«Кынаттаах Балбаара» кинигэ сүрэхтэниитэ

  • 09.10.2026
  • 643

Алтынньы 9 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ саалатыгар Гражданскай килбиэн хаһаайката, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы улууһун Хадаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, СӨ физическэй култууратын уонна спордун туйгуна, СӨ үлэтин бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун доруобуйатын харыстабылын бочуоттаах бэтэрээнэ Дмитриева Варвара Николаевна олорон ааспыт олоҕун туһунан «Кынаттаах Балбаара» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Бу үөрүүлээх дьаһалы бэйэтин алгыһынан саҕалаата М.П.Божедонова.

Бу кинигэ 2026 сыллаахха, Дьокуускай куоракка «Алаас» кинигэ кыһатыгар 100 экземплярынан 70*100 1/16 кээмэйдээх 334 страницалаах бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэ олус тупсаҕай көстүүлээх, хаачыстыбалаах полиграфиялаах, халыҥ тастаах. Кинигэҕэ Варвара Николаевна олоҕун, үлэтин туһунан иһирэх ахтыылар киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар диэн аннотациятыгар суруллубут.

Бу кинигэ уопсайа 6 түһүмэхтэн турар, ол курдук: маҥнайгыта – «Варя кыыс” — Варвара Николаевна оҕо эрдэҕиттэн саҕалаан улахан спортивнай олоҕун сырдатар,  иккиһэ – «Биэлсэр Балбаара” –Варвара Ивановна доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр сыл бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьүөгэлэрин, коллегаларын, салайааччыларын үрдүк сыанабылы оҥорбут истиҥ ахтыылара киирбиттэр. Үсүһэ – “Олох устун аргыстар” —  оҕо эрдэҕиттэн олоҕун устата бииргэ алтыспыт, доҕордоспут, чугастык билсибит дьонун, дьүөгэлэрин, учууталларын, биир дойдулаахтарын ахтыылара киирбиттэр. Төрдүһэ – «Аймахтар” – Варвара Николаевна аймахтарын ахтыылара, элбэх хаартысканан матырыйааллар, төрүччү тэттик таблицата оҥоһуллубут. Бэсиһэ – «Дьиэ кэргэн” – олус баай ис хоһоонноох дьиэ кэргэн олоҕун кэрэһиттэрэ буолар хаартыскалар, улахан кыыһын ахтыытыттан саҕалаан, бары оҕолорун, сиэннэрин тапталлаах ийэлэрин, эбэлэрин туһунан сырдык, үтүө өйдөбүллэрин туһунан истиҥник суруйбут ахтыылара киирбиттэр. Уонна түмүктүүр алтыс түһүмэх  —  “Дойдум миэнэ, кэрэҕин даҕаны” – Варвара Николаевна айар талаанын кэрэһэлиир айымньылара, суруйан хаалларбыт хоһоонноро киллэриллибиттэр. Кинигэни Варвара Николаевна төрөппүт улахан кыыһа Л.И.Давыдова хомуйан оҥорбут.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр ыалдьыт буолан кэлэннэр биһиги улууспутугар баһылыгынан үлэлээбит, Варвара Николаевна бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Аммосов И.Н., Хадаар нэһилиэгэр өр кэмнэргэ  баһылыгынан үлэлээбит А.А.Степанов, билиҥҥи баһылык Г.Г.Решетников, улуус спордун бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ Г.С.Платонов, П.Н.Сокольников аатынан Чурапчытааҕы балыыһа бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ А.И.Коркин, спорт бэтэрээннэрэ Дьяконов В.С, Морфунов С.С., дьүөгэтэ Филимонова Ф.П., Майаттан бииргэ төрөөбүт балта А.Н.Алексеева, быраата Н.Н.Дмитриев, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, аймах-билэ дьонноро, биир дойдулаахтара бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, махталларын, эҕэрдэлэрин тириэртилэр. Бүгүҥҥү кинигэ биһирэмин бэйэтин ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ Варвара Орлова уонна хомус дьүрүскэн тыаһынан сэргэхситтэ күтүөтэ И Ширяев. Түмүккэ Варвара Николаевна оҕолоро уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ кинигэ биһирэмигэр кыттыбыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр, кэлбит ыалдьыттарга барыларыгар саҥа кинигэлэрин бэлэхтээтилэр.

Истиҥ биэчэри иилээн-саҕалаан ыытта, кинигэни ырытта Борисов — киин сэбиэдиссэйэ  В.А.Платонова.

Добавить комментарий