«Олоҥхону ааҕыахха»
Новости
Күндү Чурапчыбыт олохтоохторо!
Ахсынньы 3 күнүгэр күнүс 11 чаастан Чурапчытааҕы киин библиотекатыгар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Олоҥхону ааҕыахха» диэн сиэдэрэй сэһээннээх, эриэккэс кэпсээннээх, ырыа-тойук аргыстаах, оһуохай үҥкүүлээх, сахалыы тыыннаах тэрээһиҥҥҥэ ыҥырабыт!
Тосхоло:
— Уоскулаҥ алгыс;
— Олоҥхо тула истиҥ сэһэргэһии, санаа атастаһыыта;
— Тойукка-ырыаҕа холонуу, доргуччу ааҕыы;
— эмтээх отунан остуол тула минньигэс астаах чэйдээһин;
— оһуохай түһүлгэтэ.
Сахалыы таҥастаах, чэйгэ аһылыктаах кэлэргит биһирэнэр.
Билсэр тел 89142808218