«Мин Чурапчыттан төрүттээхпин» айар куттаах о5о лаа5ырыгар Чурапчы историятын билиһиннэрэр библиотечнай уруок буолан ааста.

  • 14.08.2023
  • 42

Новости

Сайыҥҥы айар лааҕыр о5олоругар «Мин Чурапчыттан төрүттээхпин» диэн төрөөбүт Чурапчыбыт 375 сылыгар аналлаах көрдөөх-нардаах оонньуулаах, Чурапчы иториятын кытта билсэр уруок буолан ааста.Бу тэрээһиҥҥэ аан бастаан оҕолор хамсаныылаах билсиһии оонньулары оонньоотулар. 

""

Онтон урукку туттар саха тэриллэртэн, Чурапчы историятыттан боппуруостарга эппиэттээтилэр.

""

Холобур, Чурапчы гимнын ким суруйбутай?,интернат оскуола ким аатын сүгэрий?, Чурапчы музейын ким тэрийбитэй?, Чурапчыб улууһа хас нэһилиэктээҕий? диэн ыйытыктарга эппиэттээннэр, оҕолор билиилэрин хаҥаттылар.Оҕолор ситиһиилээхтик айар куттарын сайыннаран, төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытыгар дьоһуннаах туһалаах дьоннор буола улаатыахтара диэн баҕа санааны этэн уруокпутун түмүктээтибит.

Добавить комментарий