Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ сонуннарын билиһиннэрэбит
Алтынньы 14 күнүгэр И.М.Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэригэр нуучча сэбиэскэй суруйааччыта, сценариһа Юлиян Семенович Семенов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан суруйан хаалларбыт бастыҥ кинигэлэрин билиһиннэрдилэр. Салҕыы оҕолор бибилэтиэкэҕэ экскурсиялаатылар. Бибилэтиэкэ саҥардыллыбыт ис эйгэтин астыннылар, сэҥээрдилэр.
Алтынньы 15- 16 күннэригэр саҥа көлүөнэ модельнай статус ылбыт киин бибилэтиэкэҕэ Алаҕар нэһилиэгин бэтэрээннэрэ, И.М.Павлов аатынан орто оскуола 5 уонна 6 кылаастарын үөрэнээччилэрэ учуталларын кытта ыалдьыттаатылар. Саҥардыллыбыт бибилэтиэкэ киэҥ хабааннаах өҥөлөрү оҥорорун билистилэр, биһирээтилэр. Ордук мультимедийнай оборудование бибилэтиэкэҕэ кэлбит дьон интэриэстэрин тарта.
Алтынньы 15 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ Саха сирин ийэлэрин күнүн көрсө «Кыыс ийэтинээн” диэн сэргэх тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһин «Ааҕар саха сайдам ыала» бырайыак чэрчитинэн тэрилиннэ. Маҥнайгы түһүмэҕэр киин бибилэтиэкэ цифровой отделын исписэлииһэ И. И. Бушков аныгылыы оҥоһуу өй көмөтүнэн хаартыскалары туһанан хартыынаны уонна арааһынай открыткалары оҥорууга маастар кылаас ыытта. Тэрээһин кыттыылаахтарыгар ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ Е.Н.Дьячковская саҥа киирбит кинигэлэри ырытан билиһиннэрдэ. Онтон салҕыы кыргыттар ийэлэринээн «Онигири» диэн Япония национальнай аһын астыырга үөрэннилэр. Маастар кылааһы төрөппүт А.А.Сидорова ыытта.
Алтынньы 16 күнүгэр Прасковья Петровна Борисова уонна Егор Афанасьевич Борисов бииргэ төрөөбүт быраата Афанасий Афанасьевич улууска ыытыллыбыт Ийэ күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн ийэлэрин Прасковья Ильинична Борисова аатынан бириэмийэни туттардылар уонна Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥардыллыбытын интэриэһиргээн, көрөн, билсэн аастылар.
Бу нэдиэлэ устатыгар оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэктэр олохтоохторо саҥардыллыбыт модельнай бибилэтиэкэбитин интэриэһиргээн экскурсияларга сырыттылар. Саҥа оборудованиялары, робот көмөлөһөөччүнү сэҥээрэн көрдүлэр. Улууспут олохтоохторун саҥа модельнай бибилэтиэкэни кэлэн көрүн, бибилэтиэкэ өҥөтүнэн киэҥник туһанын диэн ыҥырабыт.

















