Бахсы нэһилиэгэ сэрии сылларыгар

Бахсы  нэһилиэгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин  сылларыгар 

Бахсы нэһилиэгиттэн сэриигэ уопсайа 94 киһи  ыҥырыллан  барбыта, ол иһигэр  үлэ фронугар 11 киһи сылдьыбыта. Армияҕа ыҥырыллыбыттартан  47 киһи  сэрии хонуутугар охтубута.

                   Ытык Бахсы / [хомуйан оҥордулар : Барашков Д.Ф., Егоров Т.Т., Протодьяконова Е.Н уод.а.] — Дьокуускай : Сайдам, 2020.

  1. Аммосов Степан Николаевич —1921с.т. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Бааһырыытынан Кострома куорат 1900№-дээх ЭГ эмтэммитэ. Онио 1943с. кулун тутар 4 күнүгэр Кострома куоракка көмүллүбүтэ.
  2. Барашков Александр Николаевич —1913с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. сэтинньи 17 күнүгэр Брянскай куорат анныгар сэриигэ өлбүтэ.
  3. Барашков Афанасий Афанасьевич —1916с.т. 1942с. кулун тутар 16 күнүгэр барбыта. 1942с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  4. Барашков Афанасии Денисович —1909с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 8-с кавалерийскай полкаҕа кыттан Москва иһин сэриилэспитэ. 1941с. балаҕан ыйыгар өлөн Московскай уобалас Тубит дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ.
  5. Барашков Дмитрий Петрович —1904с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. Бэс ыйыгар барбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн Сталинград сэриитигэр кыттыбыта. 1942с. алтынньыга бааһыран 1303№-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1943с. ыам ыйын 30 күнүгэр өлөн Саратов куоракка көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх».
  6. Барашков Ефим Яковлевич —1911 с.т. «Коминтерн» колхоз. 24776-с поле­вой почтаҕа тубэһэн сэриилэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 17 кунугэр Смоленскай уобалас Духовщинскай оройуон Жуково дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
  7. Барашков Захар Спиридонович —1912с.т. 1941с. от ыйын 30 кунугэр Дьокуускайга наркомземҥа үлэлии олорон ыҥырыллыбыта. 03210-с полевой почтаҕа  политрук быһыытынан кыттыбыта. 1944с. сэтинньигэ Венгрияттан бутэһик суруга кэлбитэ.
  8. Барашков Тихон Иванович —1920с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1942с. от ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  9. Барашков Федор Павлович —1905с.т. «Киров» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн Сталинград сэриитигэр киирсибитэ. 1942с. алтынньыга Сталинград сэриитигэр бааһырбыта. 1942с. сэтинньи 25 күнүгэр Саратов куоракка өлбүтэ.
  10. Егоров Алексей Константинович —1918с.т. Учуутал. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 12-с гвардейскай стрелковай корпуска түбэспитэ. 1943с. олунньу 25-28 күннэригэр сэрии хонуутугар өлөн Старорусскай оройуон Взвад дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ. Ильмень күөл сэриитин кыттыылааҕа.
  11. Егоров Фома Николаевич —1900с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 41-с СП түбэспитэ. 1945с. тохсунньу 31 күнүгэр Венгрияҕа Ловаш-Берень село иһин сэриигэ өлбүтэ.
  1. Ефимов Максим Тихонович —1908с.т. Партия чилиэиэ. Алдан көмүһүн хостоспута. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр тылланан барбыта. Москва куорат иһин кыргыһыыга 1941с. ахсынньы 27 күнүгэр өлбүтэ.
  2. Местников Егор Егорович —1900с.т. «Коминтерн» колхоз. 1942с. бэс ый­ыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  3. Местников Иван Кузьмич —1912с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. ахсынньыга сэриигэ өлбүтэ.
  4. Местников Иннокентий Петрович —1909с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1941с. Калининскай фроҥҥа түбэһэн сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  5. Местников Николай Гаврильевич I —1902с.т. «Островскай» колхоз. 1941с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1943с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  6. Местников Николай Гаврильевич II —1921с.т. ЧПУ студена. 1942с. олун­ньу 8 күнүгэр бааһырыытыттан Сталинградскай уобалас Ленинск куорак­ка өлбүтэ.
  7. Местников Николай Лукич II —1917с.т. комсомоллаах. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сапер быһыытынан сэриилэһэ сылдьан 1942с. олунньуга өлбүтэ.
  8. Местников Семен Иванович —1910с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  9. Мохначевскай Егор Васильевич —1941с. барбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  10. Ноговицын Ефрем Матвеевич —1911с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1943с. олунньуга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  11. Ноговицын Прокопий Михайлович —1912с.т. 1943с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  12. Ноговицын Филипп Федорович —1900с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  13. Окоемов Иван Капитонович —1923с.т. «Киров» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сталинград сэриитигэр кыттыбыта. 2-тэ бааһырбыта. Костро­ма куоракка эмтэнэ сытан 1943с. бэс ыйын 6 күнүгэр өлбүтэ.
  14. Окоемов Иннокентий Капитонович —1921с.т. «Киров» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар бааһырыытынан госпитальга сытан өлбүтэ.
  15. Окоемов Хрисанф Михайлович —1906с.т. 1941с. балаган ыйын 7 кунугэр барбыта. Белов генерал кавалерийскай чааһыгар кыттыбыта. 1942с. ахсын­ньыга Старай Русса куорат анныгар сэриилэһэ сыдьан өлбүтэ.
  16. Оконешников Семен Иванович —1922с.т. Учуутал 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Младшай сержант 78-с УМЫ тубэспитэ. Ыалдьан 2860-ЭГ эмтэммитэ. Горьковскай уобалас Дзержинскай  оройуон Горбатовка дэриэбинэҕэ 1943с. от ыйын 2 күнүгэр өлбүтэ.
  17. Пестряков Василий Данилович —1915с.т. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 44-с СД 305-с СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 10 күнүгэр Ленинградскай уобалас Киршинскай оройуон Болото Велия күөл сэриити­гэр өлбүтэ.
  1. Пестряков Никифор Михайлович —1917с.т. «Коминтерн» колхоз. Комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Младшай лейтенант. 537-с СП кыттыбы­та. 1943с. тохсунньу 19 күнүгэр Украинаҕа Ворошиловградскай уобалас Новопсково дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  2. Пестряков Федот Дмитриевич —1908с.т. 1942с. от ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 158-с СД 875-с СП кыттан сэриилэспитэ. 1942с. Сэтинньи 27 күнүгэр Калининскай уобалас Молодотурскай оройуон Ажево дэриэби­нэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  3. Пестряков Филипп Иванович —1923с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  4. Попов Иван Андреевич —1917с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. Атырдьах ыйын 21 күнүгэр барбыта. Украинаҕа Днепропетровский уобалас Мартевка селоҕа буолбут сэриигэ киирсэ сылдьан 1944с. от ыйыгар өлбүтэ.
  5. Попов Иван Степанович —1912с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбы­та. 1943с. муус устарга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  6. Попов Николай Петрович —1910с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. Бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 1942с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр госпитальга сытан өлбүтэ.
  7. Решетников Моисей Тимофеевич —1904с.т. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр барбыта. 1941с. ахсынньыга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  8. Решетников Хрисанф Иванович —191 Ос.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1942с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  9. Саввин Иннокентий Дмитриевич —1918с.т. «Киров» колхоз. 1943с. атыр­дьах ыйын 16 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  10. Сивцев Яков Петрович —1907с.т. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. 1034-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. атырдьах ыйыгар Хайляр куорат иһин кыргыһыыга өлбүтэ.
  11. Слепцов Авсентий Гаврильсвич —1913с.т. ЯНВШ үөрэхтээх. 1941с. атыр­дьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1945с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  12. Слепцов Дмитрий Петрович —1987с.т. «Коминтерн» колхоз. Иван Дмитрьевич аҕата. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 252-е СД 932-с  СП түбэһэн Сталинград иһин сэриигэ 1942с. алтынньы 23 күнүгэр өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
  13. Слепцов Иван Дмитриевич —1919с.т. Дмитрий төрөппүт уола. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр райпо агенынан үлэлии сылдьан барбыта. 21 -с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэспитэ. Кэлин 91-с батальоҥҥа кыттан сэриилэспитэ. 1943с. от ыйын 7 күнүгэр ыалдьан 3787-ЭГ эмтэнэ сытан өлбүтэ. Молотов куоракка көмүллүбүтэ.
  14. Слепцов Михаил Игнатьевич —1904с.т. Сельпоҕа үлэлии сылдьан 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 49-е СД 222-е СП түбэспитэ. 1942с. ахсынньыга Сталинградскай уобалас Балка-Антонова селоҕа өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.
  15. Сыромятников Дмитрий Петрович —1910с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 252-е СД 932- СП түбэспитэ. 1942с. алтынньыга Сталинградскай уобалас Кузьмичи селоҕа өлбүтэ. «Сталинград обороната мэтээллээх.
  16. Титов Софрон Константинович —1913с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1943с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  17. Шеломов Григорий Алексеевич —1902с.т. «Коминтерн» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 1941с. сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  18. Шеломов Николай Алексеевич —1904с.т. «Коминтерн» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. сэтинньи 24 күнүгэр Сталинградскай уобалас Го­родницкий оройуон Кульстан хутор иһин сэриигэ өлбүтэ.
  19. Шеломов Роман Иванович —1903с.т. «Коминтерн» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. атырдьах ыйыгар сэрии хонууту­гар өлбүтэ.
  1. Аммосов Никита Николаевич —1922с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр бар­быта. 80-е СП түбэспитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1983с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  2. Барашков Иннокентий Прокопьевич —1909с.т. «Островская» колхоз. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 226-е СД 989-е СП түбэспитэ. 1945с. муус устарга ыараханнык бааһырбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1961с. өлбүтэ.
  3. Барашков Николай Григорьевич —1902с.т. Дьокуускайтан 1942с. ыҥырыллыбыта. Военнай трибунал чилиэнинэн сулууспалаабыта. Юсти­ция старшай лейтенана. Дьокуускайга эргиллэн кэлэн юстиция отделыгар үлэлээбитэ. Онно олорон 1986с. өлбүтэ.
  4. Барашков Порфирий Максимович —1921с.т. «Киров» колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр барбыта. 57-е СД 80-е мотострелковай полкаҕа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1997с. Дьоку­ускайга олорон өлбүтэ.
  5. Барашков Прокопий Павлович —Бахсыттан барбыт гынан баран, кэнники дьылҕатын кыайан быһаарбатыбыт.
  6. Барашков Прокопий Спиридонович —1902с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 252-е СД 932-СП түбэспитэ. 1944с. тохсунньу 21 күнүгэр кэлбитэ. 1989с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Сталин­град обороната» мэтээллээх.
  7. Барашков Степан Иванович —1907с.т. «Киров» колхоз. Партия чилиэнэ. МТС комбайнера. 1944с. инбэлиит буолан эргиллэн иһэн аара суолга өлбүтэ.
  8. Верховцев Василий Васильевич —1927с.т. «Островскай» колхоз. 1945с. От ыйын 1-гы күнүгэр барбыта. 7-с туспа рабочай батальоҥҥа кыттан Япония сэриитигэр түбэспитэ. 1947с. эргиллибитэ. 2008с. өлбүтэ.
  9. Копырин Григории Григорьевич —1927с.т. «Островскай» колхоз. 1945с. от ыйын 1-гы күнүгэр барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1950 с. эр­гиллибитэ. 2000с. өлбүтэ.
  10. Лыткин Константин Кирикович —1927с.т. 1945с. от ыйын 1-гы күнүгэр барбыта. 368-с саппаас чааска кыттан Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1951с. алтынньыга эргиллибитэ. Кэлин өлбүтэ.
  11. Местников Василий Денисович —1905с.т. «Островскай» колхоз. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 885-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кытты­быта. 1945с. балаҕан ыйыгар эргиллибитэ. 1977с. өлбүтэ.
  12. Местников Моисей Лукич —1904с.т. «Островскай» колхоз. 368-е СП кыт­тыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1993с. өлбүтэ.
  1. Местников Николай Лукич I —1894с.т. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1948с. өлбүтэ.
  2. Местников Семен Николаевич —1898с.т. «Островскай» колхоз. 1943с. Бэс ыйыгар барбыта. 892-е СП түбэспитэ. Япония сэриитигэр кыттан 1946с. эр­гиллибитэ. 1970с. өлбүтэ.
  3. Ноговицын Сергей Константинович —1911с.т. «Островскай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 9-е кавалерийскай дивизияҕа 186-е кавалерийскай полкаҕа түбэспитэ. 1941с. ахсынньыга бааһырбыта. 1942с. алтынньыга кэлбитэ. 1987с. өлбүтэ.
  4. Петров Дмитрий Максимович —1903с 1944с. ыҥырыллыбыта. Япония сэ­риитигэр кыттыбыта. 1946с. кэлбитэ. Дьокуускайга олорон 1990с. өлбүтэ.
  5. Петров Иван Андреевич —1922с.т. Комсомоллаах. 1943с. атырдьах ыйы­гар барбыта. 51-е, 64-е пограничнай этэрээккэ түбэспитэ. 1948с. ахсынньы­га эргиллибитэ. 1994с. Муомаҕа олорон өлбүтэ.
  6. Попов Егор Андреевич —1918с.т. комсомоллаах. 1942с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Старшай сержант. 181-е СД 288-с гвардейскай минометнай полкаҕа түбэспитэ. 1946с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах, «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.
  7. Попов Степан Степанович —1925с.т. 1943с. барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1997с. өлбүтэ.
  8. Решетников Василий Прокопьевич —1923с.т. 1943с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр барбыта. 247-с СД 909-с СП түбэспитэ. Младшай лейтенант. Ротаны хамаандалаабыта. 1944с. инбэлиит буолан кэлбитэ. 1995с. өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ, Үлэ кыһыл Знамята орденнаах.
  9. Решетников Михаил Петрович —1921с.т. 1942с. барбыта. 1946с. кэлбитэ. 1979с. өлбүтэ.
  10. Решетников Никифор Тимофеевич —1919с.т. «Коминтерн» колхоз. 1942с бэс ыйыгар барбыта. 1055-е СП кыттыбыта. 1945с. алтынньыга эргиллиби­тэ. 1985с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Венаны ылыы иһин» мэтээллээх.
  11. Слепцов Андриан Семенович —1916с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. Младшай лейтенант. 210-е СД 563-е СП кытты­быта. 1946с. атырдьах ыйыгар кэлбитэ. 1993с. өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитин II степенэ орденнаах, «Венаны ылыы иһин», «Праганы босхолооһун иһин» мэтээллэрдээх.
  12. Слепцов Василий Михайлович —1925с.т. 1943с. ыам ыйыгар ыҥырыллыбыта. Сэрииттэн 1949с. кэлбитэ. 1992с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  13. Слепцов Иннокентий Алексеевич —1925с.т. 1945с. ыам ыйыгар Дьокуускайтан ыҥырыллыбыта. 95-е СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1950с. эргиллибитэ
  14. Слепцов Константин Николаевич —1917с.т. Кыһыл Армия кэккэтигэр эрдэттэн сулууспалаабыт. Тамбов куораттан Финляндия сэриитигэр тиийэн баран Тамбовка эргиллибит. 1947с. эргиллибитэ. 1974с. Үөһээ Бүлүүгэ өлбүтэ.
  15. Слепцов Михаил Дмитрьевич-1899с.т. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 875-е СП саперынан сылдьыбыта. 2-тэ бааһырбыта. 167-ЭГ эмтэммитэ. 1944с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. 1965с. өлбүтэ.
  16. Слепцов Михаил Иванович —1941с. ыҥырыллыбыта. Доруобуйатынан Иркутскайтан төннөн кэлбитэ. Сотору дойдутугар олорон өлбүтэ.
  17. Слепцов Николай Дмитрьевич (Туобулаахап) —1918с.т. 1941с. бэс ыйын  26 күнүгэр Дьокуускайтан барбыта. Лейтенант. 1154, 1212 СП түбэспитэ. 1945с. эргиллибитэ. 1964с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах.
  18. Слепцов Филипп Филиппович — 1921с.т., 1943с. ыам ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 395-с СП тубэһэн сэриигэ бааһырбыта. 1944с. бэс ыйыгар кэлбитэ. Хаайыыга өлбүтэ.
  19. Турантаев Андрей Егорович —1915с.т. комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 395-с СП түбэспитэ. 3-тэ бааһырбыта. 2663-ЭГ эмтэммитэ. Бааһырыытынан 1944с. от ыйыгар эргиллибитэ. 2005с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.
  20. Турантаев Гаврил Егорович —1926с.т. «Коминтерн» колхоз. 1945с. от ыйын 1-ы күнүгэр барбыта. 431-с ОВП-га пулеметчик. 1950 с. эргиллибитэ.
  21. Турантаев Григорий Егорович —1907с.т. 1943с. бэс ыйыгар Алаҕар сэбиэтин председателинэн олорон барбыта. 278-с СД 885-с СП түбэспитэ. Япо­ния сэриитигэр кыттыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1988с. өлбүтэ.
  22. Турантаев Лаврентий Егорович —1921с.т. «Коминтерн» колхоз. Ком­сомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 289-с СД 131-с СП түбэспитэ. Бааһырбыта. 1944с. эргиллибитэ. 2003с. өлбүтэ.
  23. Шеломов Матвей Семенович —1918с.т. «Коминтерн» колхоз. 1942с. Бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 208-с СП түбэспитэ. 1946с. бааһырыытынан эр­гиллибитэ. 1975с. өлбүтэ. Албан Аат III-с степенэ орденнаах.
  24. Шеломов Николай Семенович —1922с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта.1943с. эргиллэн Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайыга олорон өлбүтэ.
  1. Барашков Семен Иванович —1920с.т. «Киров колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1954с. өлбүтэ.
  2. Егоров Егор Фомич —1927с.т. «Островскай» колхоз. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. 1952с. эргиллибитэ. 1998с. өлбүтэ.
  3. Егоров Яков Николаевич —1917с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 2001с. өлбүтэ.
  4. Коркин Петр Николаевич —1918с.т. «Островскай» колхоз. 1942с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1974с. өлбүтэ.
  5. Копырин Николай Григорьевич —1924с.т. «Островскай» колхоз. 1943с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 2006с. өлбүтэ.
  6. Лыткин Михаил Кирикович —1923с.т. «Островскай» колхоз. 1943с. Бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1964с. өлбүтэ.
  7. Местников Егор Федотович —1913с.т. «Островскай» колхоз. 1943с. Бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ, 1977с. өлбүтэ.
  8. Скрябин Иван Ильич— «Островскай» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1978с. өлбүтэ.
  9. Попов Афанасий Иванович —1907с.т. «Островскай» колхоз 1943с. бар­быта. 1944с. кэлбитэ. 1984с. өлбүтэ. (Бу сэриигэ кытта сылдьыбыт киһи быһылаах. 3 төгүл бааһырда диэн суруллубута баар).
  10. Шеломов Павел Никитич —1919с.т. «Коминтерн» колхоз. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1989с. өлбүтэ. (Алдан көмүһүн хостооһуҥҥа кьтттыбыта).
  11. Ноговицын Александр Михайлович —сэриигэ ыҥырыллан барбыта уонна хайдах дьылҕаламмыта чуолкайдаммата.

Павлов Иван Михайлович. Ааттара үйэлэргэ умнуллубат: (“Чурапчы буойун уолаттара” кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И.М.Павлов; [эрэдээктэр И.П.Пономарев]. – Дьокуускай : СМИК- мастер, 2010. – 232стр. 39-47стр.

 Аҕа дойду сэриитин I-кы, II –c степенэ  орденнаахтар

Решетников Василий Прокопьевич

Младшай  лейтенант, Бахсы нэһилиэгэ (1923-1995). Партия чилиэнэ.1942 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Арҕааҥҥы фроҥҥа 20-с армия 247-с с.д. 909-с с.п. взвод командирынан сэриигэ кыттыбыта. Батальон  комсорунан  сэриилэһэ  сылдьан,  Спасс-Демьянскай  туһаайыыга бааһырбыта, контузияламмыта.  Бу ыарахан бааһырыыттан  1944 сыл саҕаланыыта демобилизацияламмыта.Сэрии  кэнниттэн  комсомольскай,  советскай-партийнай  үлэһит.  Комсомол уонна партия Үрдүкү  оскуолаларын  бүтэрбитэ. Бойобуой уонна таһаарыылаах үлэлэрин иһин, Василий Прокопьевич Аҕа дойду сэриитин II-с степенэ, Үлэ Кыһыл Знамята орденнарынан наҕараадаламмыта, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.Оройуоннарга  райком  секретарынан,  Дьокуускайга  араас  тэрилтэлэргэ үлэлээбитэ.Дьокуускай куоракка олорон,  1995 с. өлбүтэ.

Слепцов Андриан Семенович

Младшай лейтенант, Бахсы нэһилиэгэ (1916-1993). Партия чилиэнэ.1941 с. Кыһыл  Армияҕа  ыҥырыллыбыта.  Бу  сыл  младшай  лейтенаннар  курстарын  бүтэрбитэ.  Уоттаах сэриигэ 210-с  с.д.  563-с  артиллерийскай  полкатын састаабыгар  сылдьан  кыттыбыта.  1943  с.  Курскайдааҕы  Тоҕойго  айаннаан  иһэр эшелоннара  өстөөх  бомбалааһыныгар  түбэспитэ.  Андриан  Семенович  атаҕар бааһыран, госпитальга атаарыллыбыта.1943 с. Карповскайдааҕы (Горькай куорат) байыаннай-политическай училищеҕа  үөрэнэ барар.1944 с. бүтүүтэ младшай лейтенант Слепцов 2-с Украинскай фронт 6-с танковай армиятын  301-с  артиллерийскай  полкатыгар  кыттан  сэриилэспитэ.  Будапешт, Вена  куораттары  босхолооһуҥҥа,  аатырбыт  Балатон  күөллээҕи  операцияҕа артиллерийскай дивизион парторунан сулууспалаабыта.Кыайыы күнүн Чехословакияҕа — Прага куоракка көрсүбүтэ.Немецкэй-фашистскай сэриилэри үлтүрүтүһэн баран, аны империалистическай Япония сэриитин  утары сэриигэ кыттыбыта.1945  с.  Аҕа  дойду  сэриитин II-с  степенэ  орденынан  наҕараадаламмыта. Наҕараадалыыр  лиискэ  суруллубут:  «…сэрии  бара  турдаҕына,  саллааттарга  өй- санаа уган,  күүс-күүдэх  биэрэрэ.  Коммунистары  көҕүлээн  туруоруллубут  сыалы толоттороро…»Сэрии кэнниттэн П. А. Ойуунускай аатынан Саха театрыгар өр кэмҥэ артыыһынан үлэлээбитэ. Саха АССР үтүөлээх артыыһа бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.

Кыһыл Сулус орденнаахтар

Попов Егор Андреевич

Старшай сержант. Бахсы нэһилиэгэ (1918-1988 се.). Комсомоллаах.1942 с. атырдьах ыйын 21 күнүгэр, райфиҥҥа агенынан үлэлии сылдьан, Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта.52-с,  61-с  минометнай  полкаларга,  181-с  с.д.  288-с  гв.  с.п.  уонна  600-с  с.п. сулууспалаабыта. Днепр, Припят, Буг, Висла өрүстэри сэриинэн туораабыта. Минометнай расчет командира. Маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретара. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медалынан наҕараадаламмыта.Кыһыл  Сулус  орденынан  наҕараадаланарыгар  маннык  суруллубут:  «…181-с Сталинградтааҕы с.п. 288-с Сталинградтааҕы с.п. 3-с батальонун 82 мм миномет наводчига, сержант Попов Е.А.  Одерскай плацдармца, Одер хаҥас эҥэригэр Мальч миэстэ иһин сэриилэргэ, хорсун сэрииһитин көрдөрбүтэ. Бреслау куорат иһин 1945 с.  олунньу  6  күнүттэн  23  күнүгэр  диэри  быһаарсыылаах  сэриигэ  тулуурдааҕын көрдөрбүтэ. Минометунан сыаллары таба ытыалаан, өстөөххө хоромньу бөҕөнү оҥордо. Минометнай расчеттан иитээччи бааһыран, стройтан туораабытыгар, икки үлэни толорбута. т. Попов бэйэтин расчетунуун өстөөх  15 киһитин өлөрдүлэр,  2 пулеметнай точканы  суох  оҥордулур.  Өстөөх  ытыалыы  сытар  минометнай  батареяларын таба  көрөн үлтү ытыалаатылар.Бойобуой сорудах чиэстээхтик толорулунна».(288-с с.п. командирын наҕараадаҕа түһэрии суругуттан 25.03.1945 с.).Е.А. Попов дойдутугар  1946 с. ыам ыйыгар эргиллэн кэлбитэ. Үгүс эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта. Кини — оройуон бочуоттаах гражданина.Чурапчыга олорон,  1988 с. өлбүтэ.

Слепцов Николай Дмитриевич (Туобулаахап)

Лейтенант, Бахсы нэһилиэгэ (1912-1964 сс.). Партия чилиэнэ.1936 с.  Москватааҕы Луначарскай аатынан театральнай институту бүтэрбитэ. П.А.  Ойуунускай  аатынан  Саха  музыкальнай-драматическай  театрын  артыыһа. ССРС Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ. 1940 с. М. Горькай аатынан литературнай институтка үөрэммитэ.Кыһыл  Армия  кэккэтигэр  1941  с.  от  ыйыгар  ыҥырыллыбыта.  Ити  сыл алтынньыга  Сретенскэйдээҕи  байыаннай-пехотнай  училищеҕа  үөрэнэ  барбыта. 1942 с. ыам ыйыгар 91-с саппаас с.п. сулууспалаабыта.  1943  с. бүтүүтэ, лейтенант Слепцов инники кирбиигэ тиийбитэ.1154-с  онтон  1212-с  с.п.  кыттан,  өстөөҕү  утары  сэриилэспитэ.  Бастакы сүрэхтэниитин взвод командирынан,  1944 с. тохсунньу 25 күнүгэр ылбыта.Салгыы  1945  с.  Илиҥҥи  Пруссия  устун  сэриилэспитэ.  Данциг  куорат  иһин кыргыһыыга  чэпчэкитик  бааһырбыта.  Санчааска  эмтэнэн,  үтүөрээт,  бэйэтин  чааһыгар — 1212-с с.п. төннүбүтэ.Сэрии бүтүүтэ, Берлин куораттан 100 километрдаах сиргэ баара.1945 с. бүтүүтүгэр демобилизацияламмыта. Дьокуускайга Саха театрыгар артыыстаабыта.1962 с. Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ бочуоттаах аата иҥэриллибитэ.Николай Дмитриевич Слепцов-Туобулаахап  1964 с. Дьокуускайга ыарахан ыарыыттан өлбүтэ. Аҕа дойду сэриитигэр хорсун быһыыны көрдөрөн, Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта.

Албан Аат орденнаахтар

Шеломов Матвей Семенович

Бахсы нэһилиэгэ (1918-1975 сс.). Дойдутуттан, «Коминтерн» колхозка үлэлии сылдьан, 1942 с. бэс ыйыгар Ийэ дойдутун көмүскэлигэр аттаммыта.Сэрии маҥнайгы эшелонугар 208-с с.п. түбэһэн, уоттаах сэриигэ киирбитэ. 1943 с. Харьков куораты босхолуур сэриигэ кыттыбыта.Сэрии хонуутутар ыараханнык бааһырбыта. Иваны бииргэ сулууспалыыр табаарыстара сүтэрэн кэбиһэн өлбүт диэн санаан, дьонноругар «хара суругу» ыыта сылдьыбыттара.Матвей Семенович бааһырыытынан сибээстээн дойдутугар 1946 с. төннүбүтэ. Дойдутугар, нэһилиэгэр олорон 1975 с. өлбүтэ. М.С. Шеломов  Албан Аат III-с степенэ орден кавалера.

Бойобуой мэтээллээхтэр 

Аммосов Никита Николаевич

1922 с. т. Ярославский аатынан колхоз чилиэнэ. 24.06.1943 с. ьҥырыллыбыта. 80-с СП кыттан сэриигэ киирбитэ. Кэлин 28401 -с аэродромнай сулууспаҕа тутааччылар роталарыгар сылдьыбыта. 12.1946 с. дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Чурапчыга райтопка, МТС-ка үлэлээн баран дойдутугар тахсан колхоһугар трактористаабыта. 1988 с. өлбүтэ.»Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

Барашков Захар Спиридонович

1912 с.т. Островскай аатынан колхоз. Республикатааҕы наркомземҥа үлэлии олорон 30.07.1941 с. ыҥырыллыбыта. 03210 №-дээх полевой почта аадырыстаах чааска кыттан политүлэһит быһыытынан сэриигэ киирбитэ. Дьонноругар тиһэх суругун 06.11,1944 с. Венгрияттан суруйбута. Ол иннинэ 09.1942 с. «Сураҕа суох сүттэ» диэн биллэрии кэлэ сылдьыбыта. Арааһа ити кэмнэргэ ыараханнык бааһырбыта буолуо. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

Барашков Дмитрий Петрович

1904 с.т. Островскай аатынан колхоз чилиэнэ. 20.06.1942 с. ыҥырыллыбыта. 62-с армия 252-с СД 932- с СП кыттан Сталинград иһин сэриигэ киирсибитэ.03.10.42 с. бааһыран 1303№-дээх ЭГ эмтэммитэ. Бааһырыытынан Саратов куоракка 30.05.43 с. өлбүтэ. Воскресенскай кладбищеҕа көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Барашков Прокопий Спиридонович

1902 с.т. Островскай аатынан колхоз чилиэнэ. 20.06.1942 с. ыҥырыллыбыта. 62-с армия 252-с СД 932-с СП киирсэн Сталинград иһин сэриилэһиигэр кыттыбыта. 09.04.1942 с. бааһырбыта. 20.01.1948 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. Колхозка хонуу үлэтигэр үлэлээбитэ. Кыһынын кадровай булчут буолбута. 1989 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Сталинград обороната» мэтээллэрдээх.

Ноговицын Сергей Константинович

1911 с. т. «Островскай» колхоз чилиэнэ. 15.08.1941 с. ыҥырыллыбыта. Генерал Доватор армиятыгар 8-с кавалерийскай корпус 9-с кавдивизия 136-с кавполкатын кэккэтигэр сэриилэспитэ. Москва к. көмүскэлин иһин сэриигэ киирсибитэ. 1941 с. кыһын Тула-Серпухов куораттар туһаайыыларынан сэриилэспитэ. Сталиногорскай  туһаайыытынан сылдьан 19.12.1941 с. бааһырбыта. 1241 №-дээх ЭГ эмтэммитэ. 24.10.1942 С. инбэлиит буолан эргиллибитэ. Колхоһугар биригэдьииринэн, бырабылыанньа председателинэн кэлин продавеһынан үлэлээбитэ. 1984 с. өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Москва обороната» мэтээллэрдээх.

Слепцов Дмитрий Петрович

1897 с.т. «Коминтерн» колхоз чилиэнэ. 20. 06. 1942 с. ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП кыттан Сталинград к. көмүскэлигэр сэриигэ киирсибитэ. Кыырыктаах сэриигэ сылдьан 23.10.1942 с. өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх. Төрөппүт уола Иван Дмитриевич аҕатын кытта биир күн ыҥырыллыбыта уонна 07.07.1943 с. сэллик ыарыыттан өлөн Молотов (Пермь) к. кырдьаҕас кладбищетыгар көмүллүбүтэ. Ол курдук аҕалаах уол иккиэн дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.

Слепцов Василий Михайлович

1925 с.т. «Коминтерн» колхоз чилиэнэ. 08.1943 с. ыҥырыллыбыта. Сэриигэ кыттыыта биллибэтэ. 1949 с. эргиллибитэ. Дойдутугар олоро түһээт Дьокуускай к. киирэн  үлэлээбитэ. 1992 с. ахсынньыга өлбүтэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

Слепцов Михаил Игнатьевич

1904 с.т. «Коминтерн» колхоз чилиэнэ. Сельпоҕа үлэлии олорон 20.06.42 с. ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн Сталинград к. иһин кырыктаах кыргыһыыга 1942 с. ахсынньыга өлбүтэ. Сталинградскай оройуон Балка-Антонова дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.

Турантаев Лаврентий Егорович

1921 с. т. «Коминтерн» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ыҥырыллыбыта. 289-ст. 131-с полкаҕа кыттан сэриилэспитэ. 10.10.42 с., 30.08.43 с., 14.01.1944 с. бааһырбыта. 2663 №-дээх ЭГ эмтэммитэ. 07.1944 с. инбэлиит буолан эргиллибитэ. «Кенигсбери ылыы иһин» мэтээллээх. 2003с. ыалдьан өлбүтэ.

Турантаев Андрей Георгиевич

1915 с.т. Комсомоллаах. 06.1942 с. ыҥырыллыбыта. 395-с СП кыттан Сталинградскай фроҥҥа сэриигэ киирбитэ. Кэлин 855-с минометнай полкаҕа киирсибитэ. 10.10.1942 с., 30.07.1943 с. уонна 14.01.1944 с. бааһырбыта. 2663 №-дээх ЭГ эмтэммитэ. 1944 с. от ыйыгар бааһырыытынан эргиллибитэ. Кэлин бэйэтин оройуонугар кэлэн «Социализм суола», «Саҥа олох» хаһыакка үлэлээбитэ. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

Барашков Федор Павлович

1905 с.т. Киров аатынан колхоз чилиэнэ. 20.06.42с. ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП кыттан Сталинград куораты көмүскэспитэ. 10.42 с. бааһырбыта. 1683 №-дээх ЭГ эмтэммитэ. Саратов куоракка. 25.11.1942с. бааһырыытынан сибээстээн өлбүтэ. Саратов к. кладбищетыгар көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Местников Семен Николаевич

1900 с. т. Островскай аатынан колхоз чилиэнэ. 20.06.1942 Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП кыттан Сталинград к. иһин сэриигэ киирсибитэ. 1942 с. күһүн бааһырбыта. 1943 с. саҕаланыыта иккистээн бааһырбыта. Икки сыл аҕыс ый фронт инники кирбиитигэр сылдьыбыта. Кэлин үһүстээн бааһырбыта. 1946 с. дойдутугар эргиллибитэ. Сэриигэ ылбыт баастарын дьайыытыттан 1947 с. өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Окоемов Иван Капитонович

1921 с.т. «Киров» колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП киирсэн Сталинград к. көмүскэспитэ. Бааһырбыта. Үтүөрэн баран салгыы сэриилэһэ сылдьан иккистээн бааһырбыта. 04.06.1943 с. Кострома к. сэлликтэн өлбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Оконешников Иннокентий Семенович

1912 с.т. Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 07.09.41 с. Таатта оройуонуттан ыҥырыллыбыта. 40-с СП кыттан сэриигэ киирсибитэ. 1943 с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар охтубута. «Хорсунун иһин» мэтээллээх.

Решетников Никифор Тимофеевич

1912 с.т. «Коминтерн» колхоз чилиэнэ. 20.06.1942 с. ыҥырыллыбыта. 20-с, 1055-с СП, 10-с гв. танковай биригээдэҕэ киирсэн сэриигэ кыттыбыта. 5 төгүл бааһырбыта. Австрияны босхолоспута. 10.1945 с. эргиллибитэ. Дьокуускай к. олохсуйбута. 1985 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Венаны ылыы иһин» мэтээллэрдээх.

Сыромятников Дмитрий Петрович

1910 с. т. Островскай аатынан колхоз чилиэнэ. 20.06.42 с. ыҥырыллыбыта. 252-с СД 932-с СП кыттан Сталинград к. көмүскэспитэ. Воинскай чааһын аадырыһа 815 №-дээх п/п воинскай чааһа-120. 10.1942 с. уот сэриигэ сылдьан өлбүтэ. Кузьмичи селоҕа Балка-Грачевая диэн сиргэ көмүллүбүтэ. «Сталинград обороната» мэтээллээх.

Албан ааттара өлбөөдүйбэт / Иван Михайлович Павлов. – Чурапчы : «Саҥа олох», 2016. – 295с. – 110-113стр.

Бахсы  нэһилиэгин  Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара

Сэрии уонна  тыыл бэтэрээннэрэ

Туһаныллыбыт литература

1. Павлов, Иван Михайлович.
Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.

2. Павлов, Иван Михайлович.
Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.

3. Ытык Бахсы / [хомуйан оҥордулар : Барашков Д.Ф., Егоров Т.Т., Протодьяконова Е.Н уод.а.] — Дьокуускай : Сайдам, 2020.- 732 с. илл.