Чурапчыга саҥа көлүөнэ бибилэтиэкэтэ ааҕааччыларыгар аанын арыйда
Бүгүн , алтынньы 1 күнүгэр Е. А. Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ саҥа көлүөнэ модельнай бибилэтиэкэтин статуһун ылан үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Киин бибилэтиэкэ саҥардыллыыта «Дьиэ кэргэн» Арассыыйа национальнай бырайыагынан олоххо киирдэ. Бу бырайыагынан ааҕар дьиэҕэ өрөмүөн, ону сэргэ ааҕааччыларга аныгылыы, табыгастаах эйгэни тэрийии улахан үлэтэ ыытылынна. Бибилэтиэкэ саҥа тупсаҕай мебелинэн , аныгы көлүөнэ техникэлэринэн хааччылынна, кинигэ фондата 3 тыһ. тахса экземплярынан байытылынна. Нэһилиэнньэ дьоно-сэргэтэ бибилэтиэкэҕэ кэлэн алтыһан, аныгы цифровой технологиялары дьүөрэлээн информацияны хааччаҕа суох ылалларыгар, билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэллэригэр, бэйэлэрин дьоҕурдарын-сатабылларын сайыннаралларыгар, култуурунай-сырдатар тэрээһиннэри ыытыыга табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин муниципальнай тэриллиилэрин уонна социокултуурунай үлэҕэ салаатын салайааччыта Вера Афанасьевна Моисеева, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев уонна Егор Афанасьевич Борисов кыыһа Алена Егоровна Пестрякова кыттыыны ыллылар. Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут салалтатыгар, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтигэр, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр бу бырайыагы олоххо киллэриигэ көмөлөрүн, өйөбүллэрин иһин киин библиотека коллективын аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Саҥардыллыбыт бибилэтиэкэ оҕону , ыччаты, улууспут олохтоохторун барыларын билиигэ-көрүүгэ, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар култуура, духуобунас киинэ буолуоҕа.
Саҥа көлүөнэ бибилэтиэкэ үөрүүлээх аһыллыытын түгэннэриттэн хаартысканан репортаһы көрүҥ!

































