«Свет во тьме передовой” брошюра сүрэхтэниитэ

  • 21.10.2026
  • 355

Алтынньы 21 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, байыаннай биэссэр Сорокоумова Анна Ильинична туһунан «Свет во тьме передовой” саҥа брошюра кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Брошюраны С.К.Макаров аатынан Чурапчы улууһун гимназиятын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Собакин салайааччытынаан, РФ үөрэхтээһинин туйгуна, «СӨ педагогтарын династията» анал бэлиэ хаһаайына, Чурапчытааҕы аграрнай техническэй колледж преподавателэ Марфа Владимировна Жергиналыын оҥорон таһаарбыттар.

Биһирэмҥэ Артем бииргэ үөрэнэр оҕолоро, учууталлара, төрөппүттэрэ, ону тэҥэ Анна Ильинична аймахтара, чугас дьоно, бииргэ үлэлээбит коллегалара, Одьулуун, Чурапчы нэһилиэктэрин киэҥ общественноһа көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Брошюра Чурапчытааҕы «Саҥа олох» редакциятыгар бэчээттэнэн таҕыста. Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах брощюраҕа элбэх хаартыскалар Анна Ильинична олоҕун сырдатан, брошюра ис хоһоонун ситэрэн-хоторон биэрэллэр.

Кинигэ 4 түһүмэхтээх. Манна Анна Ильинична олоҕо, «Спасать жизни-профессиональный долг каждого медика» Артем Анна Ильиничналыын интервьюта, анал байыаннай дьайыы кэнниттэн эйэлээх олоххо үлэтэ-хамнаһа, Анна Ильинична наҕараадалара киллэрилиннилэр.

Тэрээһин саҕаланыытыгыра кинигэ геройа «Сырдык» диэн позывнойдаах саха хорсун кыыһа Анна Ильинична анал байыаннай дьайыыга кыттыытын туһунан мустубут дьоҥҥо кэпсээтэ. Артем Собакин бу үлэтин салайааччыта М.В.Жергина бу брошюраны таһаарыы идеята хайдах үөскээн тахсыытыттан саҕалаан олоххо киириитин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ. Артем бэйэтин санаатын кылгастык үллэһиннэ. Бу брошюра биһирэмигэр кыттыбыт дьон бука бары эдэр ыччаты патриотическэй иитиигэ улахан суолталаах үлэ оҥоһуллубутун тоһоҕолоон эттилэр. Саамай хайҕаллааҕа үөрэнээччи оҕо маннык тиэмэни талан бэчээккэ таһаарбытын бары астынан бэлиэтээтилэр.

Дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу, хорсун быһыы холобурунан буолар Анна Ильинична олоҕун сырдатыы гражданскай, патриотическэй иитиигэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ааттарын үйэтитиигэ саҕалааһын буолан, инникитин маннык үлэ киэҥник тарҕаныа диэн эрэллэрин биллэрдилэр, Артемҥа, салайааччытыгар уонна төрөппүттэригэр махталларын тириэртилэр.  

Добавить комментарий