Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 117 сыла!
Новости
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 117 сыла бэлиэтэнэр.Суорун Омоллоон 1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһун III Дьохсоҕон (Чөркөөх) нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.Саха литэрээтиирэтигэр киирбит «Өлүѳнэ ѳрүс» диэн бастакы айымньыта 1926 с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэммитэ. Ол кэннэ Тыа уола диэн аатынан «Охоноон», «Аанчык», «Сордоох суха» кэпсээннэрэ бэчээттэнэн тахсыбыттара. Саха драматургиятыгар бар дьон биһирэбилин ылбыт, киэҥник биллибит «Күкүр Уус», «Айаал», «Сайсары», «Күн күөрэйиэн иннинэ» драмалара буолаллар.Суорун Омоллоон саха бастакы «Ньургун Боотур» оператын уонна «Сир симэҕэ» балетын либреттоларын суруйан сахалыы опера, балет сайдыытыгар олук үктээбитэ. Оҕо суруйааччытын быһыытынан Оҕо суруйааччытын быһыытынан «Чөөчө», «Чүөчээски», «Остуоруйалар», «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» уо.д.а. киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах. Саха фольклоругар, саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр үөрэх кинигэлэрин суруйан кэнчээри ыччакка хаалларбыта.Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон айымньыларын ааҕыҥ, сэргээҥ, сыаналааҥ!