Байанай ыйыгар аналлаах сэргэх тэрээһин

  • 20.11.2025
  • 147

Байанай ыйыгар аналаах » Сэтинньи — баай байанай ыйа» тэрээһин Чурапчы улууһун эр бэрдэрин, булчуттарын түмтэ. Манна «Биилээх сэп — сэбиргэл» быыстапката турда, тута бэчээттэнэн тахсар хаартыскаҕа түһүү фотозоната үлэлээтэ, Хатылы нэһилиэгиттэн уус Дорогунов С.И. бэйэтин уустаан-ураннаан оҥорбут оҥоһуктарын аҕалан быыстапка туруоран дьон кэрэхсэбилин ылла. Кэлбит булчуттар атах тэпсэ олорон эр дьоҥҥо аналлаах, бултка сыһыаннаах тиэмэлэргэ, саа-саадах боппуруостарыгар аһаҕастык кэпсэттилэр. Экологияттан Драгунов В.Г., Охотобщество салайааччыта Атласов С.Н. туһалаах уонна суолталаах иһитиннэриилэри оҥордулар, элбэх боппуруостарга эппиэттээтилэр. Кэлбит дьон булт, идэһэ сиэрин-туомун, манна аналлаах электроннай бибилэтиэкэҕэ киирбит уус-уран айымньылары бибилэтиэкэ сайтыттан билистилэр. Бултка сыһыаннаах кинигэ быыстапкатын кыраайы үөрэтэр отдел бибилэтиэкэрэ Лонгинова В.П. интэриэһинэйдик сырдатта. Дьаһалы иилээн-саҕалаан ыытта Платонова В.А.

Убаастабыллаах улууспут олохтоохторо, Байанай ыйыгар аналлаах быыстапка уонна фотозона ый бүтүөр диэри үлэлиир. Кэлиҥ, сылдьыҥ, кэрэхсээн.

Добавить комментарий