Кыыс ийэтинээн
Алтынньы 15 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ «Ыал саргыта» улуус пилотнай бырайыагын оҕо төрөөбүт тылынан ааҕарын көҕүлүүр «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин иһинэн ыытыллар «Ааҕар саха сайдам ыала» бырайыак чэрчитинэн кэлэн иһэр Ийэлэр күннэринэн “Кыыс ийэтинээн” диэн интэриэһинэй тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин маҥнайгы түһүмэҕэр киин бибилэтиэкэ цифровой отделын исписэлииһэ И. И. Бушков аныгылыы оҥоһуу өй көмөтүнэн хаартыскалары туһанан хартыына, арааһынай открыткалары оҥорорго маастар кылаас ыытта. Кэлбит ыалдьыттарга ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Е.Н.Дьячковская саҥа киирбит кинигэлэри ырытан билиһиннэрдэ. Онтон салҕыы кыргыттар ийэлэринээн «Онигири» диэн Япония национальнай аһын астаан көрдүлэр. Маастар кылааһы А.А.Сидорова көрдөрдө. Онон кэлбит ыалдьыттарбыт бэйэлэрэ оҥорбут онигириларын боруобалаан астынан тарҕастылар.






