Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ сонуннара
Алтынньы 21 күнүгэр Саха Республикатын бибилэтиэкэлрин «Бииргэ Ааҕабыт» сетевой бырайыагын чэрчитинэн С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4 «б» кылааһын үөрэнээччилэригэр билии уруога буолан ааста. Оҕолорго «Дьиэ кэргэн»национальнай бырайыак чэрчитинэн атыылаһыллыбыт көрүүтэ-истиитэ кэһиллибит дьоҥҥо анаан саҥа оборудованиены билиһиннэрдилэр. Үөрэнээччилэр аудиокиганы иһиттилэр, харахтара мөлтөх дьон ааҕар улаатыннарар оборудования хайдах үлэлиирин билистилэр уонна Брайль алпабыытын көмөтүнэн тиэкиһи быһаарбыттар. Ону тэҥэ уус-уран литература геройдарын кытта билистилэр.
Алтынньы 21 күнүгэр киин бибилэтиэкэҕэ СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, байыаннай биэссэр Сорокоумова Анна Ильинична туһунан «Свет во тьме передовой” саҥа брошюра кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Алтынньы 21, 22,23 күннэригэр киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар улуу нуучча суруйааччылара Ф.М.Достоевскай төрөөбүтэ 205, А.Н.Рыбаков төрөөбүтэ 115 сылларыгар аналлаах литературнай уруоктар ыытылыннылар. Олохторун, айар үлэлэрин тустарынан бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго кэпсээн сырдаттылар. Уруоктар Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола уонна С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр ыытылыннылар. Ону таһынан Саха суруйааччыта Д.К.Сивцев- Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 120 сылынан «Суорун Омоллоон — Саха норуотун духуобуйай лиидэрэ» диэн тиэмэҕэ И.М.Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар ыытылынна.
Алтынньы 22 күнүгэр аан дойдутааҕы харахтарынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах «Үрүҥ торуоска» декадата быйылгы сылга А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы түмэл дьиэтигэр ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа бибилэтиэкэрэ В.Е.Маркова харахтарынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах бибилэтиэкэҕэ кэлбит саҥа оборудованиялары илдьэн көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Ону таһынан бэйэтэ хомуйан оҥорбут эмтээх оттон чэйинэн күндүлээтэ.
Бу күн «Мичил» уһуйаан үлэһиттэрэ бибилэтиэкэни билсэн экскурсиялаатылар уонна «Минута чтения» диэн М.Ю.Лермонтов хоһооннорун нууччалыы, сахалыы тылынан дорҕоонноохтук ааҕан көрдүлэр.
Алтынньы 23 күнүгэр С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын улахан кылаастарын оҕолоругар «Путешествие в мир каталогов и картотек» библиотечнай уруок ыытылынна.
Бу нэдиэлэ устатыгар, буоларын курдук, үгүс дьон, Чурапчы улууһун депутаттара, оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк олохтоохторо, детсадтар үлэһиттэрэ уонна иитиллээччилэрэ саҥардыллыбыт модельнай бибилэтиэкэбитин интэриэһиргээн экскурсияларга сырыттылар. Саҥа оборудованиялары, робот көмөлөһөөччүнү сэҥээрэн көрдүлэр.








































