«Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ оҕо бибилэтиэкэрэ»  өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус 

  • 04.10.2026
  • 211

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ оҕо бибилэтиэкэрэ»  өрөспүүбүлүкэтээҕи идэлээх маастарыстыба куонкуруһун  кыайыылаахтарын  ааттара билиннэ.
Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ  араас улуустарыттан уонна куораттарыттан оҕолору уонна эдэр дьону кытта үлэлиир өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэрин 16 исписэлииһэ кытынна. Бу  тэрээһин Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай киин бибилэтиэкэ иһинэн оҕо бибилэтиэкэтэ аһыллыбыта 85 сылыгар туһуланна. Куонкурус түмүгүн иһиттиннэрии алтынньы 2 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр  үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.

Куонкурус кыайыылааҕынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ оҕо бибилэтиэкэрэ» үрдүк ааты Мэҥэ-Хаҥалас М.И. Брызгалова аатынан Майатааҕы оҕо бибилэтиэкэтин сүрүн бибилэтиэкэрэ Игнатьева Юнона Александровна ылла.

I истиэпэннээх лауреат — Гоголева Надежда Васильевна,  Уус-Алдан оҕо бибилэтиэкэтин сүрүн бибилэтиэкэрэ.
II-с истиэпэннээх лауреат — Эверстова Ольга Гаврильевна, Чурапчы оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ.
III-с  истиэпэннээх лауреат — Сергеева Анастасия Афанасьевна, Дьокуускай куорат 15-с филиалын «Мин бибилэтиэкэм» оҕо бибилэтиэкэтин сүрүн бибилэтиэкэрэ.

«Общественное призание» номинация Томпо оҕо бибилэтиэкэтин сүрүн бибилэтиэкэригэр Неймохова Инна Егоровнаҕа уонна Уус-Алдан оҕо библиотекатын сүрүн бибилэтиэкэригэр Гоголева Надежда Васильевнаҕа туттарылынна.

Чурапчы кииннэммит  библиотечнай ситимин  кэлэктиибин  аатыттан  Ольга Гаврильевнаны  уонна  биир идэлээх кэллиэгэлэрбитин улахан ситиһиилэринэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Эһиэхэ  инникитин даҕаны саҥа  үрдэллэри, айымньылаах, таһаарыылаах үлэни, үгүс махталлаах ааҕааччылары баҕарабыт!

Добавить комментарий