Масаха Мэхээс Чурапчыга
Алтынньы 27 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ саха сирин биллиилээх блогера, урбаанньыт, ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар көҕүлээччи Масаха Мэхээс ыалдьыттаата. Көрсүһүүгэ «Кэрэхсэбиллээх чахчылар» диэн саха норуотун 23 биллиилээх, чулуу дьонун тустарынан суруйбут саҥа кинигэтин билиһиннэрдэ. Кинигэ 2026 сыллаахха «Дани-Алмас» кинигэ кыһатыгар 1000 экземплярынан 113 страницалаах бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэ дьоһун дьон олоҕун кэпсиир ааҕааччыга тиийимтиэ тылынан суруллубут, оҕону, ыччаты төрөөбүт дойду устуоруйатын үөрэтиигэ, билиигэ улахан суолталаах буолар.
Масаха Мэхээс көрсүһүү саҕаланыытыгар кимтэн кииннээҕин, төрдүн-ууһун, аатын-суолун, дьиэ кэргэнин туһунан кэпсээтэ. Аныгы үйэ тэтиминэн дьоҥҥо-сэргэҕэ саха омугун устуоруйатын, култууратын, тылын-өһүн, төрүт дьарыгын, ынах-сылгы иитиитин боппуруостарын таарыйар сытыы биэриилэрин видеоблоктарын дьон-сэргэ сэргээн истэр, көрөр, биһириир блогера буолар. «Саха дьоно бэйэбит оҥорон таһаарар астаах буоллахпытына, оҕолорбут доруобай, чөл буолуохтаахтар» — диэн санаанан салайтаран, билигин 10-тан тахса төбө сүөһүнү көрөн турарын сырдатта. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ Масаха Мэхээс төрүт дьарыгы салҕыы сайыннарыыга, саха боруодата сүөһүнү дэлэтиигэ, бэйэ оҥорон таһаарыытын сытыы боппуруостарыгар бэйэтин санаатын, тус көрүүлэрин үллэһиннэ.
Көрсүһүүгэ ааптар кинигэтин, устуоруйа чахчыларын, тыа хаһаайыстыбатын тула Чурапчы олохтоохторо интэриэһиргиир элбэх ыйытыыларыгар астыннарар эппиэттэри биэрдэ. Истиҥ-иһирэх көрсүһүү түмүгэр Масаха Мэхээс көрсүһүү кыттыылаахтарыгар бэйэтин ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ. Бу ураты истиҥ көрсүһүүгэ улууспут киэҥ общественноһа көхтөөх кыттыыны ылла. Көрсүһүү кыттыылаахтара Масаха Мэхээс бастакы кинигэтигэр ааптар автограбын ылан, хаартыскаҕа түһэн астынан тарҕастылар.
Төрөөбүт дойдутун туһугар үлэлиир-хамныыр, саха ыччатын тыа хаһаайыстыбатыгар көҕүлүүр, бэйэтин дьыалатын таптыыр, эдэр ыччакка холобур буолар, талааннаах ыччат, блогер Масаха Мэхээс аудио кинигэлэрин «Айар» национальнай кинигэ кыһатын «ЛитАйар» мобильнай сыһыарыытыгар булан ааҕыаххытын сөп.












