Ийэ — сирдээҕи таҥара…
Ийэ диэн сылаастык манньыта –
Сүрэххэр курдаттыы сыдьаайар,
Ийэ диэн итиитик илгийэ –
Дууһаҕын үөрүүнэн толорор.
(Василий Николаев)
Дьахтар айылҕатынан ууһу салгыыр, аал уоту араҥаччылыыр, иэримэ дьиэни иччилиир аналлаах. Былыр-былыргыттан дьахтар ийэлии истиҥ тапталынан угуттаан оҕолорун, кэлэр кэнчээри ыччатын бүөбэйдээн, көрөн-харайан, иитэн-такайан, тулатыгар кэрэ эйгэни үөскэтэн, бу орто дойду уйгулаах олоҕун тутан кэллэҕэ.

Чиргэл-чэгиэн турук, чөл кут-сүр дьахтар уонна кини
дьиэ кэргэнин дьоллоох, ситиһиилээх олоҕун кэрэһитэ буолаллар.
Билиҥҥи кэм дьахтарын уобараһа — иһирэх ийэ,тапталлаах кэргэн, киэҥ билиилээх, үөрэхтээх, кэрэ сэбэрэлээх, сөбүлүүр дьарыктаах, мэлдьи сайдыыга талаһар, туох баар айар-тутар дьоҕурун арыйар, сайыннарар, үгүһү ситиһэр таптыыр идэлээх, үп харчы өттүнэн тутулуга суох киһи. Аныгы уопсастыба дьахтарга маннык ирдэбиллэри туруорарын сэргэ саҥа саҕахтары арыйарыгар, ийэ да, үлэһит да, олоххо көхтөөх кыттааччы да оруолларын тэҥҥэ тутан, олоҕу салҕааччы быһыытынан кэрэни, үтүөнү түстүүрүгэр үгүс кыаҕы биэрэр.
Чэгиэн туруктаах, чэбдик сылдьарга, үтүөнү түстүүргэ бэйэни бөҕөргөтүүгэ анаммыт кинигэлэри кытта билсиҥ

Кыыс куо, Далбар Хотун энциклопедията — бу кинигэҕэ кыыс куоҕа, Далбар Хотуттарга, дьиэ кэргэҥҥэ, оҕону иитиигэ, доруобуйаны көрүнүүгэ, үүнүүгэ-сайдыыга, үлэҕэ-хамнаска, дьиэҕэ-уокка, дьону кытта сыһыаҥҥа туһалаах сүбэлэр, ырысыаптар, маастар-кылаастар, уо.да.матырыйааллар түмүллэн киирдилэр.


Чэгиэн туруктан, чэбдик буол — Киһи бу сиргэ олорорун тухары күннэтэ үгүс моһолу көрсөр, араас тургутууну ааһар, буомнары мүччү түһэр. Онуоха этиҥ-сииниҥ күүрбүтүн, санааҥ ыйыллыбытын сатаан аһарыммат буоллахха, бу моһоллор-харгыстар барыта эн доруобуйаҕар улахан охсуулаах буолуохтарын сөп. Кэмигэр таба дьһанан ыгыллыбытын, ыгылыйбытын, аймаммытын таһаарына үөрэммит эрэ киһи хас тахсар саҥа күнү үөрэ көрсө, уһуннук, дьоллоохтук олоруон син.
Олохпун салайабын, үтүөнү түстүүбүн. — Сахалар былыр-былыргыттан киһи олоҕо санаатыттан улахан тутулуктааҕын билэллэр. Киһи ис санаатын күүһүнэн өйүн, туругун, этин-сиинин кыайа-хото хамсатар кыаҕа улаатар. Бу кинигэҕэ бэйэҕэ анаан этиллэр алгыстар — түп этиниилэр — киирдилэр.

Киһи олоҕор саамай сыаналаах-доруобуйа. Кыра эрдэхпититтэн хас биирдиибитигэр доруобуйаны ханнык да харчыга атыыласпаккын, ол гынан баран чөлүгэр түһэриэххэ, харыстыахха сөп диэн быһаарбыттар. Онон былыр-былыргыттан дьон айылҕаны, үүнээйини, кинилэр эмтиир хаачыстыбаларын ыарыыны чэпчэтэргэ, доруобуйаны бөҕөргөтөргө уонна уһун үйэлэнэргэ үөрэппиттэрэ. Норуот эмтиир ньымалара улахан үбү-харчыны эрэйбэттэр, онуоха эбии дакаастаммыт дьайыылаахтар уонна олоххо киэҥник туттуллаллар.
Саха омуга кылгас сайыннаах, тымныы кыһыннаах тыйыс айылҕалаах дойдуга олорор буолан, былыр-былыргыттан сэниэ киллэринэр, күүс-уох эбэр хоргуннаах эт миинин, хороҕор муостааҕын, сыспай сиэллээҕин үрүҥ илгэтиттэн эгэлгэ аһы, алаадьыны, лэппиэскэни тотоойутук астанан аһаан кэлбитэ. Ол эрээри олохпут балысхан сайдыытын батыһа, билигин аһыыр аспыт уларыйан иһэр. Ас-үөл эгэлгэтэ, бородуукта арааһа баар буолла. Онуоха аһылык иҥэмтэлээх-туһалаах хаачыстыбатыгар болҕойор тоҕоостоох. Минньигэс ырысыаптардаах кинигэлэри сырдатабыт.

Якутская кухня современный взгляд
Эта книга — не просто сборник рецептов, а настоящее гастрономическое путешествие по Якутии, созданное бренд-шефом ресторана национальной кухни «Тыгын Дархан» Николаем Атласовым. Книга открывает читателю секреты северной кулинарии, сочетая вековые традиции с авторским подходом и современными тенденциями. В ней представлены как классические блюда якутской кухни, так и оригинальные интерпретации, вдохновленные природой и культурой Севера.

Туһалаах уонна минньигэс үрүҥ ас
«Төрүт аскын аһыаҥ- уһун үйэлэниэҥ» диэн өркөн өйдөөхтөр өссө былыр эппиттэрэ. Ас-үөл, аһылык, аһааһын киһи аймах баай култууратын сорҕото буолар. Ол култуурабытын төһө билэбитий, күннээҕи олохпутугар төһө сөптөөхтүк туһанабытый? Өбүгэлэрбит биир сөбүлээн сиир төрүт аһылыктарынан үүттээн оҥоһуллубут араас астар буолаллара. Урукку кэмҥэ саха дьоно аһыйбыт үрүҥ аһы ордук элбэхтик аһыыр эбит. Ол эбэтэр кинилэр сылы быһа суораты, ымдааны, тары, быырпаҕы уонна кымыһы куруук аһыы, иһэ сылдьаллара.

Саха аһа аныгылыы
Саха сирин этиттэн, үүтүтүттэн, отонуттан астаныллар ас ырысыаптара тиһиллибиттэр.
Былыргы өбүгэлэрбит саҕаттан иис-күүс саха дьахтарын сүрүн дьарыга этэ. Кэлин олох сайдан истэҕин ахсын ити идэни баһылыыр дьахтар ахсаана аҕыйаан испитэ. Ол эрээри, өбүгэ ситимин тардылыга эбитэ дуу, кэлин сахалыы моһуоннаах таҥас-сап, араас киэргэл «муода» буолбута, саха таҥаһа саҥалыы тыыннаммыта. Иис кэрэ эйгэтигэр уһуйар, тардар элбэх матырыйааллаах сурунааллары кытта билсиҥ

Лоскутные идеи и затеи украшения аксессуары
Вязание в национальном стиле


Мужская национальная одежда
Кэрэ –кэрэни үөскэтэр, быстыспат ситим салҕанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр айылҕалаах.

Третий альбом выдающегося якутского модельера, заслуженного работника культуры РС(Я) Августины Николаевны Филипповой представляет собой общественный взгляд на ее концептуальные модели, которые стали образцами высокой моды и преобразили эстетическое мировидение жителей Севера.
Аныгы дьахтар олоҕу уратытык, мындырдык көрөн, сыаналаан, ийэ, кэргэн, буоларын умнубакка туран, олоҕу уһансар, кэскили түстүүр. Өскөтүн дьахтар бэйэтин ис күүһүн, кыаҕын, аналын өйүн-санаатын хоту толору арыйбыт, тууһаммыт буоллаҕына, кэрэ чэчик кэриэтэ тыллар, силигилиир, киэргэйэр, тулалыыр дьону-сэргэни дьолунан угуттуур, сырдыкка-кэрэҕэ сирдиир.