Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ нэдиэлэтээҕи сонуннара
Алтынньы 27 күнүгэр Е.А.Борисов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ саха сирин биллиилээх блогера, урбаанньыт, ыччаты тыа хаһаайыстыбатыгар көҕүлээччи Масаха Мэхээс ыалдьыттаата. Чурапчы улууһун общественноһын, нэһилиэк олохтоохторун кытта ирэ-хоро кэпсэтэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Алтынньы 28-30 күннэригэр күһүҥҥү каникул кэмигэр оскуола оҕолоругар анаан Д.Роулинг омук суруйааччытын «Гарри Поттер» кинигэтигэр олоҕуран «Тайная комната» диэн квест оонньуу ыытылла турар. Манна оҕолор араас хосторунан кэрийэ сылдьан сорудахтары толороллор.
Нэдиэлэ устата киин бибилэтиэкэҕэ экскурсиялар ыытылыннылар. Д.Д.Красильников аатынан Мугудай, Д.П.Коркин аатынан Чурапчы спорт оскуолаларын 5,6,7 кылаастарын үөрэнээччилэрэ уонна дьиэ кэргэнинэн нэһилиэк дьоно бибилэтиэкэ саҥардыллыбыт ис эйгэтин сэҥээрэн көрдүлэр, саҥа оборудованиялары кытта билистилэр.
Алтынньы 30 күнүгэр бибилэтиэкэ уораҕайыгар нэһилиэк олохтоохторо сонун, сэргэх тэрээһиҥҥэ муһуннулар, ол курдук бүгүн «Эдэр сааспыт ырыалара» музыкальнай лотуо оонньонно. Оонньуу сааһыттан тутулуга суох араас көлүөнэ ырыаны сэргээччилэрин, музыкальнай дууүалаахтары түмтэ. Бу киэһэ кыттыылаахтара күннээҕи түбүктэн сынньанан, араас кэмнэрдээҕи уостан түспэт «хит» ырыалары ыллаатылар, викторинаҕа кытыннылар уонна ырыалары таайан саамай, саамай дьолуолаах тарбахтаах оонньуу сүрүн бирииһин уу харчынан тутта. Онон дьэ бу киэһэ ырыа-тойук, үөрүү-көтүү аргыстаах дьоллоох түгэн кыайыылаахха тосхойдо.





























