Алаҕар нэһилиэгэ

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии толоонугар олохторун толук уурбут буойуннарга өйдөбүнньүк

Тутуллубут сыла: 2000, автор: В.М.Тимофеев

Алаҕар нэһилиэгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин  сылларыгар

Алаҕар нэһилиэгиттэн фроҥҥа 132 киһи уоттаах сэриигэ уонна үлэ фронугар ыҥырыллыбыттара, олор ортолоругар саха норуота киэн туттар хорсун буойуна, артиллерист Г. Д. Протодьяконов. Сэрииттэн дойдуларыгар  44 киһи эргиллэн кэлбиттэрэ, 60 тахса киһи Ийэ дойду иһин олохторун толук уурбуттара. Үлэ фронугар 22  киһи барбыта, онтон 2 киһи эргиллибэтэхтэрэ.

Сэрииттэн  эргиллибэтэхтэрэ:

  1. Баишев Мирон Никифорович – 1917 с.т. “Жданов” колхоз. 1943с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. сэрии толоонугар сылдьан өлбүтэ.
  2. Баишев Пантелеймон Иванович – 1912с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  3. Барашков Петр Николаевич – 1906с.т. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. сэтинньигэ сэрии толоонугар сылдьан өлбүтэ.
  4. Барашков Савва Федотович – 1920с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. муус устар 8 күнүгэр Калинискай уобалас Бежецк куорат иһин сэриигэ бааһырыыттан өлбүтэ.
  5. Барашков Тихон Афанасьевич – 1920с.т. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. бэс ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  6. Березкин Ион Петрович – 1900с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэриилэһэ сылдьан Сталинградка өлбүтэ.
  7. Борисов Афанасий Федосеевич – 1909с.т. «1-й Маай» колхоз, 1942с. Бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 1942с. күһүн сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  8. Борисов Савва Федосеевич – 1920с.т. «1-й Маай» колхоз. 1942с. Бэс ыйыгар барбыта. 486с. воинскай чааска түбэспитэ. Калининскай уобалас Бежецк куорат иһин сэриигэ 1943с. муус устар 8 күнүгэр.
  9. Вардамов Трофим Егорович – 1917с.т. “Чаачыгый” колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сэрии хонуутугар сылдьан ыалдьан 3830-ЭГ эмтэммитэ. 1943с. от ыйын 11 күнүгэр өлөн Ивановскай уобалас Шуя куоракка көмүллүбүтэ.
  10. Григорьев Дмитрий Николаевич – 1921с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Москва анныгар 1941с. ахсынньыга өлбүтэ.
  11. Гурьев Алексей Авсентьевич – 1905с.т. “Чаачыгый” колхоз 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 246-с СД 915-СП түбэспитэ. 1943с. кулун тутар 4 күнүгэр Курскай уобалас Дмитриевскай оройуон Ивановскай бөһүлүөк иһин сэриигэ өлбүтэ.
  12. Данилов Константин Иванович – 1910с.т. 19425с. бэс ыйыгар  барбыта. 1942с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  13. Данилов Прокопий Прокопьевич – 1920с.т. “Чаачыгый” колохоз. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. бэс ыйын 20 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  14. Ефимов Василий Пахомович – 1920с.т. “Жданов” колохоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Гв. Младшай сержант. 7-с гв СД 25-гв. СП түбэспитэ. Калининскай уобалас Новосокольниковскай оройуон Черныцкино дэриэбинэ иһин сэриигэ 1944с. тохсунньу 31 күнүгэр өлбүтэ.
  15. Ефимов Прокопий Алексеевич – 1920с.т. “Жданов” колхоз, комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар өлбүтэ.
  16. Иванов Семен Семенович – 1903с.т. 1943с. атырдьах ыйын 30 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  17. Иванов Семен Сильвестрович – 1903с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1943с. сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  18. Иванов Серафим Софронович – “Чаачыгый”колхоз. 1942с. барбыта. 39369 полевой почтаҕа түбэспитэ. Сталинскай уобалас Славлинскай оройуон Багороднице дэриэбинэ иһин сэриигэ 1943с. атырдьах ыйын 3 күнүгэр өлбүтэ.
  19. Иванов Феодосий Дмитрьевич – 1909с.т. “Чаачыгый” колхоз. Мэҥэ-Хаҥалас киһитэ. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  20. Лыткин Гаврил Сидорович – 1915с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  21. Лыткин Иннокентий Миронович – 1919с.т. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  22. Лыткин Павел Иванович – 1912с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр сельпоҕа үлэлии олорон барбыта. 1028-с СП түбэһэн Москва анныгар сэриигэ киирсибитэ. Бааһырыытынан Свердловскай уобалас Серов куорат госпиталыгар өлбүтэ.
  23. Лыткин Федор Николаевич – 1921с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта, 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр түбэһэн сэриилэспитэ. 1943с. кулун тутар 4 күнүгэр Ильмень куөлгэ сэриигэ өлбүтэ.
  24. Максимов Василий Петрович – 1912с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 1942с. сэтинньигэ сэриигэ өлбүтэ.
  25. Местников Егор Егорович – 1900с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  26. Местников Николай Дмитрьевич – 1920с.т. 1942с бэс ыйыгар барбыта. 1943с. олунньу 18 күнүгэр бааһырыытыттан өлөн Ленинскэй куорат кылабыыһатыгар көмүллүбүтэ.
  27. Местников Прокопий Михайлович – 1918с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. муус устар ыйга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  28. Мохначевскай Василий Дмитрьевич – 1907с.т. “Чаачыгый” колхоз. Мэҥэ-Хаҥалас киһитэ. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 119-с гв СД 343-с гв СП түбэспитэ. 1943с. олунньу 8 күнүгэр Калининскай уобалас Невельскай оройуон Черенцово дэриэбинэ иһин сэриигэ өлбүтэ.
  29. Ноговицын Афанасий Николаевич – 1903с.т. «1-й Маай» колохоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  30. Ноговицын Дмитрий Дмитрьевич – 1914с.т. «Ворошилов» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 352-с СД 1158-с СП түбэспитэ. 1943с. олунньу 25 күнүгэр Смоленскай уобалас Гжатовскай оройуон Рыльково дэриэбинэ иһин буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  31. Овечкин Андрей Архипович – 1920с.т. “Чаачыгый” колхоз. 1942с. барбыта. Австрияҕа Вена куорат кытыытыгар 1945с. муус устар 7 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ.
  32. Оконешников Егор Тимофеевич – 1920с.т. «1-й Маай» колхоз 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  33. Оконешников Иван Львович- 1920с.т. «Жданов» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  34. Оконешников Иннокентий Семенович – 1912с.т. 1942с. балаҕан ыйыгар Таатта оройуонуттан барбыта. 40-с СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1943с. сэтинньигэ сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  35. Оконешников Николай Иванович – 1911с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар ыҥырыллыбыта. 8-с Кавалерийскай корпуска түбэспитэ. 1941с. күһүн Серпухов анныгар сэриигэ өлбүтэ.
  36. Оконешников Семен Львович – 1917с.т. «жданов» колхоз. 1941с. балаҕан ыйыгар барбыта. Сэриилэһэ хонууга сылдьан өлбүтэ.
  37. Оконешников Спиридон Гаврильевич – 1922с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 259-с туспа пулеметнай батальоҥҥа түбэспитэ. 1942с. олунньу 18 күнүгэр минигит ыарыыттан өлбүтэ. 259011 “Б” – ЭГ сытан эмтэммитэ.
  38. Павлов Филипп Гаврильевич – 1909с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр барбыта. 1943с. ахсынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  39. Попов Алексей Иванович – 1909с.т. “1-й Маай” колхоз 1941с. балаҕан ыйыгар барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  40. Попов Иннокентий Никифорович – 1905с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кулун тутар ыйга сэрии хонуутугар өлбүтэ.
  41. Протодьяконов Алексей Трофимович – 1904с.т. 1942с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр барбыта. Тула куорат тула сэриилэспитэ. Кэлин 1943с. кулун тутарга сэриигэ өлбүтэ.
  42. Протодьяконов Дмитрий Иванович – 1908с.т. «1-й Маай» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 375-с СД 1243-с СП түбэспитэ. Калининскай уобалас Ржев куорат иһин сэриигэ 1942с. балаҕан ыйын 16 күнүгэр өлбүтэ.
  43. Протодьяконов Иннокентий Николаевич – 1919с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 89-с СП түбэспитэ. Фроҥҥа сылдьан ыалдьан 4408-ЭГ киирбитэ. Онно сытан 1944с. муус устар 27 күнүгэр.
  44. Протодьяконов Федот Филиппович – 1909с.т. “1-й Маай” колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 185-с гв СД 249 гв СП түбэспитэ. Ржев куорат иһин сэриилэспитэ 1942с. балаҕан ыйын 16 күнүгэр өлбүтэ.
  45. Протодьяконов Феодосий Николаевич – 1919с.т. комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 252-с СД 932-с СП түбэһэн Сталинград сэриитигэр киирсибитэ. 1942с. ахсынньыга бааһырыыттан өлбүтэ.
  46. Сергучев Афанасий Николаевич – 1923с.т. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1943с. ыам ыйын 20 күнүгэр фроҥҥа сылдьан туберкулезтаан өлбүтэ.
  47. Сергучев Василий Никитич – 1919с.т. «1-й Маай» колхоз. 1942с. барбыта. Сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  48. Сивцев Филипп Петрович – 1900с.т. “1-й Маай” колхоз 1942с. барбыта. 1942с. балаҕан ыйыгар сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ.
  49. Слепцов Петр Семенович – 1899с.т. 1942с. барбыта. 19238 полевой почтаҕа түбэспитэ. 1943с. ыам ыйын 12 күнүгэр Орловскай уобалас Болотовскай оройуон Кривцово дэриэбинэ иһин буолбут сэриигэ өлбүтэ.
  50. Сорокоумов Владимир Васильевич – 1905с.т. «1-й Маай» колхоз. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 43034 полевой почтаҕа түбэспитэ. 1943с. атырдьах ыйын 20 күнүгэр Сталинградскай уобалас Голая долина село таһыгар өлбүтэ.
  51. Татаринов Семен Дмитрьевич – 1911с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Мэҥэ-Хаҥалас киһитэ. 1198-с СП түбэспитэ. 1942с. олунньу 9 күнүгэр Калининскай уобалас Ржевскэй оройуон Лебзина дэриэбинэҕэ өлбүтэ.
  52. Федоров Егор Дмитрьевич II – 1914с.т. «Жданов» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1238-с СП түбэспитэ. Сэриигэ сылдьан ыалдьан 3519-ЭГ эмтэммитэ. 1943с. атырдьах ыйын 29 күнүгэр Омскай уобалас Завозоуповскай оройуон кладбищатын 217-с могилаҕа көмүллүбүтэ.
  53. Федоров Иван Дмитрьевич – 1907с.т. “Жданов” колхоз 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1296-с воинскай чааска түбэспитэ. Бааһырбыта. 1944с. тохсунньу 21 күнүгэр Новгородскай уобалас Поддорскай оройуон Медушка дэриэбинэҕэ көмүллүбүтэ.
  54. Федоров Павел Павлович – 1919с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. барбыта. 252-с СД 924-с СП түбэһэн Сталинград сэриитигэр киирсибитэ. 1942 с. алтынньы 27 күнүгэр Сталинградскай уобалас Лозное селоҕа өлбүтэ.
  55. Федоров Федор Гаврильевич – 1918с.т. «Жданов» колхоз. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Сэриилэһэ сылдьан тыҥатынан ыалдьан Читинскай уобалас Карымскай оройуонун Олентуй куоракка 1942с. ыам ыйын 5 күнүгэр өлбүтэ.
  56. Холмогоров Иннокентий Павлович – 1913с.т. “1-й Маай” колхоз. 1942с. барбыта. 84-с СД медсантабка түбэспитэ. Сталинградскай уобалас Иловскай оройуон Понтшино дэриэбинэҕэ бааһырыыттан 1943с. олунньу 1-гы күнүгэр өлбүтэ.
  57. Шеломов Егор Васильевич – 1916с.т. балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 1943с. ахсынньыга сэриигэ өлбүтэ.
  58. Шеломов Иван Максимович – 1923с.т. «Коминтерн» колхоз. 1942с. барбыта. Харьковскай уобалас Краснопутскай оройуон Колонтаевка дэриэбинэҕэ 1943с. атырдьах ыйын 30 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ.
  59. Шеломов Иван Никитич – 1908с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Бааһыран 2558-ЭГ эмтэммитэ. 1945с. олунньу 24 күнүгэр Белоруссияҕа Мозырь куоракка өлбүтэ.
  60. Шеломов Николай Васильевич I – 1911с.т. «1-й Маай» колхоз 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр барбыта. 110-с СД 1287-с СП кыттыбыта. 1943с. олунньу 18 күнүгэр Смоленскай уобалас Басманово дэриэбинэҕэ буолбут сэриигэ өлбүтэ.

Үлэ фронугар сылдьан өлбүттэрэ:

  1. Баишев Семен Андреевич – 1900с.т. 1943с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр барбыта. 1943с. Чита куоракка үлэлии сылдьан өлбүтэ.
  2. Иванов Никита Митрофанович – 1901с.т. “Чаачыгый” колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. Кыһыл бартыһаан. Иркутскай куоракка үлэлии сылдьан өлбүтэ.

Тыыннаах эргиллибиттэрэ:

  1. Антонов Сергей Николаевич – 1917с.т. “Чаачыгый” колхоз. 1941с. атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 590 воинскай чааска түбэспитэ. 1942с. эргиллибитэ. 1943с. сэтинньигэ ыалдьан өлбүтэ.
  2. Баишев Николай Иннокентьевич – 1919с.т. «Жданов» колхоз 1942с. Бэс ыйыгар барбыта. 20-с туспа хаһыйар биригээдэтигэр түбэспитэ. 1946с. эргиллибитэ. 1962с. өлбүтэ.
  3. Баишев Серафим Никифорович – 1908с.т. 1943с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр барбыта. 234-с СП түбэспитэ. 1945с. алтынньыга кэлбитэ. 1993с. өлбүтэ.
  4. Варламов Иван Алексеевич – 1910с.т., «Чаачыгый» колхоз. 1942с. барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1994с. өлбүтэ.
  5. Габышев Иван Егорович – 1927с.т. 1945с. от ыйын 1 күнүгэр барбыта. Мэҥэ-Хаҥалас киһитэ.
  6. Говоров Гаврил Алексеевич – 1916с.т., «Ворошилов» колхоз, комсомоллаах. 1942с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. Нуораҕанаҕа олорон өлбүтэ.
  7. Гоголев АФанасий Николаевич – 1926с.т. «1-й Маай» колхоз. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1948с. кэлбитэ. 1960с. өлбүтэ.
  8. Катакинов Кирилл Михайлович – 191с.т. 1943с. бэс ыйын 24 күнүгэр Кэбээйиттэн барбыта. 65-с СД 311-с СП түбэспитэ, Ленинград иһин сэриилэспитэ. Бааһырбыта. 1944с. олунньуга кэлбитэ. 1996с. өлбүтэ.
  9. Катакинов Семен Михайлович – 1923с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 185-с стрелковай батальоҥҥа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. эргиллибитэ.1950с. өлбүтэ.
  10. Лыткин Афанасий Никитич – 1915с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. барбыта. 252с. СД 932-с СП түбэһэн Сталинграды көмүскэспитэ. 1945с. ахсынньыга кэлбитэ. 1994с. өлбүтэ. Албан Аат III степенэ орденнаах. “Сталинград обороната”, “Кенигсберы ылыы иһин” мэтээллээх.
  11. Лыткин Василий Сергеевич – 1920с.т. ЧПУ выпускнига, комсомоллаах. 1942с. балаҕан ыйын 28 күнүгэр Амма оройуонун Наахара оскуолатыгар учууталлыы олорон ыҥырыллыбыта. 1946с. сэтинньигэ эргиллибитэ. 1999с. өлбүтэ. “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, «Варшаваны босхолооһун», «Берлини ылыы иһин» мэтээллээх.
  12. Лыткин Федор Алексеевич – 1922с.т. 1942с. барбыта. 1949с. эргиллибитэ. Соҕуруу Сахалиҥҥа олорон өлбүтэ.
  13. Мохначевскай Ананий Дмитрьевич – 1921с.т. комсооллаах. 1943с. бэс ыйыгар барбыта.576-с. аэродрому көрөр батальоҥҥа түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. Дойдутугар 1946с. кулун тутарга кэлбитэ. 1985с. өлбүтэ.
  14. Мохначевскай Иннокентий Иннокентьевич– 1909с.т. «1-й Маай» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Доруобуйатынан 1944с. төннүбүтэ. 1944с. өлбүтэ.
  15. Мохначевскай Константин Иванович – 1919с.т. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 210-с СД 649-с СП түбэһэн Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946с. ыам ыйыгар кэлбитэ. 1998с. өлбүтэ.
  16. Мохначевскай Николай Лонгинович – 1926с.т. 1944с. барбыта. 1950с. эргиллибитэ. 1986с. өлбүтэ.
  17. Мохначевскай Сергей Гаврильевич – 1901с.т. 1944с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр барбыта. 38066 воинскай чааска түбэспитэ, ыалдьан 1944с. кэлбитэ. 1961с. өлбүтэ.
  18. Ноговицын Алексей Николаевич – 1907с.т. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Ыалдьан 1942с. атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. 1943с. олунньуга Кэбээйигэ олорон өлбүтэ.
  19. Ноговицын Василий Федорович – 1905с.т. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 56-с туспа стрелковай батальоҥҥа түбэспитэ. Япония сэриитигэр кытыбыта. 1946с. кэлбитэ. 1946с. өлбүтэ.
  20. Ноговицын Дмитрий Леонтьевич- 1920с.т. комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар Ааллаах-Үүҥҥэ почта начальнигынан үлэлии олорон барбыта. 64 уонна 86-с пограничнай этэрээттэргэ кыттыбыта. 1947с. эргиллибитэ, кэлин өлбүтэ. Старшай сержант званиялаах.
  21. Ноговицын Николай Дмитрьевич – 1924с.т. 1942с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр барбыта. 355-с гв СП түбэспитэ. 1945с. эргиллибитэ, кэлин өлбүтэ. Сержант.
  22. Ноговицын Степан Николаевич – 1915с.т. ЯНВШ выпускнига. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. 24-с хайыһар батальонугар түбэһэн Москва куораты көмүскэспитэ, 1942с. олунньу 12 күнүгэр ыараханнык бааһырбыта. 1942с. атырдьах ыйыгар төннүбүтэ. Дьокуусйкай куоракка олорор. Аҕа дойду сэриитин II-c степеннэ уонна “Бочуот Знага” орденнаах, “Москва обороната” мэтээллээх.
  23. Оконешников Василий Тимофеевич – 1910с.т. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1946с. эргиллибитэ. 1973с. өлбүтэ.
  24. Оконешников Данил Максимович – 1925с.т. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 579-с СД 262-с СП түбэһэн сэриигэ киирбитэ. Төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн билиэн бара сылдьыбыта. 1944с. от ыйыгар кэлбитэ. 1976с. өлбүтэ.
  25. Оконешников Егор Тарасович – 1924с.т. 1944с. бэс ыйын 16 күнүгэр барбыта. 1948с. кэлбитэ, 1987с. өлбүтэ.
  26. Оконешников Роман Миронович – 1920с.т. 1942с. ыҥырыллыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1980с. өлбүтэ.
  27. Оконешников Семен Данилович – 1925с.т. 1943с. ыҥырыллыбыта. 1034 СП түбэспитэ. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1948с. кэлбитэ. 1948с. дойдутугар олорон өлбүтэ.
  28. Оконешников Семен Николаевич – 1922с. «Жданов» колхоз. 1943с. ыам ыйыгар барбыта. 287с. гв СП түбэһэн сэриилэспитэ. 1947с. эргиллибитэ. 1982с. өлбүтэ. Кыһыл Сулус орденнаах.
  29. Оконешников Иван Афанасьевич – 1925с.т. 1942с. ыҥырыллан, Чукоткаҕа тиийэн аэродром тутуутугар үлэлээбитэ. 1943с. ыалдьан төннүбүтэ. Учууталлаабыта. Кэлин өлбүтэ.
  30. Пермяков Василий Иннокентьевич – 1922с.т., младшай сержант. “Чаачыгый” колхоз. 1942с. атырдьах ыйын 3 күнүгэр ыҥырыллыбыта. 14-с гвардейскай Кавалерийскай дивизияҕа писардаабыта. 1945с. кулун тутарга кэлбитэ. 1997с. Майа селотугар олорон өлбүтэ. Икки «Кыһыл Сулус» орденнаах. «Хорсунун иһин», «Варшаваны босхолооһун», «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх.
  31. Попов Алексей Иннокентьевич – 1920с.т. 1942с. бэс ыйын 20 күнүгэр барбыта. Майор. 19-с туспа хайыһар бригадатыгар түбэспитэ. 1943с. кулун тутарга бааһырбыта. 1946с. эргиллибитэ. 2001с. Кенигсберг куоракка олорон өлбүтэ. Ильмень куөл сэриитин кыттыылааҕа.
  32. Попов Афанасий Иванович – 1907с.т. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1101-с СП түбэспитэ. 3 төгүл бааһырбыта. 1944с. эргиллибитэ. Кэлин өлбүтэ.
  33. Попов Егор Спиридонович- 1920с.т. «1-й Маай» колхоз 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 644-с СП түбэспитэ. 1946с. ыам ыйыгар эргиллибитэ. Кэлин өлбүтэ.
  34. Попов Семен Петрович – 1923с.т. 1941с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайтан барбыта. 184-с туспа стрелковай батальоҥҥа кыттан Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1947с. кэлбитэ. 1994с. өлбүтэ.
  35. Попов Сидор Сидорович – 1908с. «1-й Маай» колхоз. 1941с. атырдьах ыйыгар барбыта. 8-с кавалерийскай корпус 136-с кавалерийскай полкаҕа түбэспитэ. 2-тэ бааһырбыта. 1942с. тохсунньуга бааһырыытынан төннүбүтэ. 1972с. өлбүтэ. “Хорсунун иһин”, “Москва обороната” мэтээллээх.
  36. Попов Яков Спиридонович – 1907с.т. 1943с. от ыйын 17 күнүгэр барбыта. 21-с СП кыттан Япония сэриитигэр киирсибитэ. 1946с. төннүбүтэ. 1961с. өлбүтэ.
  37. Протодьяконов Алексей Алексеевич – 1926с.т. 1945с. от ыйын 1-гы күнүгэр барбыта. Япония сэриититтэн 1945с. төннүбүтэ.  1992с. өлбүтэ. Учуутал.
  38. Протодьяконов Гаврил Дмитрьевич – 1910с.т. Учуутал. Комсомоллаах. 1941с. балаҕан ыйын 7 күнүгэр барбыта. Старшай сержант. Советскай Союз Геройа. 13-с гв СД 172-с артиллерийскай полкатыгар кыттыбыта. 1945с. балаҕан ыйын 25 күнүгэр кэлбитэ. 1974с. өлбүтэ. 3 төгүлүн «Хорсунун иһин», «Сталинград обороната», «Варшаваны босхолооһун». «Берлини ылыы иһин» мэтээллэрдээх. Аҕа дойду сэриитин I-гы степенэ орденынан наҕараадаламмыта.
  39. Протодьяконов Гаврил Трофимович – 1908с.т. «1-й Маай» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 323-с СП кыттыбыта. 1944с. бааһырбыта. 1944с. эргиллибитэ. 1986с. өлбүтэ. Албан Аат III-c степенэ орденнаах.
  40. Протодьяконов Степан Егорович – 1926с.т. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 39-с Танковай полкаҕа түбэспитэ. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1950с. кэлбитэ. 1985с. өлбүтэ.
  41. Сорокоумов Иван Алексеевич – 1917с.т. «1-й Маай» колхоз. 1944с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ, 1989с. өлбүтэ.
  42. Татаринов Федор Моисеевич – 1903с.т. «Ворошилов» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Мэҥэ-Хаҥалас киһитэ. 1945с. эргиллибитэ. 1947с. өлбүтэ.
  43. Шеломов Николай Васильевич II- 1924с.т. «1-й Маай» колхоз. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 2007с. өлбүтэ.
  44. Шеломов Николай Никитич – 1915с.т. 1943с. барбыта. 540 рабочай батальоҥҥа түбэспитэ. 1946с. төннүбүтэ, 1994с. өлбүтэ.

Үлэ фронуттан эргиллэн кэлбиттэрэ:

  1. Говоров Сергей Петрович – 1904с.т. «1-й Маай» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1947с. өлбүтэ.
  2. Гоголев Иннокентий Федорович – 1921с.т. «1-й Маай» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. кэлбитэ. Дойдутугар олорон 2008с. өлбүтэ.
  3. Гоголев Никифор Николаевич – 1916с.т. “1-й Маай” колхоз 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1947с. өлбүтэ.
  4. Дьячковскай Афанасий Михайлович – 1923с.т. 1944с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1944с. эргиллибитэ, кэлин өлбүтэ.
  5. Катакинов Андрей Исаакович – 1916с.т. «1-й Маай» колхоз. Комсомоллаах. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1992с. өлбүтэ.
  6. Лыткин Егор Никитич – 1920с.т. 1942с. барбыта 1947с. эргиллибитэ, 1974с. өлбүтэ.
  7. Лыткин Константин Миронович – 1922с.т. «Жданов» колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1946с. кэлбитэ. 1984с. өлбүтэ.
  8. Лыткин Увар Иванович – 1907с.т. «Жданов» колхоз. 1943с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1987с. өлбүтэ.
  9. Макаров Василий Афанасьевич – 1906с.т. «1-й Маай» колхоз. 1943с. барбыта. 1945с. эргиллибитэ. 1987с. өлбүтэ.
  10. Мохначевскай Александр Сидорович – 1917с.т. «Чаачыгый» колхоз. 1942с. Уус-Майаттан барбыт. Мэҥэ-Хаҥалас Дьабылыгар олорон өлбүт.
  11. Ноговицын Андрей Семенович – 1918с.т. «Островскай» колхоз. 1941с. от ыйын 30 күнүгэр барбыта. 227-с СП сылдьан ыалдьан үлэ фронугар түбэспитэ, 1944с. кэлбитэ. 1989с. өлбүтэ.
  12. Оконешников Семен Егорович- 1917с. “1-й Маай” колхоз. 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1991с. өлбүтэ.
  13. Попов Игнатий Иванович – 1913с.т. «1-й Маай» колхоз. 1943с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1970с. өлбүтэ.
  14. Попов Никита Иванович – 1919с.т. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1947с. эргиллибитэ. 1987с. өлбүтэ.
  15. Попов Спиридон Лаврентьевич – 1914с.т. “1-й Маай” колхоз. 1943с. бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. 1945с. кэлбитэ. 1970с өлбүтэ.
  16. Попов Степан Михайлович – 1898с.т. «1-й Маай» колхоз 1943с. бэс ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1955с. өлбүтэ.
  17. Протодьяконов Михаил Спиридонович – 1905с.т.1943с. атырдьах ыйыгар барбыта. 1944с. кэлбитэ. 1955с. өлбүтэ.
  18. Сорокоумов Гаврил Васильевич – 1903с.т. 1942с. бэс ыйыгар барбыта. 1943с. эргиллибитэ. 1962с. өлбүтэ.
  19. Федоров Лука Никифорович – 1943с. барбыта. 1945с. кэлбитэ. 1980с. өлбүтэ.
  20. Баишев Семен Андреевич, Иванов Никита Митрофанович – өлбүттэргэ суруллубуттара.     

                               Алаҕар нэһилиэгэ // Ааттара үйэлэргэ умнуллубат :  («Чурапчы буойун уолаттара кинигэни» иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И.М.Павлов ; [эрэдээктэр И.П. Пономарев]. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — С.9-19.

Аҕа дойду сэриитин I-кы, II –c степенэ  орденнаахтар

Протодьяконов Гавриил Дмитриевич

Старшай  сержант,  Алаҕар  нэһилиэгэ  (1910-1974).  Комсомоллаах,  учуутал. ЧПУ-ны бүтэрбитэ. Армияҕа 1941  с. балаҕан ыйыгар ыҥырыллыбыта.Артиллерист  быһыытынан  Сталинград  сэриититтэн  саҕалаан,  Ийэ  дойдутун Берлиҥҥэ тиийэ хабыр өстөөхтөртөн көмүскээбитэ.Саха  буойуна,  албан  аатырбыт  артиллерист,  Сталинград  геройа  Гавриил Протодьяконов уоттаах сэриигэ «Хорсунун иһин» үс бойобуой медалы туох иһин ылбыт эбитий?

  1. «…Немецкэй халабырдьыттары  утары  охсуу  фронугар  командование сорудаҕын туйгуннук толорбуттарын иһин уонна онно килбиэннэрин,  итиэннэ эр санааларын көрдөрбүттэрин иһин:… 1047-с с.д. командира подполковник Батюк.1943  с. тохсунньу 30 к.».(Испииһэккэ 12-с киһинэн Протодьяконов Г.Д. суруллубут — И. П.)
  2. «45 мм  пушка  артиллериһа  гв.  старшай  сержана  Протодьяконов  Г.Д. 23.07.43  с.  немец  талабырдьыттарын  утары  сэриилэһиигэ  Голай  Долина дэриэбинэни  ылыы  саҕана  өстөөх  сыҕарыйан  эрэр  чаастарын утары  балысхан уоту аста,  өстөөх пехотатын  икки атакатын төттөрү оҕуста,  биир танканы алдьатта. 227-с гв. с.п. командира гв. майора Львов.1943 муус устар 8 күнэ».
  3. «5-с батарея  орудиятын  командира  гв.  старшай  сержана  30.04.45  с. Берлин  к.  ылар  иһин  кыргыһыыларга  Потсдамштрасс  уул.  кыҥаан  ытар  гына туруоруллубут  пушкатынан  кимэн  киирэн  иһэр  пехотаҕа  суол  солоон  биэрдэ. Онуоха уулусса  туора  оҥоһуллубут  икки мэһэйин,  ПТО  2  пушкатын уонна  биир станковай пулемету хампарытта 79-с гв.с.д. командирын 20.05.45 с. бирикээһэ».

      Г.Д.  Протодьяконовы  Кыайыы  20  сылынан,  оройуон,  республика  салалтата Советскай Союз Геройун аатыгар көрдөһүү түһэрэ сылдьыбыттара да, сатамматаҕа.

      Гавриил  Дмитриевич  Аҕа  дойду  сэриитин  I-кы  степенэ  орденынан наҕараадаламмыта.

     Протодьяконов  Г.Д.  М.П.  Ефимовка  фронтан  ыыппыт  суруга.  1945  с.  кулун тутар 6 күнэ.

      «Охсуспуппуттан ыла, 5 танканы суох оҥордум — 2 тигри, 3 среднэйи. Хас да суоллаан,  1942 с.  Сталинградка ыстыыгынан киирсибитим…..

      1943 с. Донец өрүһү туорааһыҥҥа (Голай Долинаҕа) ханна да суох кырыктаах кыргыһыы  буолта.  Онно  8  танка гусеницаларынан  үлтү мэлийэн  ааһаары,  30- 20  м  чугас  кэлбиттэрэ.  Онтон  2  «тигри»  үлтүрүппүтүм.  Табаарыстарым сорохторо  өлөн,  сорохторо  бааһыран  туораабыттара.  Биһиги  2  буолан,  3  күн сэриилэспиппит…».

Ноговицын Степан Николаевич

1915 с. Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Комсомоллаах. СНБО –ну бүтэрбитэ. 1941 с. балаҕан ыйыгар Мэҥэ-Хаҥаласка үлэлии олорон ыҥырыллыбыта. 24-с  хайыһар бригадатыгар сулууспалаан, Москва тула, Калуга туһаайыытыгар сэриигэ кыттыбыта. 1942  с.  олунньу  12  күнүгэр  ыараханнык бааһырбыта.  Хаҥас илиитигэр снаряд оскуолкатынан  табыллыбыта. Госпитальга  сүһүрэн эрэр илиини быһалларыгар эрэ тиийбиттэрэ.  Сэрии  инбэлиитэ  буолан,  1942  с.  атырдьах  ыйыгар  дойдутутар  эргиллибитэ. Урукку  комсомол  үлэһитэ  сэрииттэн  кэлэн  баран,  советскай-партийнай  үлэлэргэ сылдьыбыта. Aҕa  дойду  сэриитин  II-с  степенэ  бойобуой,  «Бочуот  Знага»  үлэтин  иһин орденнардаах, СР норуотун хаһаайыстыбатын  үтүөлээх үлэһитэ.

Кыһыл Сулус орденнаахтар

Оконешников Семен Николаевич

Алаҕар нэһилиэгэ (1922-1981).  1943 с. ыам ыйыгар, Кыһыл Армия кэккэтигэр Жданов аатынан колхозтан ыҥырыллыбыта. Бастаан,  28-с  коннай  депоҕа,  онтон  234-с  саппаас  полкаҕа  сулууспалаабыта. Инники кирбиигэ  47-с туспа тутуу батальонугар кыттан киирбитэ. Ол кэнниттэн, сапер  үлэтигэр  ананан,  287-с  гв.с.п.  108-с  уонна  105-с  батальоннарыгар сулууспалаабыта. Ийэ  дойдутун  көмүскүүр  сэрии  бары  эндирдээх  суолларын  ааспыт  саха саллаатын,  хорсун-хоодуот  сырыыларын,  тус  холобурун  көрдөрбүтүн  иһин  74-с  стрелковай корпус командованиета Кыһыл Сулус орденынан наҕараадалаабыта.Семен  Николаевич  дойдутугар  Алаҕарга  аан  бастакынан  бойобуой  ордены иилинэн кэлбит фронтовик буолар. Ол иһин дьоно-сэргэтэ убаастаан, «Уордьаннаах Сэмэн» диэн ааттыыллара.

Пермяков Василий Иннокентьевич

Младшай  сержант,  Алаҕар  нэһилиэгэ  (1922-1997  сс.).  Комсомоллаах.  1942 с.  атырдьах  ыйын  3  күнүгэр  «Чаачыгый»  колхозтан  ыҥырыллыбыта.  Бурят- Монголия  киин  куората  Улан-Удэҕа  тиийбитэ.  14-с  гвардейский  кавалерийский дивизия продскладыгар писарь быһыытынан үлэлээн, инники кирбиигэ тиийбитэ. Өстөөхтөрү  утары  сэриилэһиигэ  1944  с.  ахсынньы  28  күнүгэр  «Хорсунун  иһин» медалынан наҕараадаламмыта.1945  с. ыам ыйыгар Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта. Орденынан наҕараадалыыр  лиискэ  суруллубут:  «Бастатан  туран,  продовольственнай склад  продуктатын  учета  куруутун  үчүгэйдик  ыытыллар,  писарь  үлэтигэр олус  эппиэттээхтик  сыһыаннаһар.  Сэрии  кэмигэр,  таһаҕаһы  полкаларга  үксүн  бэйэтинэн тириэрдэр.26.04.45 с. Роттенов куорат аттынааҕы инники кирбиигэ таһаҕаһы тиэйэн илдьэ иһэннэр немецтэр ытыалааһыннарыгар түбэспиттэр. Немецтэр тыаттан соһуччу баар буола түспүттэр.  Пермяков табаарыстарынаан, өстөөхтөргө харда  уот аспыттар. Пермяков бэйэтэ 3 гитлеровеһы өлөрбүт. Өстөөхтөрүн үүртэлээн, астарын-үөллэрин тиийиэхтээх миэстэлэригэр этэҥҥэ тиэрдибиттэр».В.И.  Пермяков  хорсун  быһыытын  иһин  1945  с.  бэс  ыйын  9  күнүгэр,  иккис Кыһыл Сулус орденынан наҕараадаламмыта. Дойдутугар  эргиллэн  баран,  Мэҥэ-Хаҥаласка  Майаҕа  олорбута,  үлэлээбитэ. Онно  1997 с. өлбүтэ.

Албан Аат орденнаахтар

Лыткин Афанасий Никитич

Алаҕар  нэһилиэгэр  (1915-1994  сс.).  «Чаачыгый»  колхоз  чилиэнэ.  1942  с.  бэс ыйыгар Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыта.Сталинград  куорат  көмүскэлигэр  балаҕан  ыйын  1  күнүттэн  сэрии  уоттаах толоонугар  киирбитэ.  252-с  с.д.  932-с  с.п.  састаабыгар  кыттан  сэриилэспитэ. Бааһыран  госпитальга  эмтэммитэ,  үтүөрэн  тахсан,  142-с  туспа  гужтранспортнай ротаҕа сулууспалаабыта.1942  с.  бүтүүтэ  Курскай  уобаласка  буолбут  сэриилэргэ,  1943  с.  сайын Курскайдааҕы тоҕой сэриитигэр кыттыбыта. Кэлин,  сэрии  бүтүөн  эрэ  иннинэ,  Илинни  Пруссияҕа  сэриилэспитэ, Кенингсберг  кириэппэһи ылыыга кыттыбыта. 1945  с. ахсынньыга дойдутугар эргиллэн  кэлбитэ. А.  Н. Лыткин  Албан Аат III-с степенэ орден кавалера.  1994 с. өлбүтэ

Протодьяконов Гаврил Трофимович

1908 с. Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. «1-й Маай» колхоз чилиэнэ.  1943 с. бэс ыйыгар фроҥҥа ыҥырыллыбыта.4-с  Украинскай  фронт  323-с  с.п.  сулууспалаабыта.  Азовскай  муора биэрэктэринэн, Керчь тумус арыыга өстөөҕү утары сэриигэ кыттыбыта.1944  с. тохсунньу ый 23 күнүгэр сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһырбыта. Г.Т. Протодьяконов фроҥҥа көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин  Албан Аат III-с степенэ орденынан наҕараадаламмыта.Сэрии, үлэ ветерана дойдутугар олорон,  1986 с. өлбүтэ.

Бойобуой мэтээллээхтэр

Катакинов  Кирилл  Михайлович

1919  с.т.  «Чаачыгый» колхоз  чилиэнэ.  24.06.1943  с.  Кэбээйи  оройуонуттан ыҥырыллыбыта.  65-с  СД  311-с  СП  кыттан  Ленинград  куорат туһаайыытынан  сэриилэспитэ.  Инники  кирбиигэ  103  суукка устата  сылдьыбыта.  18.02.1944  с.  бааһырбыта.  260,  1093 №-дээх  ЭГ  эмтэммитэ.  Инбэлиит  буолан  1944  сыл  от  ыйыгар дойдутугар  эргиллибитэ.  Бастаан дойдутугар Алаҕарга монтер идэтинэн  үлэлээбитэ.  Кэлин  Чурапчы  сэлиэнньэтигэр  көһөн киирэн  интернат-оскуолаҕа  араас  үлэлэргэ  үлэлээбитэ.  1996 сыл бэс ыйыгар өлбүтэ. «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээллээх.

Лыткин  Василий  Сергеевич

1920  с.т.  Жданов  аатынан колхоз  чилиэнэ.  ЧПУ-ну  бүтэрэн  учуутал  идэтин  ылбыта, комсомоллаах.  Амма  оройуонун  Наахара  оскуолатыгар учууталлыы олорон 28.09.42 с. ыҥырыллыбыта. 3-с СП 25-с СД 2-е  туспа  артполкаҕа кыттан  сэриигэ  киирбитэ.  Курскай  тоҕой сэриитигэр  Дергачи,  Харьков  куораты  босхолоспута.  Кэлин 16-е сапернай биригээдэҕэ кыттан сэриигэ 3 төгүл бааһырбыта (09.03.43  сыл,  02.05.45  сыл).  Берлин  к.  ылсыбыта.  Салгыы  1,5 сыл онно сулууспалаабыта.  18.09.46 с. эргиллибитэ. Дойдутугар 15  сыл  учууталлаабыта,  дириэктэрдээбитэ,  17  сыл  колхозка, совхозка  председателлээбитэ.  Саха  Республикатын  норуотун  хаһаайыстыбатын үтүөлээх  үлэһитэ. Аҕа дойду сэриитин I -кы степенэ уордьан кавалера (Кыайыы 40 сылыгар наҕараадаламмыта),  «Бойобуой  үтүөлэрин  иһин»,  «Варшаваны  босхолооһун  иһин», «Берлини ылыы иһин» ,«Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Германияны кыайыы иһин 1941-1945 сс.» мэтээллэрдээх.

 

Попов  Сидор  Сидорович

1908  с.  т.  «Пиэрибэй  Маай» колхоз чилиэнэ.  15.08.41  с. ыҥырыллыбыта.  8-с  кавалерийскай корпус,  136-с  полкатыгар  кыттан  Москва  к.  көмүскэлин  иһин сэриигэ киирсибитэ. Серпухов к. туһаайыытынан сэриилэспитэ. 23.01  уонна  20.12.42  сс.  бааһырбыта.  Бааһырыытынан 23.01.43  с.  эргиллибитэ.  Дойдутугар  кэлэн  биригэдьииринэн, председателинэн, болуотунньугунан үлэлээбитэ.  1972 с. өлбүтэ. «Хорсунун иһин», «Москва обороната» мэтээллэрдээх.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

 

        Аҕа дойду Улуу сэриитин, үлэ, тыыл ветераннара

Үөһээ  хаҥастан: 1. Петров Иннокентий Афанасьевич 2. Катакинов Андрей Исакович 3. Сивцев Гаврил Спиридонович 4. Попов Никита Иванович

Аллараа ханастан  :1. Лыткин Василий Сергеевич 2. Протодьяконов Гавриил Дмитриевич 3. Оконешников Семен Николаевич 4. Лыткин Афанасий Никитич

Алаҕар нэһилиэгин сэрии, үлэ ветераннара

Туһаныллыбыт литература

1. Алаҕаркаан-тэтэгэркээн алтан араҕас далбардаах Алаҕар нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордулар: В. Г. Оконешникова, П. Н. Дьячковская, О. Г. Решетникова-Угарская]. — Дьокуускай : Сайдам, 2010. — 486, [1] с., [8] л. цв. ил.

2. Павлов, Иван Михайлович.
Албан ааттара өлбөөдүйбэт / И. М. Павлов ; [хомуйан оҥордо А. А. Захаров ; ред. сэбиэт: Я. П. Оконешников, М. Н. Матвеева, М. В. Дьячковскай ; аан тыл А. Т. Ноговицын, Я. П. Оконешников]. — Чурапчы : АУ РИО «Саҥа олох», 2016. — 294 с.

3.Павлов, Иван Михайлович.
Ааттара үйэлэргэ умнуллубат : («Чурапчы буойун уолаттара» кинигэни иккистээн, эбэн-сабан, көннөрөн таһаарыы) / И. М. Павлов ; [эрэдээктэр И. П. Пономарев]. — 2-е изд., доп., испр. — Дьокуускай : СМИК-Мастер, 2010. — 231 с., [6] л. ил., портр.