захаров Степан Осипович -1906с.т. 1943с. атырдьах ыйыгар барбыта,1944с. кэлбитэ. 1952с. өлбүтэ.
- Иванов Дмитрий Николаевич — 1921с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ.
- Иванов Дмитрий Семенович — 1903с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1970с. өлбүтэ.
- Керемясов Яков Петрович — 1898с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1951с. өлбүтэ.
- Корякин Михаил Кононович— 1925с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. барбыта. 1950с. кэлбитэ. Хаайыыга өлбүтэ.
- Литвинцев Алексей Терентьевич — 1910с.т. «Кыһыл толоон» колхоз. 1943с. Алдантан ыҥырыллыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ.
- Неустроев Гаврил Кузьмич — 1904с.т. «Комсомол» колхоз. 1943с. Ааллаах Үүнтэн ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. Кэлин өлбүтэ.
- Никитин Алексей Алексеевич — 1924с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1948с. эргиллибитэ. 1949с. өлбүтэ.
- Попов Константин Павлович — 1909с.т. «Кыһыл Армия» колхоз. 1943с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1961с. өлбүтэ.
- Протопопов Алексей Андреевич — 1904с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1960с.т. өлбүтэ.
- Собакин Константин Федорович — 1898с.т. «Кыһыл партизан» колхоз. Алдан көмүһүн хостооһуҥҥа үлэлэспитэ. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1961с. өлбүтэ.
- Толбонов Гаврил Алексеевич — 1900с.т. «Комсомол» колхоз. 1942 с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1978с. өлбүтэ.
- Харайбатов Илларион Спиридонович — 1907с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз. 1943с. барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1982с. өлбүтэ.
- Соловьев Дмитрий Ионович — 1920с.т. Верхоянскайтан 1943с. сайын барбыта. 1946с. дылы Якутскайга аэропорт тутуутугар үлэлээбитэ. 1980с. өлбүтэ.
Кыһыл Знамя орденнаахтар

Догордуров Егор Дмитриевич
Лейтенант. Хатылы нэһилиэгэ (1916-1942). СНБО-ны 1939 с. үөрэнэн бүтэрбитэ. Салгыы бастыҥ үөрэнээччи быһыытынан Москваҕа ОСОАВИАХИМ линиятынан үөрэнэ барбыта. Үөрэҕин младшай лейтенант званиелаах бүтэрбитэ. «Эдэр бассабыык» хаһыакка байыаннай отделга үлэлээбитэ. Сотору Амма оройуонугар ОСОАВИАХИМ председателинэн ананан барбыта. Егор Дмитриевич сэрии саҕаланарын кытта, Кыһыл армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Мальта байыаннай лааҕырыгар сулууспалыы ыҥырыллыбыт саллааттары байыаннай бэлэмнэниигэ үөрэппитэ. Манна партия кэккэтигэр киирбитэ, лейтенант званиетын ылбыта. 1942 с. саҕаланыыта Волховскай фроҥҥа 54-с Армия 294-с с.д. 861-с с.п. рота командирынан анаммыта. Сэрии бириэмэтигэр дьоҕурун, талаанын көрдөрбүт офицеры 369-с туспа истребительнай (кыдыйааччылар) разведрота командирын дуоһунаһыгар өрө таһаарбыттара. Саха ньургун уола Е.Д. Догордуров 1942 с. балаҕан ыйын 28 күнүгэр сүрэҕэ тэппэт буолбута. Көмүс унуоҕа Ленинградскай уобалас Любант диэн тимир суол станциятыгар хараллыбыта. «Хорсунун иһин» медаллаах, хорсун командиры, сэрииһити Е.Догордуровы 54-с армия командованиета 1942 с. алтынньы 20 күнүгэр 01041 No-дээх бирикээһинэн Кыһыл Знамя орденынынан наҕараадалаабыта.
Аҕа дойду сэриитин I-кы, II –c степенэ орденнаахтар
Попов Афанасий Ильич
Хатылы нэһилиэгэ (1921-1987 сс.). Учуутал, ЧПУ-ны бүтэрбитэ. Кыһыл Армияђа 1942 с. бэс ыйыгар ынырыллыбыта.Немецкэй-фашисткай армия сэриитин утары инники кирбиигэ хайдах кыргыспытын туһунан кэпсээтэххэ маннык. 20-с туспа хайыһар бригадатыгар Новгород уобалаһын Старай Русса оройуонугар телефонист быһыытынан сэриигэ киирсибитэ. Аан бастаан «буорах сытыы сытын сытарҕалаабыт» кэминэн — 1943 с. кулун тутар 15 күнэ буолар.1943 с. сайын, 161-с гвард. Московскай полка састаабыгар автоматчик быһыытынынан сулууспалаабыта. Сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһырбыта.
Хорсун буойун дойдутутар Аҕа дойду сэриитин II-с степенэ орден кавалера буолан эргиллибитэ.
КыҺыл Сулус орденнаахтар

Иванов Григорий Николаевич
Хатылы нэһилиэгэ (1924-1968 сс.). Дойдутуттан, «Кыһыл партизан» колхозтан 1942 с. атырдьах ыйын 18 күнүгэр фронна атаарыллыбыта.
525-с саппаас артиллерийскай полкаҕа артиллерист-зенитчик идэтигэр үөрэммитэ.Инники кирбиигэ 1701-с зенитнай-артиллерийскай полкађа кыттан өстөөхтөрүн утары күөн көрсөр быһылааннарга түбэспитэ. 1-кы, 2-с Украинскай, 1-кы Прибалтийскай, 2-с, 3-с Белорусскай фроннарга сулууспалаабыта.Уоттаах сэриигэ 1944 с. саҕаланыаҕыттан кыттыбыта. Бу сыл Борисов, Минскэй, Вильнюс куораттары босхолоспута.
1945 с. кулун тутар 30 к. Гдыня куорат-кириэппэһи тоҕу көтөн киириигэ кыттыбыта. Германия сэриитин ортотунан быһа көтүллүбүтэ. Илин диэки хаалбыт сэрии Кенигсберг куорат туһаайыытыгар сыҕайыллыбыта. Өстөөх сэриилэрэ Данциг, Гдыня куораттары төттөрү былдьаан ылаары, 2-3 күн күүстээх кимэн киириини оноро сылдьыбыттара, табыллыбатаҕа. Маннык ыар сэриилэргэ Григорий Иванов зенитнай расчетун байыастарын анардара суох буолбуттара. Утуйары, сынньанары, аһыыры умнан туран сэриилэһиигэ саха буойуна тыыннаах ордубута.
Г.Н. Иванов хорсун быһыытын иһин Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта.
Ядрихинскай Дмитрий Лазаревич
Младшай командир. Хатылы нэһилиэгэ (1916-1944 сс.). Комсомоллаах. Сытыы-хотуу, хоодуот уол дойдутуттан тэлэһийэн, эрдэ Дьокуускай куораты булбута. ОСОАВИАХИМ-на, комсомол обкомугар үлэлээбитэ. 1942 с. Ийэ дойду көмүскэлигэр ынырыллыбыта. 1051-с с.п. кэлин 241-с зенитнэй-артиллерийскай полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. Бу байыаннай чаастар 17-с Салгыннааҕы Армия 10-с штурмовой авиакорпуһугар киирсэр этилэр. Дмитрий Ядрихинскай Сталинград сэриититтэн саҕалаан (1942 с.), Курскай, Орловскай, Белгородскай уобаластары, Украинаны, Румынияны, Болгарияны, Югославияны сэриинэн тилэри көтөн ааспыта. Югославияҕа тиийэн сэрии хонуутугар хорсуннук охтубута.
1943 с. саас, Дмитрий доҕотторугар суруйбута: «…1-й Маай эрэ иннинэ, өстөөх 9 самолета биһиги маныыр байыаннай объекпытын буомбалыырга соруммута да, табыллыбатаҕа.
Төттөрүтүн, биһиги «Юнкерс-187» үс самолету, ол иһигэр сирдьит самолету суулларбыппыт. Икки чаас буолан баран, иккистээн көтөн кэлбиттэрэ. Соһуччу кэтэхпититтэн саба түһээри соруммуттара да, сатамматага. Биир самолеттарын сүтэрэн, тэскилииргэ тиийбиттэрэ…».
Дмитрий Ядрихинскай иккис идэтэ летчик. Дойдутугар сылдьан, сэрии саҕаланарын кытта, авиаклубка үөрэнэн, самолетунан көтүү идэтин баһылаабыта. Ол сөбүлүүр идэтинэн сэриигэ кыттыбыта. Бу туһунан кини убайыгар Василий Прокопьевич Гуляевка маннык суруйбута: «…Бойобуой массынабар уон сиринэн пробоиналаахпын. Өстөөх ылан олорор сиригэр, күһэллэммин, ырааһыйага түһэ сырыттым. Дьолго, түргэнник оңороммун, немецтэр саналара бу кэлбитин кэннэ көтөммүн тыыннаах ортум. Болгарияны уонна Чехословакияны босхолооһунна сылдьыстым. Биһигини, Советскай летчиктары, Броз Тито приемнаата.»
Дмитрий Лазаревич Ядрихинскай Кыһыл Сулус орденынан, «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадаламмыта.
Д.Л. Ядрихинскай 1944 с. ахсынньы 22 күнүгэр өлбүтэ. Кини көмүс унуоҕа төрөөбүт дойдутуттан ыраах Югославия буоругар хараллыбыта.
Албан Аат орденнаахтар
Соловьев Василий Сергеевич – Болот Боотур
Старшай сержант. Хатылы нэһилиэгэ (1915-1993 сс.). Чурапчытааҕы педучилищены үөрэнэн бүтэрбитэ, учуутал. 1942 с. Амма сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталлыы сылдьан, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр атаарыллыбыта. Уралга Бершеть байыаннай лааҧырга үөрэммитэ. Кыһын 21-с туспа хайыһар бригадатыгар түбэһэн, фронт инники кирбиитигэр Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа Новгородскай уобалас, Старай Русса оройуонугар тиийбитэ. Кэлин, 282-с артиллерийскай дивизия 826-с артиллерийскай полкатыгар топовычислитель дуоһунаһыгар сулууспалаабыта. сэриигэ Ленинградскай, Калининградскай уобаластарга, Литваҕа, Белоруссияҕа, Польшаҕа кыттыбыта. 1945с. саҕаланыыта бааһырбыта. Бу сыл демобилизациялынан дойдутугар эргиллибитэ. ССРС Суруйааччыларын Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур Сойууһун чилиэнэ, Саха народнай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай аатынаи СР Государственнай бириэмийэ лауреата. Дьокуускай куоракка олорон, 1993 с. өлбүтэ.
Бойобуой мэтээллээхтэр
![]() |
![]() |
![]() |
![]() |
![]() |
![]() |
![]() |
Антипин Семен Александрович
1912 с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз чилиэнэ. Бастакы тракторист. Ликбезкэ улахан дьону үөрэппитэ. 07.09.1941 с. ынырыллыбыта. 1942 с. олунньуттан Ленинградскай фроҥҥа сэриигэ кыттыбыта. Илиитигэр бааһырбыта. Үтүөрэн Челябинскайга тракторнай собуокка үлэлээбитэ. 1946 с. эргиллибитэ. МТС-ка тракториһынан үлэлээбитэ. 1960 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
Атласов Николай Михайлович
1919 с.т. сержант. «Кыһыл Армия» колхоз чилиэнэ. Колхоһугар биригэдьиирдээбитэ. Челюскин аатынан борохуокка матростуу сылдьан 1941 с. ынырыллыбыта. 258-с СД 169-с СП кыттан Сталинград сэриитигэр киирсибитэ. Онно илиитигэр бааһырбыта. Эмтэнэн баран танковай курсу бүтэрэн 64-с армия 223-с танковай полкатыгар разведчиктар отделениеларын командира. Курскай тоҕой, Брянскай, Смоленскай, Прибалтика сэриилэригэр кыттыбыта. Уна атаҕар бааһырбыта. 20.12.45 с. эргиллибитэ. Колхоһугар салайар үлэҕэ, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. 1985 с. өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
Борисов Михаил Григорьевич
1919 с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ыҥырыллыбыта. 19-с ТХБр кыттан 1943 с. олунньу 23 к. Ытык Ильмень мууһун устун өстөөхтөргө кимэн киирэр сэриигэ киирсибитэ. Кэлин 912-с гв. батальонна сылдьан 22.10.1943 с. ыараханнык бааһырбыта. 2537 No-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1943 с. ахсынньыга инбэлиит буолан эргиллибитэ. Дойдутугар сылгыһытынан үлэлээмэхтээн баран Хатылы нэһилиэгэр көһөн кэлэн олохсуйбута. «Кыһыл бартыһаан» колхозка, кэлин Субуруускай аатынан совхозка араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Иванов Игнатий Григорьевич
1925 с.т. «Кыһыл ыллык» колхоз чилиэнэ. 24.06.43 с. Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. Комсомоллаах. 196-с гв. СП кыттан сэриигэ киирбитэ. Ыараханнык бааһыран эргиллибитэ. 1950 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Жирков Роман Степанович
1915 с.т. 1943 с. сайын Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 252-с СП кыттан Венгрияны, Австрияны, Чехословакияны босхолоспута. Днестр өрүһү туорааһынна 5-6 төгүл кырынан саллааттары туораппыта. Отделение командира. Бу сырыыга илиигэ, иккистээн төбөҕө бааһырбыта. Одессаҕа, Днепродзержинскайга эмтэммитэ. 1947 с. эргиллибитэ. Дирин оскуолатыгар, Аллайыаха, Эдьигээн, Муома, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар учууталлаабыта. Эдьигээннэ олохсуйан олорбута. 1997 с. өлбүтэ. «Венаны ылыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
Керемясов Николай Михайлович
1919 с.т. ЧПУ-ну бүтэрбитэ. Өймөкөөннө учууталлыы олорон сатыы тэнэ кэлэн Дьокуускайтан 07.08.1941 с. тылланан Кыһыл Армия кэккэтигэр ынырыллыбыта. 1281-с СП кыттан Москва анныгар сэриигэ киирсибитэ. 17.12.1941 с. бастакы кимэн киириигэ кыттан ыараханнык бааһырбыта. 2789 No-дээх ЭГ эмтэммитэ. Инбэлиит буолан 28.03.42 с. эргиллибитэ. Чурапчы оскуолатыгар, ЧПУ- га военруктаабыта. Кэлин оройуон оскуолаларыгар завуһунан, дириэктэринэн, районо инспекторынан үлэлээбитэ. 1985 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Москва обороната» мэтээллэрдээх.
Козлов Иван Прокопьевич 1
1904 с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз чилиэнэ. 15.08.1941 с. ынырыллыбыта. 112-с СД 385- с СП онтон 375-с СП кыттан 2-с Украинскай фроҥҥа сэриигэ киирсибитэ. 3 төгүл бааһырбыта. Курскай, Брянскай, Одесса куораттар туһаайыыларынан сэриилэспитэ. Берлин к. чугаһыгар тиийбитэ. 1945 с. эргиллибитэ. Колхоһугар хонуу үлэтигэр үлэлээбитэ. 1967 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Листиков Иван Дмитриевич
1911 с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ынырыллыбыта. 885-с, 1018-с, 33- с. 90-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. Орловскай уобаласка, Белоруссияђа, Польшаҕа сэриилэспитэ. 3 төгүл бааһырбыта. 1 1945 с. атырдьах ыйыгар эргиллибитэ. Колхознай тутуу бэтэрээнэ. 1974 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Саввин Петр Прокопьевич
1922 с.т. «Кыһыл бартыһаан» колхоз чилиэнэ. 20.09.42 с. ынырыллыбыта. 1985-с, 1701-с зенитнэй-артиллерийскай полкаба кыттан сэриигэ киирсибитэ.1946 с. эргиллибитэ. Өлүөхүмэҕэ Токо сельпотугар, кэлин өр кэмнэ Чурапчы райпотугар бухгалтердаабыта. 1981 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Кенигсбери ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
Седалищев Дмитрий Гаврильевич
1911 с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз чилиэнэ. Комсомоллаах. 1945 с. партия чилиэнэ. 15.08.1941 с. ыҥырыллыбыта. Уполминзаг агена. 582-с СП орудие номерынан Японияны утары сэриигэ кыттыбыта. 20.05.46 с. эргиллибитэ. Колхоһугар председателинэн, советскай эргиэннэ үлэлээбитэ. 1969 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
Соловьев Николай Саввич
1912 с.т. «Кыһыл сиэмэ» колхоз чилиэнэ. Сержант. Дьокуускайга педрабфагы бүтэрбитэ. Кытаанах, Сылан оскуолаларыгар учууталлаабыта. Партия чилиэнэ. 15.08.41 с. ынырыллыбыта. 93-с артполкаҕа, 122- с гаубичнай артполкаҕа кыттан Курскай тоҕой сэриитигэр кыттыбыта. 21.08.1943 с. Харьков к. туһаайыытынан сэриигэ бааһырбыта. 5353 No-дээх ЭГ эмтэммитэ. Кэлин 241-с СД 1010- с СП писарынан үлэлээбитэ. 1944 с. бэс ыйыгар эргиллибитэ. Идэтинэн оройуон үгүс оскуолаларыгар учууталынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1978 с. оройуон Албан аатын музейын тэрийбитэ. 14.03.2002 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх. Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэбин туйгуна, Чурапчы оройуонун бочуоттаах гражданина.
Устинов Константин Митрофанович
1916 с.т. «Кыһыл толоон» колхоз чилиэнэ. Колхоз салайар үлэтигэр үлэлэспитэ. 07.09.1941 с. ыҥырыллыбыта. 198-с СД кыттан Ленинградскай фронна сэриигэ киирсибитэ. Ладога күөл аттыгар бааһырбыта. Бу дивизия 1029-с СП кыттан салгыы сэриилэспитэ. 23.03.1942 с. ыараханнык бааһырбыта. 08.1942 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. Дьоно Булуҥҥа көһүүгэ баран иһэллэригэр түбэһэ түһэн онно барсыбыта. Дойдутугар кэлэн үп агенынан, Уполминзагка өр кэмнэ үлэлээбитэ. 1987 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Улуу Кыайыы 30 сылыгар сэрии бэтэрээннэрэ. Хатылы, 1975 сыл.
Улуу Кыайыы 30 сыла (көрсүһүү)
Улуу Кыайыы 35 сылын көрсө пааматынньык аһыллыытыгар
Тураллар уҥаттан хаҥас: Козлов Семен Степанович, Попов Егор Ильич, Попов Егор Сидорович, Павлов Иван Анемподистович, Атласов Николай Михайлович, Новгородов Иван Степанович, Устинов Константин Митрофанович, Попов Федор Егорович.
Олороллор: Козлов Иван Прокопьевич, Никитин Сергей Алексеевич, Сергеев Николай Антонович, Парфенов Петр Васильевич, Попов Афанасий Ильич, Борисов Михаил Григорьевич, Иванов Михаил Дмитриевич.
Хатылы нэилиэгин Аҕа дойду сэриитин ветераннара.
Улуу Кыайыы 30 сылыгар аналлаах парад.1975 сыл.
Туһаныллыбыт литература
1. Павлов, Иван Михайлович. Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.
2. Павлов, Иван Михайлович. Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.
3.Хатылы / хомуйан оҥордо М.П. Иустинова. — Дьокуускай : Көмүөл, 2019 — Т.2. Чурапчы улууһа : Хатылылар : (1941-1945сс.) : ол суостаах сылларга — 2019. — 560 с.
http://%5C%22//yastatic.net/es5-shims/0.0.2/es5-shims.min.js%5C%22






















